Егор Неймохов
Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Табыллыбатах күн
Таксист Назар Давидян хара сарсыардаттан табыллыбатах күнэ үүннэ. Гаражка кэлэн, массыынатын саҥардыы көрүнэн эрдэҕинэ, диспетчерскэйгэ ыҥырбыттара. Куруук кинини эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсөр диспетчер Светлана бүгүн тимир-тамыр курдугун тута бэлиэтээтэ, дорообото-дыраастыйа суох, кини кыайан тиийбэтэх аадырыһын квитанциятын үҥүлүтээт, быһа бааччы: «Бэҕэһээ эйиэхэ бэриллибит 6-с сакааһы тоҕо толорботуҥ? Пассажир кэлэн үҥсэ сылдьар, «такси тиийбэтэ, онон сөмөлүөттэн хааллым» диир». Назар Хатыҥ Үрэх даачатыгар пассажирдары илдьибитин, онно көлөһөтө тэстэн уларытаары мучумааннаһан хойутаабытын эҥин быһаарыах буолбута да, диспетчер хайыы-үйэ атын суоппарга хайыһан иһэн киҥинэйбитэ: «Пассажиргын кытта бэйэҥ быһаарыс…»
Назар таксопарка олбуоруттан, туохтан эрэ куотардыы, түргэнник сырылатан тахсыбыта, модун «Волгата» хас биирдии хамсаныытын имигэстик истэриттэн, бөлүүн түспүт хаар сып-сырдыгынан, ып-ырааһынан туналыйарыттан дьэ арыый сэргэхсийэ быһыытыйда, бэл, бу чэбдик салгыны эҕирийээри, аанын сэгэттэ – кутулла түспүт салгыны иҥсэлээхтик ыймахтаата, онтон сабан «лип» гыннарда. Ханныгын да иһин, бэҕэһээ сыыстарда – хаһан да киһи баҕатын ханнарыа суох хачыгырас харчы ымсыыта иэдэттэ. Билигин, дьэ, ити баар… Аны хаалбыт пассажир сөмөлүөккэ борогуонун төлөттөрүөхтэрэ, төлөттөрөллөрө да эрэбил. Республика иһигэр көтөөччү буоллаҕына, син да этэ, арай coҕypyy барыахтаах киһи буоллун? Оччоҕо, дьэ, иэдээн. Бэйэтэ балтараа мөһөөх…
Давидян бэҕэһээ сарсыарда эрдэ куорат иччитэхсийбит киин уулуссаларынан айаннаан иһэрин өйдөөтө. Орджоникидзе болуоссатыгар такси тохтобулугар икки уолу кытта икки кыыс тураллара, бэрт эрдэттэн далбаатаспыттара. Хара тирии сонноох кыыс икки илиитин бокуойа суох сапсыйа-сапсыйа, омунугар, адьас уулуссаҕа сүүрэн тахсыбыта. Aaha барыах курдук санаалааҕа да, туох имнэммитэ буолла, кыыһы аттынан көтүтэн иһэн, тоҕо туормастаабытын бэйэтэ да өйдөөбөтөҕө. Тута төрдүөн саба сырсан кэлэн, аны куотуо диэбиттии, иһирдьэ олорунан кэбиспиттэрэ. Салон иһэ сонно көрдөөх саҥаны сэргэ духуу, арыгы сытынан туолбута.
– Шеф, Хатыҥ Үрэх даачатыгар, – диэбитэ кинини кытта сэргэстэһэ олорбут кыһыл сирэйдээх багдаллыбыт уол. – Атаҕастыахпыт cyoҕa…
Массыынаҕа ыга олорбут дьону холдьохсон да туһа тахсыа суоҕун өйдөөн, итиэннэ кыргыттардаах сылдьар уолаттар үбү дэлэйдик ыскайдыылларын билэр да буолан, Назар тугу да хардарбакка, таксины төттөрү эргитэн, болуоссаты кыйа тэптэрбитэ.
Пааралар, кырдьык, «атаҕастаабат» гына төлөөбүттэрэ, ол кэнниттэн хаарга орохочуйар ыллык суолунан хаамса турбуттара.
Төннөн истэҕинэ, массыыната иҥнэс гыммыта, биир баллонун тыына тахсан хаалбыт этэ. Назар соччо уолуһуйбакка саппаас көлөһөтүн таһаарбыта уонна, багажник иһин одууласпахтаат, caҥa аллайбыта: домкратын бэҕэһээ Семка Сарычев уларсыбыта уонна төнүннэрбэтэх, бэйэтэ да умнан, төттөрү көрдөөбөтөх. Түүннэри күүлэйдиир пааралары, Семка Сарычевы, массыынатын үөхсэ-үөхсэ, киһитэ-сүөһүтэ мэлийбит даача суолугар бэрт уһуннук сыраласпыта. Тэйиччи ыал олбуоруттан уһун төһүү, ыарык, сыттык эҥин мастары аҕалтаан көлөһөтүн уларытан олордуор диэри 6-с сакааһын бириэмэтэ ааспыта. Ол да үрдүнэн Назарга, барбах да буоллар, эрэл кыыма кыламныыра – баҕар, пассажир атын тугу эмэ булан порка киирбитэ буолуо диэн. Онтуката ханна баарый… «Табыллыбатах наар аанньа» диэбиккэ дылы, бэҕэһээ киэһэ аны кэргэнэ: «Дьон бары үчүгэй кыбартыыралаахтар, биһиэхэ эрэ суох, эр киһи бyoлaaxтaaҥҥын, көлөөккүн…» – диэн быһа сулуйан таҕыстаҕа үһү. «Дьиэлэниэхпит-дьиэлэниэхпит, кыратык күүтэ түс, билигин да куһаҕаннык олорор үһүбүөт, оннооҕор бэйэбит «Волгалаахпыт» дии», – диэн кэргэнин өссө эбии сэтэрдибитэ: «Эн «Волгаҕар», бука, олорбоппут буолуо, сайын элээмэтигэр биирдэ эмэ массыыналанан ачыаһырар аата, ол бензинэ, саппаас чааһа хас да тыһыынчаны мэҥиэһиннэ ини…» – кыыһыран, кутуох-симиэх курдук буолан эрдэҕинэ, Назар сонун харбаат, таһырдьа ыстанан куоппута. Тотон өлөн ол-бу буолан эрдэҕин. Өссө «Волга» сириилээх-талыылаах. Маҥнай холбоһоллоругар холоон да хотууска этэ, биир эрэ уларыттар дьууппалааҕа. Билигин саҕынньах үөһэ саҕынньах, биһилэх үөһэ биһилэх, бэргэһэ үөһэ бэргэһэ. Ол тухары хараҕа туолбата. Аны кыбартыыраны баар гына охсуохтаах үһүбүн. Пушкин остуоруйатын эмээхсинигэр дылы…
Назар төрөөбүт сиригэр, күннээх Армениятыгар, кэлиҥҥи кэмҥэ түһээн сотору-сотору тиийэр буолла. Тоҕо эрэ уонна наар биир хартыынаны – хайалартан туман көтөн эрэрин, улаҕата-туората биллибэт Севан уҥуоруттан күн күлүмүрдүү ойон эрэрин уонна күөлгэ түһээри кубалар кылбаҥнаһа дайалларын көрөр. Оттон ону барытын доҕуһуоллуу таас хайалар хаардаах чыпчаалларыттан, улуу күөл үөһүттэн эр киһи күүстээх куолаһынан ыллыыра эҥсиллэр. Назар уһугуннаҕын ахсын: «Чэ, аны биир сыл эрэ үлэлииһибин, ол кэннэ дойдубар барыам», – дии саныыр эрээри, күнтэн күн уруккутунуу аастар ааһан иһэр. Биир эмэ чугас аймаҕа да билигин Арменияҕа суох. Ийэлээх аҕата сэрии кэнниттэн утуу-субуу өлбүттэрэ. Убайа Сурен сэриигэ ыҥырыллан барыаҕыттан ситэ сыл аҥаара aaha илигинэ «сураҕа суох сүттэ» диэн биллэрии кэлбитэ. Назар, кырдьыга, сэрии бүттэҕин утаа убайым тиийэн кэлиэ диэн эрэнэр да этэ… Күн-дьыл субуруһан бар да бар, оттон Сурен суоҕун курдук суох. Назар кэлин эрэ убайа үйэ-саас тухары ханна эрэ кыргыс толоонугар хаалбытыгар итэҕэйдэ… Убайа сэриигэ барарыгар сэттэтигэр сылдьар, ол иһин кинини үдүк-бадык өйдүүр, сулардыы бытыктаах хара киһи өрүтэ анньыалыыра түүл-бит курдук. Сурен баара буоллар, билигин ытык кырдьаҕастар кирбиилэригэр чугаһаабыт дьоһун-мааны киһи буолуох этэ…
Давидян хобдох өйдөбүллэри кыйдаары сирэйин-хараҕын ньуххаммахтаата: «Бэйи, атыны саныахха. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Сэтинньи 1 күнэ. Сотору – бырааһынньык. Дьуһуурустубаҕа бырааһынньык күн хайдах түбэһэрэ буолла. Бээрэ, пассажирбар тиийэн туох диибин? Арай дьиэҕин булбакка муна сырыттым диэтэххэ? Аадырыһын көрүөххэ, мунаах соҕус дьиэ буоллаҕына, инньэ диэн баайсан көрүөххэ дуу…» Таксист иннигэр анньыбыт, били, диспетчертэн ылбыт кумааҕытын тэнитэн: «Депутатскай уулуссата… Оо, Сайсары түгэҕэ эбит… Ол эрээри, 14-с кыбартыыра диэнинэн сылыктаатахха, икки этээстээх дьиэ буолуохтаах, адьас уулусса кытыытыгар, нүөмэрэ ырылыйан турар буолуохтаах. Оччоҕо муннум диир кыах суох…»
Такси Белинскэй уулуссанан Aппa үрдүгэр тиийдэ уонна университет кылаабынай куорпуһун иннинэн Радиоцентр диэки сылыбырайда: «Чэ, улахан иэдээн буолбатах, муҥ уһукка тиийдэххэ, балтараа мөһөөҕү да төлөнүллүө, ону, таптахха, биир-икки күн иһигэр «чэйдииргэ» бэриллэр харчынан сабыахха сөп… Билигин уоскуйуохха, барыта үчүгэй буолуо…»
Тэйиччи ипподром көһүннэ, Сайсары күөл үрдүнэн элээрдэн иһэн, суол ойоҕоһуттан, хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, соҕотохто массыына иннигэр үс-түөрт oҕo баар буола түспүттэригэр, арыычча туормастаата. Педалын туох баарынан үктээбитигэр киһи куйахатын күүрдэр тыас кыычыгыраата, муҥунан испит массыына тирэҕин булбакка халтарыҥнаан, суол кытыытынааҕы тоҥуу хаарга анньыллан тохтоото. Давидян уордайан, бүгүҥҥү туох баар кыһыытын-абатын бу орой мэниктэргэ тoҕo сүөкүүр баҕалаах массыынатын тэлэйэ анньарын кытта, оҕолор киниэхэ саба сырсан кэллилэр, долгуйан былдьасыһа-былдьасыһа саҥардылар:
– Дьээдьэ, дьээдьэ…
– Милииссийэҕэ барыаххайыҥ…
– Итиннэ түөтэни өлөрбүттэр…
Давидян оҕолор тылларыттан соҕотохто уостан, бэл, хайдах эрэ түлэс-балас буолла, «утуйа сылдьабын дуу, тугуй» диэн кымаахтаныан баҕарда, ити гынан баран, оҕолор сирэйдэрэ-харахтара турбутун көрөн саҥарда.
– Ол ханна баарый түөтэ?
– Итиннэ… – силигилии үүнэн баран хагдарыйбыт хойуу хомус үөһүн диэки ыйдылар. Назар массыынатыттан тэйэн, ыйбыт сирдэрин диэки барда. Бу оҕолор тугу-тугу этэллэрий? Ама, кырдьык үһүө… Сэрэниин-сэрэнэн үктэнэн хомус кумаламмыт сирин өҥөйдө уонна сымыһаҕын быһа ытырда – илиитин сүөргүтүк быластаан эдэркээн дьахтар иттэни сытар. Түөһүгэр баар кытархайы маҥан таҥаһынан саба бырахпыт курдук. Өссө болҕойон көрдө, кыһыл өҥнөөҕө – тэрэпиискэ буолбатах, хаан халыйбыта тоҥмута эбит. Давидян кэннинэн чугуруҥнаан иһэн сүүрэр-хаамар икки ардынан массыынатыгар барда, оҕолору бүлгүннэриттэн харбаталаан массыынаҕа анньыталаата:
– Киириҥ, түргэнник, – күөмэйэ титирэс, кэһиэҕирэн хаалбыт курдук. «Өлөрүөхсүттэр чугас кэтээн сытар буоллуннар, түргэнник, түргэнник, милииссийэҕэ…» – сытыытык кыламныыр санаа чыбырҕаччы кэйиэлиир.
«Волга» хоҥнон, орулуу түһээт, муҥ кыраайынан иннин хоту ыстанна.
Соһуччу сорудах
Силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэп прокуратура дьиэтин туруору кирилиэһинэн аллара түһэн иһэн, ааҥҥа сыһыарыллыбыт биллэриини көрөн аһарда: «Арба да, сарсын субуотунньук этэ дуу, бэйи, даачабар тахсан бараан истээх соммун аҕаллахпына сатаныыһы, – дии санаата уонна чаһытын көрдө. – Алтаны ааһан эрэр, Марианна үлэтиттэн кэлэрэ өссө чаас курдук баар, онуоха диэри эргийиэхпин сөп эбит…» – халтаҥ сонун тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, тахсар aaҥҥa чугаһаан эрдэҕинэ:
– Захар Захарович! – диэн кэнниттэн ыҥырбыттарыгар эргилиннэ – прокурор көмөлөһөөччүтэ Мальцев кирилиэс биттэҕиттэн тутуһан тиэтэйэ-саарайа түһэн эрэр. – Захар Захарович, хайа, бэҕэһээҥҥи партиябытын ситэрбэппит дуо, мин дьиэбэр ырытан, хотор барыйааны буллум дуу дии сылдьабын.
– Оо, бүгүн бириэмэм кэмчи ээ, билигин даачабар бара сылдьыахтаахпын, – Элиэнэп тоҕо эрэ эмиэ чаһытын көрүннэ итиэннэ мичээрдээтэ. – Чэ, сарсыҥҥа диэри көһөрүөххэ, тайм-аут ыларбын көҥүллээ.
Мальцев күллэ, сапсыйан кэбистэ:
– Сөбүлэһэбин, бачча хойут ол тоҕо даачалаатыҥ?
– Сарсыҥҥы субуотунньукка кэтэр таҥас-сап ылыныа этим.
– Аа, чэ, сарсыҥҥа диэри.
– Пока, – Захар Захарович уҥа илиитин күөрэс гыннарда уонна кытаанах куруһуналардаах ааны сэгэтэн таһырдьа атыллаата.
Тымныйбыт xapaҥa уулуссаҕа электричество лаампаларын уоттара сандаарсаллар. «Бырааһынньык кэнниттэн массыынаны туруоруллуо, ыал гарааһын күөнтүүр сатаммат» – Элиэнэп дипломат-суумкатын кыбынан, филиал иннинээҕи уулуссаны туораан «Север» ресторан кэтэҕэр олбуор иһигэр киирдэ. Хаһан эрэ, маҥнай бу проспекка хастыы да этээстээх дьиэлэр тутуллалларын саҕана оҥоһуллубут уонча тус-туспа хостоох, намыһах эрээри уһун таас гараж биир аанын тэлэччи аста. «Запорожеһа» күлүүһү эрийэ тутарын кытта собуоттанан бирилээтэ. Аргыый аҕай кэннинэн астаран таҕыста, гараж аанын хатаата итиэннэ проспектан Петровскай уулуссатыгар салайан айаннаан сирилэттэ. Хатыҥ Ypэx, Сэргэлээх даачаларыгар миэстэ ордубакка, аны Бүлүү суолунан сири биэрэр буолбуттара.
Захар Захарович силиэдэбэтэл буолбута ыраатта да, баччааҥҥа диэри даачаҕа эрэ кыһаллыбат этэ, кэмниэ кэнэҕэс Бүлүү суолугар даачаланан эрэр. Кырдьык, сайын үлэлээн, дэлби сылайан баран, быылынан-буорунан, таас дьиэ сыралҕана өҥүрүк куйааһынан киһини ыксатар куораттан уу чуумпу тыа быыһыгар, чэбдик салгыҥҥа үктэнэр дьикти үчүгэй буолар эбит… Бэл, бу кэмҥэ, сэтинньи ый үүннэр да, Элиэнэп даачатыгар тахса сылдьарын, таһырдьааҥҥы куукуна оһоҕун тигинэччи оттон баран, ол иннигэр ону-маны толкуйдуу олорорун олус сөбүлүүр. Оччоҕо кыра эрдэҕинэ аҕатынаан оттуулларыгар былыргы өтөххө киирэн уот оттоллорун, аҕатын хоонньугар, улаҕа сытан, хараҥа муннуктары куттана одуулаһарын өйдөөн кэлэр. Ыас хараҥаттан туох эрэ сибиэҥнээн-сарбыҥнаан тахсан эрэр курдуга, онтон дьиксинэн түүрүллэн, аҕатын кэтит көхсүгэр төбөтүн кистии анньан, суорҕан анныгар тиритиэҕинэн тиритэн кирийэн сытара.
Аны санаатахха, аҕата хорсун киһи эбит – күһүҥҥү ытыс таһынар ыас хараҥаҕа соҕотоҕун сылдьарыттан, ол-бу иччилээх-абааһылаах диэбит өтөхтөргө, дьиэлэргэ хоноруттан адьас кыһаллыбат этэ.
Сорох кырдьаҕастар, бэл, аҕатын өлүүтүн ол-бу иччилэргэ, абааһыларга күтүрүөхтүү саҥараллара да, кини оччоттон итэҕэйбэтэ. Оо, ол дьулаан күн… Хойукка диэри түүн түһээн ол күҥҥэ тиийэн хаалан бэрт эрэйи көрөн, баттатан уһуктара. Ол күн… Кини, оччолорго уончалаах эрэ уолчаан, от мунньа сылдьыбыта, аҕата элгээҥҥэ үппүт илимнэрин көрө хаалбыта. Кини биир субууну оҥорон бүтэн эрдэҕинэ, элгээн диэки дьон кэпсэтэн күллүгүрэһэргэ дылы гыммыта, онтон: «Ааа-аа-аа-а!!» – диэн ынырыктаах хаһыы иһиллибитэ уонна уу чуумпу бүрүүкээбитэ.
Уол ити алдьархай хаһыыттан эт-этэ бүтүннүү саласпыта, кыраабылын ыраах элитээт, муҥ кыраайынан күөлгэ ыстаммыта, лабаалар сирэйин сытыытык быһа охсоллоругар, дөлүһүөн хатыылара ыарыылаахтык тэһитэ кэйэллэригэр кыһаллыбакка сүүрэн маҕыйбыта, сыыр үрдүгэр кэлэн эппэҥнии турбута – күөл ортотугар умса эргийбит тыы устан дыгдаҥныыра уонна ким да суох этэ…
– Аҕаа… – аҕылыырын кыатана сатыы-сатыы, нэһиилэ төлө биэрбитэ, онтон төттөрү сүүрбүтэ, хараҕын уутун харытын сыыһынан хаһыйа-хаһыйа, аҕылыырыттан аһыйан эрэр агдакатын иһиттэн биир эрэ тылы этэн кыыкыныы-кыыкыныы, сүүрэн муҥнаммыта: «Аҕаа… Аҕаа-а… Аҕаа-аа-аа…»
Захар Захарович үөһэ тыынан кэбиспитэ. Ол күн нэһилиэгин дьоно кэлэннэр, күөлү муҥхалаан аҕатын булан таһаарбыттара, төбөтүгэр баастаах этэ, ону ууга түһэригэр уу анныгар маска охсулуннаҕа диэн быһаарбыттара. Оо, билигин эбитэ буоллар… Кытылга, бука, туох эмэ суол-иис хаалбыта буолуо ээ – ону итинниккэ түбэһэ илик дьон омуннанан үөмэхтэһэн кэлэн, барытын үлтү тэпсэн кэбиспиттэрэ. Сарсыныгар оройуон кииниттэн кэлбит милииссийэ үлэһитэ сельсовет бэрэссэдээтэлэ оҥорбут түмүгүн кытта сөбүлэспитэ: «Балыктыы сырыттаҕына, тыыта түөрэ эргийбит…»
Санаатыгар буолан, фара уотун сырдыгар суол кытыытыгар ГАИ инспектора эриэн маһынан далбаатыы турарын дьэ өйдөөн көрдө: «Чочур Мураан анныгар кэлэн эрэр эбиппин, ГАИ поһа, тоҕо тохтоттохторой?»
Элиэнэп мунаахсыйда, массыынатын бытаарта. Сайын даачаттан иһэр чааһынай массыыналаахтары харса суох тохтотон бэрэбиэркэлиир буолаллара – арыгы испит дуу, суох дуу, массыынатын туруга хайдаҕый…
Старшина эбит, чугаһаан кэлэн чиэс биэрдэ:
– Бырастыы гыныҥ, силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэпкин дуо? Баһаалыста, биһиги вагончикпытыгар киир, силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев эйигин собуоннаатын диэбитэ.
Элиэнэп дьиибэргээтэ: «Биир чаас анараа өттүгэр көрсүбүппүт дии, ол икки ардыгар туох суһал дьыалата көһүннэҕэй…» Старшинаны батыһан вагончикка киирдэ, рация аттыгар олорор младшай сержант формалаах кыыстыын кэҕис гынан дорооболосто.
– Бу – силиэдэбэтэл Элиэнэп, Хомподоевы холбоо эрэ, – диэтэ старшина кыыска.
– Хомподоев истэр, – бэркэ билэр куолаһа дуораһыйбытыгар, Захар Захарович ыйытардыы старшинаны көрдө, анарааҥҥыта, рация диэки кыҥнах гынаат, сипсийдэ: «Саҥар…»
– Бу мин, Элиэнэппин, миэхэ наадыйдыҥ дуо?
– Оо, Захар Захарович, мунньахтаары эйигин кэтэһэ олоробут, биир дьыаланы эйиэхэ биэриэхтээхпин, мааҕын көрсөрбөр этиэх буола олорон таһыччы умнан кэбиспиппин, сарсын бэйэм командировкаҕа көтөбүн, сибилигин кэл. Дьиэҕэр төлөпүөннүү сатыы олорбутум, хата, даачалаабыккын Мальцевтан истэн… Чэ, күүтэбин…
– Сөп, сотору тиийиэм…
Силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев хоһуттан күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ таҕыстылар, прокуратураҕа өр кэмҥэ силиэдэбэтэлинэн үлэлиир Харлампьевич оҕонньор Захар Захаровиһы батыһан кини кабинетыгар кииристэ:
– Сахаар, – диэтэ кини, үгэһинэн, сахалыы унаарытан. – Маҥнайгы силиэстийэ түмүгэ, өлөрүөхсүтү була охсуу түргэнэ, кэбэҕэһэ сүрдээх. Итинниги саарбаҕалыыр баҕайы. Маннык түгэҥҥэ өрүү сэрэхтээхтик, итэҕэйэр-итэҕэйбэт иккэрдинэн сыһыаннаһар куолу, – оҕонньор эдэр силиэдэбэтэл тулуйбатах-тэһийбэтэх быһыынан кэҕиҥниирин көрөн эбэн биэрдэ. – Итини бэйэҥ да бэркэ билэриҥ чахчы, мин уруккута үөрэппит оҕом буоларгынан эрэ этэбин. Бастакы силиэстийэ олус көтүмэхтик оҥоһуллубут. Өлөрүөхсүтү тута буллубут диэн уоскуйан хаалбыттар. Дьиҥэр, мунаах ыйытыылар элбэхтэр. Давыдов тоҕо, туох соруктаах итиччэ түүн Александровалыын Сайсары күөлүгэр кэллэ? Кинилэрдиин ким эмэ сылдьыспыта дуо? Хаар түүнү быһа түһэр. Суолу-ииһи симэлиппит диэн быһаарыы астыга суох. Сахаар, эн бэһис автобус суоппардарын кытта кэпсэт, өлөрүү автобус тиһэх тохтобулуттан соччо ырааҕа суох ээ. Баҕар, ким эмэ Александрованы эрдэ көрбүтэ буолуо. Бириэмэҕин өйдөө – судмедэксперт быһаарыытынан, Александрова бастакы чыыһыла үүнэр түүнүгэр сүүрбэ үс чаастан икки чаас иһигэр өлбүт, ол аата автобус сырыыта бүтэрин саҕана. Ити кэмҥэ дьон автобуска бэрт сэдэх буолааччы. Онон суоппар кинини эбэтэр Давыдовы өйдүөн сөп. Иккиһинэн, Хомподоев сөпкө этэр. Күөл чугаһыгар Александрова билэр дьоннооҕо буолаарай, ону чуолкайдаа.
Захар Захарович биир-икки тылынан быһыта охсон хардара-хардара, сөбүлэһэрин өйдөтөн кэҕилдьийэ олордо. Харлампьевич тахсыбытын кэннэ Элиэнэп сейфэттэн паапканы ылла. Харлампьевич – итинник киһи, бэрт биллэр суоллары да хат-хат лэбэйэрин, быһаара сатыырын сөбүлүүр. Ол эрээри үчүгэйи эрэ баҕаран сүбэлииргэ кыһаллан эрдэҕэ…
Иннигэр уурбут паапкатын чугаһата тарта, дьыаланы арыйталаан үрдүнэн-аннынан көрдө. «Александрова Гелена Семеновна, 1953 с. төрүөх, Салдыннааҕы олох-дьаһах комбинатын атах таҥаһын тигэр сыаҕын сэбиэдиссэйэ»… «Интэриэһинэй… саха, партията суох…» Сөөп, бу өлөрүөхсүт Давыдов Федор көрдөрүүтэ: «Алтынньы 31 күнүгэр киэһэ биэс ааһыыта ыалбыт Хамсеев миэхэ киирбитэ. Биһиги дуобаттаабыппыт, биир бытыылка буокканы испиппит, онтон Хамсеев дьиэтигэр тахсыбыта уонна кэргэниттэн кистээн бытыылка буокканы киллэрбитин дуобаттыы-дуобаттыы (өссө дуобаттаахтар ээ!) испиппит. Өссө эбинэр санаа киирбитэ. Миэхэ үс солкуобай баара, Хамсеев биэс солкуобайы эппитэ, онон маҕаһыыҥҥа бэрт тиэтэлинэн барбытым, буокка атыыланан бүтэрэ – сэттэ чаас буолара чугаһаабыт этэ. Икки буокканы ылбытым, Хамсеевтыын ону иһэ-иһэ дуобаттыы олордохпутуна, Александрова Гелена кэлбитэ, мин кинини 1971 сыллаахтан билэбин. Гелена кэлбитин үдүк-бадык өйдүүбүн. Улаханнык итирбит быһыылааҕым. Киниэхэ арыгы иһэрдэ сатыырбытын аккаастанар курдуга. Онтон Геленаны атаара бардым быһыылааҕа (быһыылааҕа!), Сайсары күөлгэ сылдьарбыт, Геленаны кууһа, ууруу сатыырым түүл-бит курдук. Онтон Гелена миигин улаханнык өһүргэттэ быһыылааҕа (быһыылааҕа!), хаһыытыы түһээт, быһаҕынан түөскэ сырбаппытым… Онтон дьиэбэр хайдах тиийбиппин билбэппин, сарсыарда милииссийэ үлэһиттэрэ кэлэн дьиэбиттэн ылбыттара…» (Тоҕо судургутай, уопсайынан, Чехов уулуссатыттан кинилэр хайдах Сайсары күөлгэ тиийэн хааллылар, икки бытыылканы соҕотоҕун испит итирик киһи, бэрдэ буоллар, автобус тохтобулугар эрэ тиэрдиэн сөбө…)
Элиэнэп аны Давыдов дьиэтигэр оҥоһуллубут дьэҥдьиир боротокуолун аахта: «… Давыдов дьиэтиттэн үс быһах көһүннэ, олортон тимирин уһуна 12 см, төрдүнэн – 2 см, ончоҕо – 0,2 см саха быһаҕа Александрованы өлөрүүгэ туһаныллыбыт буолуон сөп. Быһах судмедэксперкэ бэрилиннэ. Дьэҥдьииргэ 41 размердаах, тилэҕэ, оһо элэйбит кирзовай саппыкы көһүннэ, саппыкыга хаан таммалаабытын санатар дьэбинниҥи хараҥа бээтинэлэр бааллар…»
Аны бу судмедэксперт быһаарыыта: «Быһахха ханнык да хаан бэлиэлэрэ суохтар… Саппыкыга көстүбүт хаан бөлөҕө – В альфа (III) – өлүөхсүт Александрова хаанын бөлөҕөр сөп түбэһэр…» Кырдьык, дьэ, бу уорбалааһыны бигэргэтэр чиҥ дакаастабыл… Быһылаан тахсыбыт сирин боротокуола: «Өлүк иттэннэри сытар. Илиилэрэ быластыы быраҕыллыбыттар. Атахтарын тыылыы тэппит.
Өлүк таҥаһа: истээх хара тирии сонноох, бары тимэхтэрэ бүтүннэр эрээри, соно нэлэккэй, хоҥор өҥнөөх кримплен көстүүмнээх, иккис уонна төрдүс тимэхтэрэ төлөрүтүллүбүттэр, хаҥас өттүгэр, үһүс тимэхтэн биир сантиметр курдук үрдүккэ 2х1 сантиметр курдук ньолбуһах алдьаныы…»
Элиэнэп: «Чэ, бэйи, сарсын сиһилии…» – дии санаат, атын лииһи арыйда – өлүк хаартыскалара чугастан, тэйиччиттэн… Эмискэ силиэдэбэтэл илиитэ дьигис гынан паапканы мүччү тута сыста – хаартыскаҕа санаарҕаабыттыы саймаарыччы көрбүт, бэрт холку-номоҕон дьүһүннээх кыыс. «Александрова, Александрова…» – Захар Захарович хаартысканы көрөн туран, толкуйдаата. – «Капитолина араспаанньата эмиэ Александрова этэ дии…»
Ол хас да сыллааҕыта, Захар Захарович маҥнай үөрэҕин бүтэрдэҕин утаа этэ. Саҥардыы силиэдэбэтэллээн эрэр Элиэнэп уоппускатыгар Хара Муора кытылыгар курорка сынньаммыта. Оччолорго холостуой киһини туох тутуо баарай – санаата да бултуу, баҕарда да курорка барар кыахтааҕа. Муораҕа дуоһуйуор диэри сөтүөлээн, умсаахтаан баран, итии кумахха кэтэх тардыста сытан: «Хайаа, ити саха курдук киһи», – диэн саҥаны истээт, хараҕын аспыта – аттыгар икки кыыс турара, ууттан саҥардыы тахсан, купальниктара, үтүктүспүттүү санныларыгар тарҕата намылыппыт ньаассын баттахтара инчэҕэйэ, соһуйбут курдук кинини өгүрүк-төгүрүк көрөллөрө… Элиэнэп олоро түспүтэ уонна, төһө да сахаларын өйдөөтөр, атын туох да диэн ыйытыан билбэккэ:
– Эһиги сахаларгыт дуо? – диэбитэ.
Кыргыттар соһуйбуттара, онтон үөрэ түспүттэрэ. Билсибиттэрэ. Биирдэрэ – этиргэн, мыс курдук эттээх-сииннээх, намыһах уҥуохтаах кыыс Мила – Сунтаар оройуонуттан кэлбит, онно учууталлыыр эбит, оттон иккиһэ – кулуһун курдук көнө уҥуохтаах кырасыабай кыыс: «Капа… Капитолинабын», – диэбитэ уонна эппитэ:
– Ресторан үлэһитэбин. Оттон эн туох үлэһиккиний?
– Мин дуо? – Элиэнэп мух-мах буолан иһэн өрүһүммүтэ. – Органнарга.
– Ханнык? – аны Милата кыттыспыта. – КГБ дуо?
– Суох…
– Аа, милииссийэ буоллаҕа, – Мила, уҥа илиитин күөрэччи тутан туран, театр сценатыттан саҥарардыы бэрт дорҕоонноохтук: – Моя милиция меня бережет… – диэн эрдэҕинэ Капитолина быһа түспүтэ:
– Чэ, Мила, тохтоо, артыыстаама.
Кырдьыга, Элиэнэп кинилэри улаханнык аахайбатаҕа, онтон киэһэ кэнсиэркэ ыҥырбыттарыгар саараҥнаан баран сөбүлэспитэ – ханныгын да иһин, биир дойдулаахтара буоллахтара.
«Билигин, Гелена Александрова өлүүтүнэн сибээстээн, Капитолина эмиэ күөрэйэн кэллэ дуу? Баҕар, аймахтыы буолбатах, көннөрү биир араспаанньалаахтара дуу? Ол эрээри бокуонньук хаартыската үүт-үкчү Капитолина курдук ээ… Захар Захарович бу икки киһи хайаан да аймахтыыларын сүрэҕинэн сэрэйэ-сэрэйэ, дьыала лиистэрин арыйталаата: «Оо, ол иһин да… Бу кэллэ: «Туоһу К.С. Александрова, 1951 с. төрүөх, «Сайсары» ресторан оркестрын солистката: «Балтым Геля алтынньы 31 күнүгэр киэһэ 6 чаас саҕана мин дьиэбиттэн барбыта. Мин үлэбиттэн түүн 1 чаас саҕана бүтэн кыбартыырабар кэлбитим – Геля суоҕа. Дьүөгэлэригэр хонноҕо диэн улаханнык аахайбатаҕым, сарсыныгар кэлбэтэҕэр дьиксинэн эрдэхпинэ, киэһэ милииссийэттэн кэлбиттэрэ…»
Остуолга турар төлөпүөн эмискэччи тырылыы түстэ, Элиэнэп туруупканы ылла.
– Сахаар, хайа, хаһан кэлэҕин, – кэргэнин Марианна саҥата иһилиннэ. – Аспыт сойоору гынна, эйигин кэтэһэ олоробут.
– Билигин тиийиэм, – Захар Захарович туруупканы уурда, онтон сейфэтин аһан паапкайы ууран иһэн, тугу эрэ өйдөөн арыйда, санаарҕаабыттыы саймаарыччы көрбүт кыыс хаартыскатын сыныйан одууласта.
«Өлөрүөхсүт – Давыдов буолуо дуо? Ол эрээри силиэстийэлээһин көтүмэхтик саҕаламмыт, – дии санаата. – Ити гынан баран Давыдов көрдөрүүлэрэ да мунаахтар, «быһыылаахпын», «курдук» эҥин буолан, дьонум саараҥныахтарын саараҥнаабыттар».
Хааннаах саппыкы
Төһө да быһылаан буолбут сирин боротокуолга суруйан, хаартыскаҕа түһэрэн дьыалаҕа тикпиттэрин иһин, бэйэтэ көрдөҕүнэ эрэ сатанарын быһыытынан, Элиэнэп өлүк көстүбүт сирин үчүгэйдик чинчийэн көрдө, силиэстийэҕэ туһалыах айылаах тугу да булбата. Биир эрэ сиргэ хомус күөрэ-лаҥкы кумаламмытынан сылыктаатахха, хантан да сыһан-соһон аҕалыы уонна да атын суол-иис суоҕун быһыытынан, Александрованы чахчы күөлгэ өлөрбүт буолуохтарын сөп. Өлөрүү түүн үөһэ буолбут, оччо хойут кини манна тоҕо кэллэ? Бу диэки дьоннооҕо дуу? Давыдов көрдөрүүлэрин чуолкайдыахха… Туох-ханнык иннинэ Давыдов кимин, олоххо хайдах көрүүлэрдээҕин, төһө бэрээдэктээҕин, туох табаарыстардааҕын билиэххэ, туоһу Хамсееваны кытта кэпсэтиэххэ, ол эрэ кэнниттэн Давыдовы доппуруоска ыҥырыллыа…
Федор Давыдов ийэлээх аҕата учууталлар этэ. Бу дьон соҕотох уолларын үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ ииппиттэрэ. Кыракый Федя да дьонун наһаа таптыыра, начаалынай оскуолаҕа наар «биэс», «түөрт» сыаналары ылара. Бэһискэ үөрэнэригэр күһүн, оскуолатыттан дьиэтигэр төннөн иһэн (суоллара бэс чагда нөҥүө ааһара, биэрэстэ кэриҥнээх сири хаамаллара) бииргэ үөрэнэр ыала уолунаан Вадиктыын туохтан эрэ сылтаан иирсэн охсуспуттара. Күүһүнэн баһыйар буолан Вадигы ытаппыта, онуоха уол ытыы-ытыы, туора сүүрэн баран:
– Иитиэх уол! Иитиэх уол! Эн дьонуҥ төрүт да учуутал буолбатахтар, эн дьиҥнээх төрөппүттэриҥ бичтэр, арыгыһыттар үһү… Учууталлар ол иһин эйигин иитэ ылбыттар.
Федя кулгааҕа чуҥкунуу түспүтэ:
– Сымыйалаама!
– Кырдьык! Кырдьык! Итэҕэйбэтэххинэ, ииппит дьоҥҥуттан ыйыт…
Федя бөп-бөтүөхтэс буолан дьиэтигэр көтөн түспүтэ уонна аантан хаһыытаабыта:
– Ийээ! Мин эһиги төрөппүт оҕоҕут буолбатахпын дуо?! Эһиги миигин ииппиккит дуо?! Саҥар диибин ээ, саҥар!
Иистэнэ олорор ийэтэ тутан олорор таҥаһын мүччү туппутун, сирэйэ кубарыйан хаалбытын көрөөт, уол баччааҥҥа диэри кинини албынныы сылдьыбыттарын өйдөөбүтэ.
– Ким ону эйиэхэ кэпсээтэ? Оо, үлүгэр да буолар эбит! Һыллыый, биһиги эйиэхэ ону сокуоннай сааскын туоллаххына этиэхпит диэбиппит…
Онтон ордук Федя тугу да истибэккэ, муостаҕа охтоот, тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаабыта: барыта албын, сымыйа эбит уонна өссө «үкчү аҕаҥ курдуккун…», «Федябыт улааттаҕына биһиги суолбутун салҕаан учуутал буолуо…», «һыллыый, чыычаахпыт» дииллэрэ ээ! Санаатаҕын аайы уол өссө тэбиэһирэ-тэбиэһирэ марылаабыта, ааттаһа сатыыллара уокка арыыны куппут курдуга.
Итинтэн ыла Федя тосту уларыйбыта. Үөрэххэ кэнники сыһыллааччы, бэрээдэги кэһээччи кини буолбута, дьоно хомойбут сирэйдэрин-харахтарын көрдөҕүнэ, «Кэһэйиҥ! Кэһэйиҥ! Албынньыттар…» диэн сэтэриирэ эрээри, айылҕаттан уйан буолан, иһигэр аһынара. Ахсыс кылааһы нэһиилэ бүтэрээт, ГПТУ-га үөрэнэ куоракка киирбит эрээри, үөрэммэт да, үлэлээбэт да, сир-сир аайы баппатах икки уолу кытта табаарыстаһан арыгылыыр, охсуһууларга кыттар буолан, үөрэҕиттэн эһиллибитэ. Ол уолаттарынаан ханна түбэһиэх хонон, аһаан сылдьыбыта. Арыгылаан, харчылара эстибитигэр, баһылыктара Леха саппыкыһыт будкатын халыырга этии киллэрбитэ. Куттанарын биллэримээри, Федя сөбүлэһэ охсубута. Луомунан, быһаҕынан, сүгэнэн сэбилэнэн кытыы уулуссаҕа барыйар будкаҕа түүн үөһэ тиийбиттэрэ, Федя атахтара халыр босхо, бэйэтэ уу испит сылгылыы тип-титирэс этэ: «Бостуой кэлэммин, – диэн кэмсинэр толкуй кыламнаабыта. – Бу түргэнник бүтэ эрэ оҕустар, аны манныкка кыттар үһүбүөн…»
Хараҥаҕа хаамсан, атахтарын тыаһа сырдыргыыра, аан боробуойун Леха луомунан сыыйан кыычыгыраппыта бүтүн куорат үрдүнэн дуораһыйарга дылыта. Федя хаста да куотуон санаабыта эрээри, табаарыстарыттан толлон, кус сүрэх курдук көстүмээри, бэрт сыранан, салыбырыы-салыбырыы тулуйбута. Саппыкыһыт күннээҕи харчытын дьиэтигэр илдьэ барар быһыылааҕа – туох да суоҕа, арай остуол дьааһыгар үксэ алтан харчынан икки солкуобай курдугу булбуттара.
Сарсыныгар маҕаһыын аһыллаатын ол харчыларыгар «Солнцедар» диэн кыһыл арыгыны (Давыдов түбэһиэн иннинээҕи ити бүтэһигин испит, күлүү гыммыттыы, «Күн бэлэҕэ» диэн арыгы аатын умнубаттык өйдөөн хаалбыт) ылан таас дьиэ анныгар олорон испиттэрэ, туос аччык буоланнар, сонно холуочуйан түүҥҥү түбэлтэни киһиргии-киһиргии ахтыбыттара. Сотору арыгылара бүппүтэ.
– Өссө эбиниэҕиҥ, биир эмэ киһиттэн харчыта «уларсыаҕыҥ», – диэбитэ Лехалара, итиэннэ ымаҥныы-ымаҥныы, кнопканы баттаатахха бэйэтэ сулбу ыстанан тахсар финскэй быһаҕын көрдөрбүтэ, хайдах «уларсалларын» өйдөөн алларастаспыттара, онтон хотоойутук туттан дьиэлэрин анныттан тахсаат, маҥнай түбэһэ түспүт соломо сэлээппэлээх оҕонньору быһаҕынан тирээбиттэрэ:
– Фантомастар Дьокуускайга кэллибит. Биэс харчыта аҕал!
Оҕонньор олус куттаммыта:
– Биэриэм, биэриэм, – дии-дии уолугун сиэбиттэн үс солкуобайы салыбырас илиитинэн хостообута.
Оҕонньор куттаммытыттан эрдийэн, кини атын сиэптэрин туппахтаан көрбүттэрэ да – тугу даҕаны булбатахтара. Халаабыт киһилэриттэн тэйэн, арыгы маҕаһыынын туһаайан барбыттара, маҕаһыыҥҥа адьас чугаһаан эрдэхтэринэ, эмискэ аттыларыгар туормас тыаһа кыычыгыраабыта.
– Куотуҥ! – Леха өлөр хаһыыта иһиллибитэ.
Федя эргиллибитэ уонна айаҕын аллаччы аппытынан биир сиргэ хамсаабакка турбута. Күөх дьураалаах араҕас массыынаттан милииссийэлэр ыстанан түспүттэрэ, кэннилэриттэн били соломо сэлээппэлээх оҕонньордоро ойон тахсыбыта уонна уҥуох-тирии тарбаҕынан ыйа-ыйа, хаһыытаан чаҥкынаппыта:
– Тутуҥ, тутуҥ! Кинилэр! Фантомастар!
Үһүөннэрин быччаччы тутан ылбыттара. Силиэстийэҕэ саппыкыһыт будкатын алдьаппыттара эмиэ арыллыбыта.
Давыдов хас да сыл буолан баран хаайыыттан төннүбүтэ. Көннөрү илии-атах хара үлэттэн үлэҕэ көһөн, ким түбэһиэҕи кытта арыгылаан булкулла-тэккиллэ сылдьан Геленаны көрсүбүтэ. Бары «иһээччигин, арыгыһыккын!» диир кэмнэригэр кини «эн алкоголик буолбатаххын ээ, тоҕо күн аайы иһэҕин, туттунуоххун» диэн кыыс ис сүрэҕиттэн этэрэ ыраас халлааҥҥа ньиргийбит этиҥнии соһуппута уонна ханнык эрэ инникигэ эрэл кыымын умаппыта. Геленалыын билистэҕин утаа Федор арыгыттан кэм тардыммыта, өҥөйбөтөҕө ырааппыт театрыгар оннооҕор иккитэ-хаста сылдьыбыта, үлэтигэр да борогууллуура аччаабыта. Сарсыарда Геленаны санаабытынан уһуктар, киэһэ кинини өйдөөбүтүнэн утуйар дьикти кэрдиис кэм кыһалҕата суох оҕо сааһын дьоллоох-соргулаах күннэригэр маарынныыра. Ити эрээри кэнникинэн улам-улам кыыс ылбат-биэрбэт сыһыана кыйахыыр буолбута, биирдэ итирэн баран «иккиттэн биирин бүгүн быһаарыахха» диэн бугуһуйбут бэйэтэ эр хаанын ылынан Геленаҕа тиийбитэ. Улаханнык ииристилэр быһыылааҕа, ыһыы-хаһыы баарын өйдүүр, дьиэтигэр хайдах тиийбитин өйдөөбөт. Сарсыарда төбөтө хайа ыстаныах айылаах ыалдьан уһуктубута. Арай сып-сымнаҕас илиилэр баттаҕын имэрийэллэрэ, халтаһатын атыппыта – үрдүгэр Гелена нөрүйэн ытыы олороро.
– Хайа, Гелена? – уол кыыһы илиититтэн харбаан эрдэҕинэ, кыыс илиитин куоттарбыта уонна уу-хаар баспыт хараҕынан олус хомойо, курутуйа кинини одууласпыта.
– Бөлүүн тугу дьаабыламмыккын билэҕин дуо?
Федор сүрэҕэ ытырбахтаабыта:
– Суох…
– Истэххинэ ынырык да буолар эбиккин, эдьиийбин Капаны кырбаары тиистиҥ, «миигиттэн атыҥҥа тахсыаҥ да, өлөрүөм», – дии-дии, миигин быһаҕынан дугдуруйдуҥ. Эдьиийим наһаа кыыһырда, миигин бэйэбин да холдьоҕуох курдук уордайда. Барыта эйигиттэн, атын сиргэ көһүүһүбүн, онно үлэлиэм…
Давыдов хайдах сатыырынан кыыһы уоскута, ааттаһа сатаабыта да – туох да тахсыбатаҕа, ый курдугунан Гелена Салдыҥҥа үлэлии барбыт сураҕа иһиллибитэ. Онтон ыла Федор кинини адьаһын сүтэрбитэ, эмиэ арыгылааһын, үлэҕэ борогууллааһын хара күннэрэ саҕаламмыттара…
Күнүскү эбиэт кэмэ буолан, автобус «Сайсары» тохтобулугар, уулуссаҕа дьон элбээбит. Чехов уулуссатынааҕы ас маҕаһыыныгар киирии-тахсыы хойдубут, сэргэстэһэ арыгы атыылыыр маҕаһыын иннигэр төбүрүөннээбит түөрт-биэс уолу хараҕын кырыытынан көрө-көрө, Захар Захарович маҕаһыыннар иннилэринэн ааста: «Итинник уолаттартан киһи арааһы күүтүөн сөп. Тоҕо күнүстэри арыгылыылларый? Хонтуруолга ылан үлэлиир, олорор миэстэлэринэн иитиини күүһүрдүөххэ наада этэ. Общественность туруннар, өр гыныа баара дуо? Ол эрээри ээл-дээл дьон – уулуссаҕа киһини кырбыылларын көрбөтөх курдук туттан ааһааччылар, туох эмэ түбэлтэ тахсыбыт сириттэн туоһу буолумаары буут быстарынан куотааччылар, оо, билигин да үгүстэр! «Бэйэм ырбаахым эппэр чугас» диэн өс хоһооно этэринии олордохпутуна, буруйу оҥорооччулар син биир баар буолуохтара…»
Хараарбыт эркиннэригэр холоотоххо, түннүктэр кырааскалаах ыстаабаннара, араамалара ала-чуо көҕөрөр, уулусса диэки тимир сиэккэни тиирэ тардан оҥоһуллубут хааччах иһигэр аҕыйах олордуу хахыйахтардаах дьиэ туһаайыытыгар кэлэн силиэдэбэтэл тохтоото, хантайан маҥан лиискэ суруллубут нүөмэри көрдө: «Бу эбит Хамсеев дьиэтэ. Өлөрүү иннинээҕи арыгылааһын миэстэтин үөрэтиэххэ наада, онон манна доппуруостуур ордук…»
Кэлииккэни аста, аһаҕас эбит. Олбуор иһигэр саһааннаммыт мас, кыра дьиэ, антах, түгэххэ – кэбиһиилээх от, хотон көстөллөр.
«Син тыа сиригэр курдук» диэн саныы-саныы Захар Захарович ыһыллыбыт-тоҕуллубут маллаах-саллаах хараҥа кыараҕас күүлэни ааһан, ааны тоҥсуйаары тарбахтарын токуччу тутан илиитин өндөтөн эрдэҕинэ, халҕан бэйэтэ аһылынна, тэтэркэй имнэрдээх, суон лааһарыйбыт саас ортолоох дьахтар өҥөйдө:
– Кимиэхэ кэллиҥ?
– Дорообо, – силиэдэбэтэл соһуйан мичээрдээбитин өйдөөбөккө да хаалла. – Хамсеев баар дуо?
Дьахтар сымсатык көөһөкүс гынан, күүлэҕэ баар буолла, ааны көхсүнэн саба анньаат, дьэбир баҕайытык ыйытта:
– Киниэхэ туох наадалааххын?
– Мин силиэдэбэтэлбин, – Захар Захарович уолугун сиэбиттэн кыһыл хахтаах киниискэни таһааран көрдөрдө. – Хамсеевтыын кэпсэтэр наадалаахпын.
Дьахтар сирэйэ-хараҕа уларыйа түстэ:
– Ээй, били, Биэткэ Дабыыдап дьыалатыгар буоллаҕа, мин ити тойоҥҥо этэ сатаа: «Хаайыыттан тахсыбыт, иһээччи киһини кытта бодоруһума», – диэн, истэр кэлиэ дуо, – суулаһа сылдьан арыгылаа да арыгылаа. Ол туох аанньанан бүтүөҕэй – үнүр Дабыыдап дьахтары быһаҕынан анньан өлөрбүт диэн кэпсээн эрэллэрэ, – бокуойа суох кута-кута, дьахтар ааны сэгэтэн хаһыытаата. – Хамсыайап! Хамсыайап! Аны милииссийэттэн эйигин силиэстийэлии кэллилэр, атаһым Хамсыайап, Дабыыдаптыын арыгылыы оонньуу сылдьыбытыҥ оҕус буоллаҕа. Чэ, тойон, сытыаҥ дуо, тур. Онтон эн, табаарыс силиэдэбэтэл, киир. Дьиэ-уот мөлтөх, ол биһигинньиктэр иккиһин төрөөтөхпүтүнэ таас дьиэлэнииһибит быһыылаах…
Аан дойду аатырбыт араас боксердарын сурунаалтан кырыллыбыт өҥнөөх мэтириэттэрин, охсуһа, охто сытар түгэннэрин быһан лабах курдук сыһыарыллыбыт эркинин анныгар тиийэн, Элиэнэп остуолга олордо, кэннин хайыһа-хайыһа, ону көрөн хантаарыҥнаата:
– Бу боксаны интэриэһиргиир ким баарый? Уолгут дуу?
– Эс, суох. Хамсыайап тойон, – диэтэ онуоха дьахтар. – Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөт, ити охсуһууларынан иирэн бараары гынар. Сорох күн, тэлэбиисэргэ ити охсуһууларын көрдөрдөхтөрүнэ, түүннэри олорор, киһини да утутар суох – ыһыыта-хаһыыта, сөҕөрө-махтайара диибин диэн. Миэхэ былааһы биэрдэллэр, тэлэбиисэринэн көрдөрүөхтээҕэр буолуох, ити охсуһууларын отой бобон кэбиһиэм этэ. Уонна дьэ ыччаттарбыт охсуһаллар, иирсэллэр-баайсаллар диэхтэрэ, бэйэлэрэ үөрэтэ-үөрэтэлэр…
«Күлүбүрэтэн түһэн, саҥаран баран төннөөр диэбит түөтэлэрэ быһыылааххын» дии санаата Элиэнэп.
Түгэх хостон Стивенсон боксер уруһуйдаах футболканы тиирэ кэппит, баттаҕа кырымахтанан эрэр киппэ киһи тахсыбытыгар, Хамсеев буоллаҕа диэн сэрэйдэ: «бокс диэн баран муннукка ытаабыт киһи эбит, бэл, кэтэ сылдьар таҥастыын боксаҕа сыһыаннаах…»
Элиэнэп дьиэлээх киһи мастыы кытаанах кэтит баппаҕайын тутта: «боксаны сэҥээриэххин сэҥээрэр киһи эбиккин ээ» диэн толкуй кыламнаан ааста.
– Элиэнэп, силиэдэбэтэлбин…
– Хамсеев…
– Мин туох дьыалаҕа кэлбиппин сэрэйэр буолуохтааххын. Эн ыалыҥ уонна алтынньы отут биирис күнүгэр киэһэ бииргэ аһаабыт киһиҥ Давыдов киһини өлөрүүгэ буруйданар, онон таҥын уонна билигин Давыдов дьиэтигэр тахсыахха, кэпсэтиэхпит…
– Ычча да, онно, оттуллубакка турар тоҥ хаһаа дьиэҕэ, тоҕо таҕыстыбыт, манна кэпсэппэккэ, итиэннэ ол дьиэҕитин дьэҥдьийэн баран, милииссийэлэр бэчээттээн барбыттара…
«Манна эн сүгүн доппуруостатарыҥ биллибэт» диэн Элиэнэп санаата, итиэннэ дьахтар умайыктанарын истибэтэх курдук дьиэлээҕи тиэтэттэ:
– Чэ, тахсыахха…
Аан диэки баран эрдэҕинэ, дьахтар кэнниттэн батыһан иһэн, албыннаһардыы саҥара хаалла:
– Табаарыс силиэдэбэтэл, ити эрээри бу дьыалаҕа мин оҕонньорум чооруос тумсун да саҕа кыттыгаһа суох, кини сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас муҥнаах ээ, ол күн киһини кытта охсуһуохтааҕар буолуох, букатын атаҕар нэһиилэ уйуттар өлөр итирик киһи кэлбитэ… Анараа Дабыыдап да уол илэтигэр көнө, сайаҕас майгылаах оҕо ээ, итирдэҕинэ иирэн эрдэҕэ. Оо, аат аһа, хас-хас хаарыан бэйэлээхтэри умса уураҕын…
Ыаллыылар олбуор хаптаһынын көтүрү тардан быһа сылдьыһаллар эбит. Давыдов дьиэтин ааныгар бэчээти силиэдэбэтэл тарбаҕын төбөтүнэн бигээтэ, онтон тоҕо тарта. Күлүүһү аһан иһирдьэ киирдилэр, уорастыйбыт салгын дьар гына охсулунна. Дьиэ ортотугар хаптаһын быыһы аҥаардаан улахан халааҥка оһохтоох, ол илин өттө аһыыр сир, кэннэ – утуйар хос эбит. Куукунаҕа аҥаар атаҕа туллан эркиҥҥэ сыһыары анньыллыбыт дьоодьойбут остуол үрдүгэр, түгэх хоско утуйар таҥас төбөтүгэр чөмөччү хомуллубут оронун анныгар – кураанах бытыылкалар.
Дьиэ дьыбарсыйбыта сүрдээх, кырдьык, киһи уһуннук тулуйан олоруо суох…
– Эн боксаны сэҥээрэр быһыылааххын, ээ? – Захар Захарович куукунаҕа киирэн, санныгар саба быраҕыммыт истээх сонун кичэйэ-кичэйэ бүрүнэ тардынар.
Киһитэ боппуруос соһуччута бэрдиттэн мух-мах буолла, онтон:
– Ээ, – диэтэ.
– Мин эмиэ эдэрбэр таптыырым. Республикаҕа уолаттарга киирэн оонньоон турардаахпын – оскуолаҕа сылдьан.
– Ээй, – Хамсеев сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэргэ дылы буолла. – Хаһыс разрядтаах этигиний?
– Бастакы. Эн оонньууруҥ дуо?
– Ханнык эмэтик, биһиги саҕана сайдыы да суоҕа бэрдэ, үгэннээн үһүс разряды толороллоро…
– Оннук буолумуна. Дьэ, дьыалабытыгар киириэххэ, эн миэхэ, баһаалыста, алтынньы 31 күнүгэр Давыдовтыын хайдах аһаабыккын, тугу кэпсэппиккин сиһилии кэпсээ эрэ.
Хамсеев таптыыр боппуруоһуттан курус кэпсэтиигэ төннөн өрө тыынна уонна Давыдов силиэстийэҕэ көрдөрбүтүн үүт-үкчү кэпсээтэ.
– Александрова киниэхэ урут сылдьарын билэриҥ дуо?
– Суох.
– Кинини ити күн аан маҥнай көрдөҕүҥ дии?
– Ээ.
– Александровалаах Давыдов кыыһырсар этилэр дуо? Уопсайынан, тугу кэпсэппиттэрэй, сиһилии сэһэргээ.
– Кыыһырсыы суоҕа. Кини кэлбитигэр Федька… ээй… Давыдов кыбыстыбыт курдуга, «хаһан кэллиҥ?» диирэ. Кыыс хаһан эрэ диэбитэ да, өйдөөбөппүн. Мин ыалдьыкка диэн арыгы куппутум, ону охсуһуннарбыта эрээри, испэтэҕэ. Онтон кинилэр барбыттара, мин дьиэбэр тахсыбытым.
– Төһөҕө этэй?
– Өйдөөбөппүн.
– Уонна тугу кэпсэппиккитий?
– Умнубуппун, итирик этим.
– Давыдов дьиэтигэр ханнык быһахтардааҕын билэҕин дуо?
– Килиэп быһаҕа баара, хара уктаах. Ээ, уонна саха быһаҕа, дойдум ааттаах ууһа охсубута диэн кэпсиир буолара.
– Александрованы атаарарыгар Давыдов быһах уктубутун көрбөтөҕүҥ дуо?
– Эс, суох, тоҕо уктуой? Автобус тохтобулугар диэри эрэ атаарбыт буолуохтаах.
– Тоҕо инньэ диигин.
– Бинсээгинэн эрэ барбыта, миигин өссө «кэлиэм, күүт» диэбитэ да, эмээхсиммиттэн куттанан…
«Кырдьык да, төһөҕө тарҕаспыттарын Хамсеев кэргэниттэн ыйытыахха баар». Силиэдэбэтэл түгэх хоһу өҥөйдө, орон үрдүгэр сурунаал ойуута – Мона Лиза элэктиирдии мичээрдии олорор: «өлөрүөхсүтү мин билэбин, эн булуо суоххун, булуо суоххун» диирдии.
Элиэнэп көхсүн этиттэ, киһитигэр төттөрү эргилиннэ уонна дьаадьайбыт остуолу ыйда:
– Бу остуолга аһаатаххыт дии?
– Ээ.
– Александрова кэлбитин кэннэ ким эмэ түгэх хоско киирэ сылдьыбыта дуо?
– Өйдөөбөппүн, арааһа, суох. Бэйэм чааһым киирбэтэҕим.
– Давыдов атаҕын таҥаһа туох этэй?
– Хайдах?
– Оттон тугу кэтэ сылдьарай – хаатыҥка дуу, бачыыҥка дуу?
– Ээ, – Хамсеев өйдүү сатаан сүүһүн түрдэһиннэрдэ. – Ээй, өйдөөтүм, истээх кирзовай саппыкылаах этэ.
– Эһиги охсуспатаххыт дуо?
– Кимниин? – Хамсеев соһуйан өрө көрө түстэ.
– Давыдовтыын.
– Биһиги? Федькалыын?! Аньыы даҕаны.
– Табаарыһыҥ саппыкыта ол күн хаан буолбут этэ.
– Аа! – Хамсеев соһуччу саҥа аллайда, оройун «лас» гына охсуммутунан өндөс гынна. – Ону этэр эбиккин дии! Табаарыс силиэдэбэтэл, биири көтүппүппүн – Федька… һм… Давыдов арыгы ыларыгар охсуһан кэлбитэ. «Анаша Чернай уочаракка быһа киирээри гынна уонна миэхэ киэптээтэ, маҕаһыын иннигэр уолаттарынаан көмөлөөрү оҥостубуттара да, Анашаны муннун тоҕо оҕустум уонна куоттум» диэбитэ.
– Кимий ол – Анаша Чернай?
– Черноградскай Ананий, мантан чугас – Софронов уулуссаҕа олорор.
Элиэнэп оҕолор оонньуулларын санаата – кинилэр кистээбиттэрин булаары чугаһаттаххына, «сылаас! сылаас!» диэччилэр. Бу сырыыга оннук сылааска тиийдэ бадахтаах…
– Чэ, сөп, Хамсеев, наада буолларгын эрэ, эйигин ыҥыртарыахпыт. Бүгүн манан кэпсэтэн бүттүбүт. Бэйи, мин эн эмээхсиҥҥиттэн ыйыталаһардаахпын…
Таһырдьа таҕыстылар, уорааннаах дьиэ иһигэр холоотоххо, өссө арыый ичигэскэ дылы. Төттөрү хаамсан олбуор алдьаммытыгар нөрүйэн иһэн, Элиэнэп ыйытта:
– Эмээхсиниҥ бу аһаҕаһы хаптаһынынан тоһоҕолоон, куобах ороҕунуу тэпсибит ыллыккытын бүөлээбэт дуо?
Хамсеев эргиллибэккэ эрэ кэтит санныларын ыгдаҥнатта уонна муннун анныгар сөҥөдүйдэ:
– Оо, ол кини бүөлээбитэ диэн…
Кини этиитин бигэргэтэрдии, эмээхсинэ аймана көрүстэ:
– Бу сатана ол Биэткэлиин иннэлээх сап курдук суксуруһаллар. Этэ сатаа – тыал тыаһыныы истэллэр. Хата, ол араатардыырбыттан салҕан, бэйэм кулгааҕым сылайда. Куоракка атын сиргэ көһүөххэ баар этэ да, син биир туһа суоҕа биллэ-ээр, анараа да дойдуга баҕайылар куустуспутунан бараллар ини…
– Оҕонньоруҥ ол киэһэ төһөҕө дьиэтигэр киирбитэй?
– Ки-ким? – дьахтар саҥаран күлүмэхтэнэ туран харан ылла, онтон дьэ өрүһүнэн кутта-симнэ. – Аа, Хамсыайап дуо? Тойон аһа иннинэн-кэннинэн кэлэр гына тотон, муостаҕа таба тирэммэт киһи тоҕус диэки киирбитэ…
– Эмээхсин, түксү эрэ… – диэн Хамсеев хаана-сиинэ ыаһыран, күргүйдээн эрдэҕинэ, Элиэнэп быһа түстэ:
– Оттон Давыдов ол киэһэ төһөҕө төннүбүтүн көрбүтүҥ буолаарай?
– Тыый, көрүмүнэ. Тахса сылдьыбытым ээ, эчи, куттала да бэрт – итирик киһи дьиэтигэр уоту да түһэриэн, хотуотугар да чачайыан сөп. Эҥин-дьүһүн буолар ыраахтан үһүө?! Дьиэҕэ киирбитим. Лаампалар бары умайан күндээрии – туох ааттаах үөрүүтүн-көтүүтүн бэлиэтээн дэлбэрийбиттэрэ буолла… Дабыыдап уол оронугар кууллуу охтубут да, утуйан, муннун тыаһа бап-баччыгынас. Уотун бүтүннүү умулларан, аанын таһыттан баттатан барбытым. Сарсыарда аҕыс саҕана уолу нэһиилэ уһугуннарбытым.
– Оттон баттыгыҥ?
– Ханна барыай – атахтамматаҕына. Ол Дабыыдап уол дьиэтигэр бытыттан ордук туох кэлиэ диэн ордугургуохтарай, уоруйахтарыҥ да, бэйи, быкка-былахыга улаханнык наадыйбаттар ини…
– Киэһэ хас саҕана Давыдовка тахса сылдьыбыккын өйдүүгүн дуо?
– Бээрэ… – дьахтар толкуйдаан, мотоҕоно курдук тарбахтарын мускунна. – Ии, манна төннөн киириибэр, били, «Бириэмэ» кэнниттэн көстүбүт киинэ бүтэн эрэрэ, ол аата уон саҕана эбит…
Биологическай экспертиза түмүгэ
«Черноградскай Ананий Алексеевич хаанын бөлөҕө – В альфа (III). Өлүөхсүт Александрова хаанын бөлөҕөр сөп түбэһэр…»
Сайыҥҥы муора ахтылҕана
Захар Захарович кыһыҥҥы тымтар тымныыга тоҥон-хатан, аан туманынан будулуйар куорат уулуссатынан харбыалаһан иһэн, ардыгар сайыҥҥы муораны ахтан-санаан кэлэрэ. Пляж кырылас кумаҕар тобус-толору мустубут сөтүөлээччилэр ньамалаһаллара, күлүү-салыы, аат эрэ харата эппэҥниир күөх муора урсунугар харбыыһыттар төбөлөрө хараарыҥнаһаллара, оттон үөһэ – мэктиэтигэр, түгэҕиттэн толбоннура-толбоннура сыдьаайар киҥкиниир киэҥ халлаантан кыһыл көмүс сардаҥа охторун күлүбүрэччи саккыратар күн уотун күлүмэх сырдыга, итиэннэ сүрэҕи сүүдьүтэр, дууһаны долгутар истииҥ-истиҥ иэйиинэн таһымныыр таптал тырымнас тыллардаах ырыата кутуллар.
Кабинетын ааныгар күлүк элэс гыммытын хараҕын кырыытынан көрөөт, силиэдэбэтэл эргиллэ оҕуста – тоҥсуйуон дуу эбэтэр аһаҕас аанынан көннөрү киириэн дуу саараҥнаабыттыы, Капитолина тэпсэҥнии турар эбит, кинини көрөн мичээрдээтэ уонна иһирдьэ атыллаата:
– Дорообо, аны эн үлэҕэр көрсүһэр буоллахпыт. Биһиги үлэбитигэр дьон баҕа өттүлэринэн үөрэ-көтө сынньана кэлэллэр, оттон эйиэнигэр бу… – Капитолина сонньуйа-сонньуйа суумкатыттан бэбиэскэни таһааран көрдөрдө.
– Дорообо, дорообо! Соҥҥун уһул, олор. Оттон идэбит чааһынан эттэххэ, хайабыт да үлэтэ туһалаах буолуохтаах, – диэтэ Элиэнэп атын тугу да этиэн булбакка уонна иһигэр Капитолина кэпсэтиини хара ааныттан итинник хайысхалаабытыттан хомойо санаата, дьиҥэр, маҥнай балта өлбүтүнэн кутурҕанын биллэрэр баҕалааҕа.
– Даа, хаһан эрэ самаан сайын, Хара муора кытыла баара, оттон билигин бу – бииртэн биир охсуу… – Капитолина ытамньыйда, куруһубалаах кыра ноһубуой былаатын уһугунан хараҕын сотто-сотто, ботугураата. – Оо, балтым оҕото, Геля, Геля… Туох хара быа биһигини эккирэппит муҥай… Туох аньыыбыт-харабыт иһин…
Элиэнэп кини уоскуйарын күүтэн чочумча саҥата суох кумааҕылары арыйталыы олордо, онтон төбөтүн өндөттө:
– Бастатан туран, балтыҥ Гелена хомолтолоохтук өлбүтүнэн дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Иккиһинэн, бэйэҥ да сэрэйдэҕиҥ – бу дьыаланы мин силиэстийэлиибин, онон ыйытыыларбар дьэҥкэтик уонна чопчу эппиэттиэҥ диэн эрэнэбин. Мин баҕам, Капитолина, өлөрүөхсүтү түргэнник булуу…
– Хайдах? – дьахтар былаатын хараҕыттан арааран кинини көрө түстэ. – Оттон өлөрүөхсүт көһүннэ диэбиттэрэ дии…
– Ким? – Элиэнэп ыйыта оҕуста.
– Оттон, ити… милииссийэҕэ. Мин бара сылдьыбыппар эппиттэрэ – Давыдов Федор диэн…
– Ол – алҕас. Давыдов бу дьыалаҕа буруйа суоҕа дакаастанна диир кыахтаахпыт.
– Хайдах? – Капитолина чахчы соһуйбут көрүҥнэннэ, уу-хаар бычылыйбыт харахтара кэҥээтэ, бэйэтэ сирэйдиин уларыйарга дылы гынна. – Кини таҥаһыгар, бэл, Геля хаана таммалаабыт диэбиттэрэ дии, уонна хайдах… Ол Давыдов тойооскуну билэбин, биирдэ Геля биһиккини быһаҕынан анньаары тэлэкэчийбитэ ахан, Геля онтон сылтаан Салдыҥҥа көспүтэ.
Элиэнэп төлөпүөн тырылаабытын ылла, Марианна киэһэ «Лена» кинотеатрга киинэҕэ билиэт ылабын дуо диир.
– Ыл, – диэтэ Захар Захарович уонна туруупканы уурарыгар, бэйэтиниин кэпсэтэрдии, оргууй аҕай саҥарда: – Билигин экспертиза кыаҕа сүрдээх улахан. Холобур, хаан киһи дуу, кыыл дуу киэнэ буоларын быһаарары ааһан, эр киһи дуу, дьахтар дуу киэнэ буоларын, итиэннэ киһи этин ханнык чааһыттан тохтубутун кытта чуолкайдыахпытын сөп. Онон хатылаан оҥоһуллубут экспертиза Давыдов саппыкытыгар биһиллибит хааны эр киһи муннуттан таммалаабыт диэн түмүк оҥордо. Ону таһынан кини дьиэтигэр көстүбүт үс быһахха хаан ханнык да эттигэ да, киһи этин эбэтэр тириитин утаҕа да көстүбэтэ.
Кабинекка уу чуумпу бүрүүкээтэ, онтон кэмниэ кэнэҕэс Капитолина титирэс куолаһынан:
– Оок-сиэ, тугун сүрэй… оччоҕо кимий… ол өлөрүөхсүт?.. – диэн сипсийдэ.
– Ону билиҥҥитэ быһаара иликпит эрээри, Капитолина, итэҕэй – биһиги өлөрүү түбэлтэлэрин барытын кэриэтэ арыйабыт, онон өлөрүөхсүт син биир ханна да куотуо суоҕа, булуохпут.
– Даа? – Капитолина сэргэхсийбит көрүҥнэннэ. – Оннук эрэ буоллун, эһиэхэ олус эрэнэбин. Оттон билигин?
Захар Захарович бланканы суруйар машинкатыгар кыбытта.
– Капитолина Семеновна, туоһу быһыытынан ыйытылларгынан, РСФСР холуобунай кодексатын 181–182 ыстатыйаларынан, сымыйанан көрдөрөр түбэлтэҕэр эппиэккэ тардылларгын сэрэтэбин.
– Аата алдьархайын, – дьахтар күлбүтэ буолла. – Ол мин тугу сымыйалыамый.
– Алтынньы отут биирис күнүгэр балтыгынаан тугу гыммыккытын, сэһэргэспиккитин өссө биирдэ сиһилии, лаппыйан кэпсииргэр көрдөһөбүн. Гелена ханна эмэ барардаахпын диирэ дуо? Бу дьыалаҕа кыттыгастаах буолуо диэн эн кими эмэ уорбалыыгын дуо? Чэ, доп… кэпсэтиибитин саҕалыахха. Таак – Александрова Капитолина Семеновна…
– Ээх.
– Ханна төрөөбүккүнүй?
– Тиксиигэ.
– Аадырыһыҥ, бадаҕа, Дзержинскэй – Лермонтов ыпсыытын диэки олороҕун дии?
– Ээ, Лермонтов уулуссаҕа…
– Гелена Салдынтан хаһан кэлбитэй?
Капитолина толкуйдаан нөрүччү тутунна. Силиэдэбэтэл кини ытаан кытарбыт хараҕын, кубарыйбыт иэдэстэрин одууласта. «Оо, кыргыттар барахсаттар, – дии санаата. – Тоҕо маннык бэйэлээхтэр дьылҕалара табыллыбатый? Ыал буолбакка эрэ оҕоломмуттар, арахсыбыттар, кыыһынан кырдьыбыттар, кэргэттэрин ыарыыга-оһолго былдьаппыттар, аны холбоһон баран сутуругунан, хаһыынан кэпсэтиигэ түбэспиттэр тоҕо олус элбэхтэрий? Аан дойду кыргыттара бука бары «дьоллоохпун, ол иһин дьылҕабар махтанабын» диир кэмнэрэ хаһан кэлиэй?!»
Капитолина тарбахтарын төбөтүнэн мускуйар былаатын эмиэ хараҕар даҕайда.
– Геля уон хонуктаах командировкаҕа… Дьиэлиэн иннинэ Давыдовы көрсө барбыта, ол аата алтынньы сүүрбэ үһүс күнүгэр кэлбит эбит. Соччо-бачча ханна да сылдьыбат этэ, мин үлэбэр барарбар, ол аата киэһэ алта-сэттэ чаас диэки, тэрилтэлэри кэрийэн эҥиннээн кэлэрэ. Ол кырыыстаах күнү үнүр кэпсээбитим, өссө хатылыырбар тиийдэҕим дии – суунан, сарсыардааҥҥы аһылыкпытын аһаан баран, Гелялыын кыбартыыраттан тэҥҥэ тахсыбыппыт. Кини министерствоҕа сылдьыахтаахпын диэбитэ, мин Поярковтааҕы ас маҕаһыыныгар тиийбитим. Сымыыт атыылана турара, онно уочараттаан итиэннэ үүт, сүөгэй эҥин ылан 10 саҕана дьиэбэр тиийбитим, 12 аҥаар диэки Геля кэлбитэ, кини «дьыалабын үмүрүтэн бүтэрэн эрэбин, мантан киэһэ базаҕа барабын, онон командировка соруга ситэр» диэбитэ.
– Гелена Салдын олоҕун-дьаһаҕын комбинатыгар атах таҥаһын оҥорор сыах сэбиэдиссэйэ эбит. Дьоҥҥо быһаччы этэрбэс, бачыыҥка биэрэрин билэриҥ дуо?
– Суох.
– Оттон эйиэхэ эмиэ тугу да биэрбэтэҕэ дуо?
– Биир таба тыһа этэрбэһи харчытыгар атыылаабыта уонна суох.
Элиэнэп бэчээттии олорон туоһуну аһаҕастык, арааһа, кырдьыгынан көрдөрөр диэн санаата, итиэннэ охсорун кубулуппакка кэҕис гынна: «Салгыы истэбин…»
– Биэс саҕана киэһэ кэлбитэ, миин испиппит (биһиги, өбүгэлэрбит үгэһинэн, киэһэ эт сиэччибит) уонна чаас курдугунан эмиэ аргыстаһан тахсыбыппыт, ахсыс автобуһунан кэлэн мин автовокзал аттыгар түспүтүм, кини ааһа барбыта, онтон атыны билэҕит…
«Эмиэ мунаах суол үөскээтэ, – диэн санаата Захар Захарович туоһу көрдөрүүтүн машинкаҕа бэчээттээн табыгырата олорон. – Гелена Давыдовтарга сэттэ кэнниттэн, арааһа, аҕыс-тоҕус диэки кэлбит. Өскө алта саҕана Сайсары оройуонугар тиийбит буоллаҕына, онуоха диэри ханна сырытта?»
– Давыдовтан ураты балтыҥ Сайсарыга билэр ыаллаах этэ дуо?
– Геля дуо? Бэйи эрэ… Арба, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Винокурова Клараҕа сылдьааччы, Гоголь уулуссатыгар олорор.
«Өлөрүөхсүтү буллубут диэн бүк эрэнэн, маҥнайгы силиэстийэни олус да үрдүнэн-аннынан ыыппыттар. Ол Винокурова сыаналаах сибидиэнньэлэри биэриэн сөп, баҕар, киэһэ Давыдовтан ураты өссө ханна эмэ барыахтааҕын Гелена киниэхэ эппитэ буолуо…» – Элиэнэп бэчээттээн бүтэн каретканы муҥуругар диэри уҥа өттүгэр аста, итиэннэ машинка үрдүнэн кыыһы көрдө:
– Кими да уорбалаабаккын дуо?
– Давыдовтан ураты суох… кими да…
– Чэ, оччоҕо, Капитолина Семеновна, маны аах уонна илиитэ баттаа, – бэчээттээбитин машинкаттан төлөрүтэн дьахтарга уунна.
Александрова «тугун официальнайай» диирдии ботугураата уонна бэчээттэммити түргэн баҕайытык ааҕан элэгэлдьиттэ, илии баттаан эрилиттэ.
Захар Захарович паапканы сейфэҕэ хатаата уонна килбэлдьигэс хара тирии сонун Капитолина кэтэригэр көмөлөһө туран ыйытта:
– Капитолина, балтыҥ соно эмиэ маннык ээ, бииргэ ылбыккыт дуу?
– Мин ылбытым. Универмакка атыыланарыгар түбэһэн – иккини…
– Тугу эмэ биллэххинэ, Капитолина, кэлэ сылдьаар.
– Таҥара быыһаатын! – дьахтар саҥа аллайа түстэ уонна килбигийбиттии мичээрдээтэ. – Эһиги хонтуораҕытыгар киһи көнө сүнньүнэн үктэммэт дойдута буолуо ээ, хата, биһиэхэ сырыт – сынньана, аһыы, үҥкүүлүү.
Захар Захарович сонньуйан кэбистэ:
– Ыҥырыыҥ иһин махтанабын, ол эрээри эн балтыҥ туһунан туох эмэ сонуну биллэххинэ, биллэриэҥ этэ.
– Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Биллэн турар, биллэн турар…
ТЕЛЕФОНОГРАММА
Саха АССР прокуратурата, силиэдэбэтэл Элиэнэпкэ. Гражданка Александрова Г.С. кыбартыыратыгар сэтинньи 8 күнэ буолар түүнүгэр бэчээти алдьатан киһи киирэ сылдьыбыт. Буруйдааҕы буларга бары миэрэлэр ылылыннылар.
Салдын куорат прокуратуратын силиэдэбэтэлэ Васюков
«Олох – бу түүл»
Телеграмманы ылаат, Захар Захарович дьыаланы уталыппакка, киэһэ Салдынныырга быһаарынна. Сөмөлүөккэ билиэт үлэстэ, эбиэт кэмигэр буфекка биир ыстакаан кофены кытта бэрэски сиэн аһаабыта буолла, ол кэнниттэн кабинетыгар киирэн, Александрова дьыалатын саҥаттан арыйан барда: «Билиҥҥитэ инники хардыы, кыра да ситиһии суох… Өлөрүөхсүт Давыдов буолбатаҕа эрэ дьэҥкэрдэ. Оччоҕо кимий? Өлөрүөхсүт, сабаҕалаатахха, бииринэн, Александроваттан тыс көрдөөн баран аккаастаппыт, кинини абааһы көрөр, өстүйэр дьон буолуохтарын сөп. Онон тэрилтэтин үлэһиттэрин, табаарыстарын кытта үчүгэйдик кэпсэтиэххэ. Ким кимиэхэ хайдах сыһыаннаһарын билиэххэ. Иккиһинэн, өлөр күнүгэр сарсыарда киниэхэ төлөпүөннээбит киһи. Гелена Александрова билсэр дьонун, эйгэтин чуолкайдыахха. Кинилэр истэригэр сууттаммыт, хаайыллыбыт, буруйу оҥоруон сөптөөх киһи биир эмэ баар дуо? Үсүһүнэн, күөлгэ түбэһиэх көрсүбүт күлүгээттэри бэлиэҕэ ылыахха. Туоһулар наадалар. Тулатынааҕы ыаллары кэрийиэххэ, баҕар, ити киэһэ Александрованы көрбүттэр баар буолаайаллар? Өлүөхсүт Давыдовтан тоҕус саҕана барбыт, оччоҕо түүн үөһэ өлүөр диэри ханна, кимниин сырытта? Эмиэ туоһулар наадалар…»
Санаатыгар буолан, төлөпүөн өрө тырылыы түспүтүн маҥнай соһуйбут курдук көрдө, онтон туруупканы ылла, көхсүн этиттэ:
– Һм… Даа, истэбин.
– Захар, – Марианна үөрбүт-көппүт куолаһа чаҕаарыйда. – Син буллум ээ! Дьэ, уочарат да уочарат, арыычча… «Вооружен и очень опасен…»
– Ким?! – Элиэнэп, мэктиэтигэр, ходьох гынна, онтон дьэ өйдөөтө: – Ээ… киинэни этэҕин дуо? Сөп-сөп… Ээ, Марианна, дьүөгэҕин Дусяны илдьэ бар, мин бүгүн Салдынныыр буоллум, командировкаҕа.
– Оо, эмиэ? – кэргэнэ сибилигин аҕай үөрбүт-көппүт куолаһа уларыйда.
Захар Захарович кини сирэйин көрө олорордуу сананна – чаҕылыспыт харахтара соҕотохто курус гынан, уоһун өһөстүк ньимиппит буолуохтаах.
– Билиэт булан наһаа да үөрбүтүм, онтукам ханна баарый…
– Чэ, хайыахпытый, бырастыы гын. Аныгы сырыыга хайаан да…
– Төһө өр буолаҕын?
– Биллибэт, дьыала хайдах хаамарыттан…
– Дьиэҕэр таарыйбаккын дуо?
– Барарбар киирэн тахсыам, алтаҕа көтүөхтээхпин.
– Ол аата мин үлэбэр сырыттахпына… Чэ, үчүгэйдик сырыт, субуоннаар.
– Быыс буллахпына. Этэҥҥэ, – Элиэнэп туруупкатын уурарыгар Хомподоев таптаан туттар тылын эппитин өйдөөн мүчүйэн кэбистэ: «Ити гынан баран биһиги кэргэттэрбитигэр эрэйдээх үлэлээх дьоммут ээ. Сарсыарда тоҕустан киэһэ алтаҕа диэри күннэтэ ханна да хамсаабат, хам бааччы олорор идэлээхтэр дьиэҕэ-уокка туһалара улахана чахчы. Ол эрээри – тугу талбыккынан. Бары оһох үрдүгэр ээл-дээл сыттахпытына, ким куһаҕаны, түктэрини кытта охсуһуой, суох оҥорорго дьулуһуой?! Суох, сыыгынаан-сааҕынаан күл-көмөр буолуох кэриэтин күлүбүрэччи умайбыт ордук…»
…Элиэнэп эбиэттэн киэһэ Давыдовы аҕаларга соруйда. Батыһан киирбит милииссийэ үлэһитигэр силиэдэбэтэл тоҥхох гынна: «Тахсыаххын син». Иккиэйэҕин хаалан баран, Захар Захарович чочумча Давыдовы үөрэтэрдии көрдө. Баттаҕа арбайан, иирсэн, сирэйэ-хараҕа кытаран, дарбайан хаалбыт, таҥаһа-саба да имиллибитэ, кирэ сүрдээх. Дьиҥ иһээччи көрүҥнээх Давыдов кыбыччы көрбүт сырдык хараҕынан кабинет утары эркинин аахайбатахтыы одуулаһа олордо.
– Дьэ эрэ, билсэн кэбиһиэххэ. Мин Элиэнэп диэн силиэдэбэтэлбин. Эн Давыдов Федор Федоровичкын?
Киһитэ таас дьүлэй киһилии ибир да гыммата.
– Давыдов, мин эйигин босхолуур туһунан боппуруос туруора прокурорга киирээри олоробун. Буруйа суох эрээри, тоҕо киһини өлөрдүм диэн айаҕаламмыккыный?
Мээнэнэн көрбүт харахтара кэҥээн хааллылар, онтон бокуойа суох сүүрэлэстилэр, кэмниэ кэнэҕэс Давыдов дьэ силиэдэбэтэл диэки хайыста.
– Туох даа?!
– Истибитиҥ курдук. Сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри эйигин босхолуохтара.
Давыдов бүк түстэ, арбаллыбыт хара баттаҕа, өһөстүк чохойбут кэтэҕэ эрэ силиэдэбэтэлгэ көстөр буоллулар, онтон кэтэҕэ титирэстээн, муннун сыҥсыйан, ытаан бахсырыйан барда.
– Чэ-чэ, түксү, Давыдов, – Элиэнэп сөбүлээбэккэ сирэйин мырдыччы тутунна. – Эр киһи буоллаҕыҥ, тохтоо.
– Оо-уу, оо-уу… – Давыдов уһуутаамахтаата, сонун сиэҕинэн хараҕын дьукку анньынна. – Геля, Геля барахсан… Ол иһин да, көмүспэр, таҥарабар хайаан илиибин көтөҕүөмүй?
– Оттон өлөрбүтүм диэн тоҕо билиммиккиний?
Давыдов оннугар көннө, арбаллыбыт баттаҕын быыһынан Захар Захаровиһы уоттаммыт хараҕынан көрдө:
– Геля… Оо, Геля… Кини эрэ этэ миэхэ саамай күндүм, чугас киһим. Ол киэһэ атаспынаан дэлби арыгылаан, сарсыныгар төбөм дьап-дьалкыҥнас, сир-халлаан үллэҥнии-үллэҥнии улаатар-аччыыр, сүрэх өлөхсүйэр, тип-титирэс киһи үлэбэр тиийэн баҕыарыҥныы сырыттахпына, милииссийэ үлэһиттэрэ кэлэн тутан таһааран массыынаҕа чып гыннарбыттара уонна иккис отделениеҕа көтүтэн аҕалбыттара. Биир хоско олордубуттара, мин чараас хаптаһын быыс нөҥүө кинилэр кэпсэтэллэрин истибитим. «Ити туох киһини аҕаллыгыт?» Онуоха миигин аҕалааччы саҥата: «Александрова диэн дьахтары бөлүүн Сайсары күөлгэ быһаҕынан анньыбыттар. Онно уорбаланар…»
Итини истээт, кулгааҕым чуҥкунуу түспүтэ. «Геляны өлөрбүттэр…» диэн санааны атын солбуйбута: «Бэйэм буолаайамый?..» Милииссийэ үлэһиттэрин саҥаларын алах-былах истэбин: «Хомус быыһыгар сытар үһү…», «Халаабатахтар…», «Хара тирии сонноох, мааны баҕайы дьахтар…» Онно өйдөөтөхпүнэ, кырдьык, түүн Геляҕа хаһыытыырга дылы этим уонна, арааһа, хомуһу хачыгыраччы кэһэр быһыылаахпыт… Сатахха, биирдэ быһаҕынан далбаатаммыттаах этим. Ол иһин билиммитим, итиэннэ Геля өлбүтүттэн симмэр да түспүтүм…
– Даа, – Элиэнэп киһитин хараҕын көрө сатаата да, сүүрэлэс харахтары кыайан таба одууласпата. – Мин бу дьыаланы үөрэтээри, Давыдов, эн биографияҕын сиһилии үөрэттим. Сөхтүм уонна, Давыдов, олус бэйэмсэҕиҥ эйигин иэдэппит. Дьону хомоттоххуна, кинилэр эйигиттэн харааһыннахтарына улахан дуоһуйууну ылар эбиккин. Чэ, холобур, баардарынан-суохтарынан көрөн-харайан ииппит төрөппүттэргэр, эйигин улаатыннарбыт, оҕолообут, таптаабыт манньаларын тугунан төлөөтүҥ? «Албыннаабыттар» диэн сымыйанан сылтанан, кинилэртэн атырдьах салаатыныы арахсыбыккын, билигин өлөр өстөөхтөргүнүү саныыгын. Кэлин үлэҕэр эйиэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһа сатаабыт дьону, бэл, Геляны, кыраттан сылтаан кыыһырдыҥ да, «үтүө дьүһүммүҥ көрүҥ» диэххэ айылаах арыгылааҥҥын, араастаан дьаабыланаҥҥын кэлэтэн, тэйитэн кэбиспиккин. Киһи барыта Хамсеев курдук арыгы эрэ иһэр инниттэн эйигинниин табаарыстаһыа суоҕа. Өйдөн, Давыдов, өйдөн, эн оҕо буолбатаххын ээ! Эйигин сөбүлүү сылдьыбыт дьоҥҥун, төрөппүттэргин санаа, тоҕо кинилэр эйигиттэн хомойдулар?
Давыдов тугу да саҥарбата, сырдык харахтара сүүрэлииллэрэ бытаарда, онтон тохтоон муостаны чыпчылыйбакка одууластылар. Кэмниэ кэнэҕэс хатырбыт балларыттаҕас уостара хамсаатылар, кыратык кыыкынаан саҥарбыта нэһиилэ иһилиннэ:
– Гражданин силиэдэбэтэл, эн сүбэҥ хойутаабыт… Үтүөҕэ тиэрдиэхтээх киһим барбыта, букатыннаахтык…
Элиэнэп кыра суумкатын тутан, аҕыйах киһини батыһан Салдын аэровокзалын дьиэтигэр киирэрин кытта, үрдүк уҥуохтаах, саар-тэгил Васюков мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Свердловскайдааҕы юридическай институкка Элиэнэп бүтэрэр сылыгар Васюков үөрэнэ киирбитэ. Атын-атын куурус устудьуоннара, оччолорго төһө да бодоруспаталлар, кэлин бэрт үчүгэйдик көрсүһэллэр, ол сиэринэн киһитэ эмиэ айхаллыы тоһуйда: