© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019
© Клара Ксенофонтова, 2019
ОҔО АЙМАХХА ЭҔЭРДЭ
Саҥа киһи кэлбитинэн
«Саҥа киһи күн сирин…»
«Орто дойду ыалыгар…»
Төрөөбүт күҥҥүнэн Биир сааскынан
Түөрт сааскынан
Аҕыс сааскынан
Уол оҕоҕо
Кыыс Куоҕа
16 сааскынан
Оҕо көмүскэлин күнүнэн
«Оҕо баар буолан күн күлэр…»
Оҕо баар буолан күн күлэр,
Оҕо баар буолан сир симэнэр,
Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,
Оҕо баар буолан олох салҕанар.
Оҕо чаҕаархай күлүүтүнэн күммүт саҕаланар,
Оҕолор тустарыгар ийэ-аҕа долгуйар.
Оҕо туһугар олохпут салҕанар,
Оҕо көмүскэлин күнүнэн!
«Эргиллибэт ойор күннээх…»
Уһуйааны бүтэрбиккинэн
Күндү оҕобут!
Дьокуускай куораттааҕы «Кэскил» уһуйааныттан оскуолаҕа атаарар үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Саҥа, ураты эйгэҕэ үгүс-элбэх доҕоттордонуоҥ, араас дьиктини билиэҥ диэн эрэнэбит. Сайдыылаах өйдөөх-санаалаах, үтүө сиэрдээх-майгылаах чөл киһи буола улаат. Эн тускар олус кыһаллар төрөппүттэриҥ, иитээччилэриҥ үтүө баҕа санаалара туола турдун! Хас биирдии күнүҥ саҥаттан саҥаны арыйан, үрдүккэ, үтүөҕэ, билиигэ тардыһыыга ананнын!
«Кэскил» уһуйаан иитээччилэрэ
Оскуолаҕа киирбиккинэн
«Көмүс дуйдаах күһүннүүн…»
«Үөрэх суола тыргыллар…»
«Сонуну, саҥаны биллэрээри…»
«Көмүс күһүн угуйда…»
Тиһэх чуораанынан, ситии-хотуу аттестатын ылбыккынан
«Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн…»
«Уорсуйар улуу байҕал…»
«Бүтэһик чуораан чугдаарар…»
ДЬОРО КҮННЭРГЭ
Үбүлүөйдэргэ
Биэс уон саас…
Эр киһиэхэ 50 сааһынан
Физика учууталыгар 60 сааһынан
Эйигин өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Ханнык да идэҕэ дьоҕуру аан бастаан учуутал арыйар» диэн этии олохтооҕо эн айымньылаахтык үлэлиир үтүө холобургуттан көстөр. Ол курдук ыччаты физика предметин таптыырга, ураты үлүһүйүүгэ сирдээтиҥ, айдыҥ-туттуҥ, киэҥ дуолга көччөх гынан көтүттүҥ. Үөрэнээччилэриҥ норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Россия араас таһымнаах күрэхтэрин призёрдара, дипломаннара буолан, кыайыы кынаттанан, өрөгөй көтөллөнөн, оскуоланы инники күөҥҥэ таһаардылар. Физическэй кылаас оҕолоро лиссиэйи ситиһиилээхтик бүтэрэн, Россия араас муннугар үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол иһин үөрүүбүт үс төгүл үрдүүр, инникитин да үтүөнү-кэрэни көһүтэр эрэлбит күүһүрэр.
«Учуутал – дууһа инженерэ» дииллэр. Ол тэҥэ үөрэнээччилэргэр чиҥ билиини биэрэриҥ сэргэ киһи быһыытынан сахалыы сиэрдээх майгылаах, илиилэрин ыһыктыбакка үлэлиир дьоҕурдаах буолан тахсалларыгар сыраҕынсылбаҕын уураҕын. Баҕарабыт бүгүҥҥүҥ курдук эдэрдии эрчимнээх, уҕараабат уохтаах буоларгар! Дьиэ кэргэҥҥэр сырдык ыраас халлааны, чөл туругу! Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун!
Күн күбэй ийэҕэ, эбэҕэ 70 сааһынан
Ыал ийэтэ дьиэ оһоҕор тэҥнээх, кини өрүү сылааһынан илгийэр, куһаҕантан араҥаччылыыр. Ол тэҥэ эн истиҥ сыһыаҥҥынан, үтүө майгыгынан, уҕараабат көмөҕүнэн биһигини олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитиҥ: үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообутуҥ.
70 сааһынан
(Леонид Попов)
Далбар хотуҥҥа, математика
учууталыгар
Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, олоҕуҥ биир бэлиэ күнүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Учуутал… Бу сүдү ааты-суолу баҕалаах эрэ барыта сүкпэтин, дьиҥ бэриниилээх, оҕо аймаҕы ис сүрэҕиттэн таптыыр, киниэхэ олоҕун бүтүннүү аныыр эрэ уйаҕас дууһалаах киһи баһылыырын билэбит. Ыччаты иитии-үөрэтии курдук уустук идэҕэ үрдүк үөрэҕи бүтэриэххиттэн, сыраҕын-сылбаҕын ууран туран, биир тэрилтэҕэ күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьаргыттан үөрэбит. Оскуолабыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтиппит, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэтин-хамнаһын атаҕар туруорсубут, иилээн-саҕалаан салайсыбыт дьонтон биирдэстэрэ буолаҕын. Урукку уонна билиҥҥи оскуола иитиллээччилэрэ математика курдук уустук предмети дэгиттэр баһылаан, араас үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, айатута сылдьалларыгар кырата суох кыһамньыгын уурбутуҥ. Үгүс үөрэнээччиҥ, билии эрэ биэрэринэн муҥурдаммакка, олох бары эрииригэр-мускууругар бэлэмнээх буоларга уһуйаргын, ону тус холобургунан көрдөрөргүн үтүө тылларынан ахталлар. Оскуола үлэтин бары ымпык-чымпык өрүттэрин быһаарыы, материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүү уустук боппуруостарыгар тиийэ сүбэлиириҥ-амалыырыҥ таһынан барытыгар тэҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьарыҥ – хайҕаллаах дьыала.
Бу үөрүүлээх күҥҥэр истиҥ-эйэҕэс ийэ, бэриниилээх кэргэн буоларгын бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Киэҥ-холку майгыҥ, сааскылыы сайаҕас сыһыаныҥ дьиҥ чахчы саха дьахтарын чаҕылхай уобараһын кэрэһилиир. Итиинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар Иэйэхсит хотуҥҥа тэҥниибит, эйигинэн киэн туттабыт.
Өрүүтүн бүгүҥҥүҥ курдук үөрүүҥ үрдүү, санаабытыҥ сатана, туппутуҥ тупса турдун! Киил мас курдук чиргэл доруобуйалан, инникитин даҕаны үлүскэн үлэҥ үтүө түмүгэ сүргэҕин көтөхтүн, саргыгын салайдын! Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Группа ыстаарыһатыгар, Далбар хотуҥҥа
Күндүтүк саныыр чугас киһибит, группабыт ийэлээтэр ийэтэ!
Эйиэхэ – күн тэҥэ саныыр, сүгүрүйэр, бастыҥ холобур оҥостор тапталлаах ыстаарыһабытыгар, мындыр сүбэһиппитигэр, саха маанылаах Далбар Хотунугар – олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, дьоһун-мааны үбүлүөйгүнэн үлүскэннээх үөрүүбүтүн, эйэҕэстэй эҕэрдэбитин сахалыы сайаҕастык тиэрдэбит, урааҥхайдыы уруйдааммыт этэбит!
Эн биһиэхэ аан маҥнай университет боруогун атыллаан киирбит күммүтүттэн күн бүгүнүгэр диэри үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэр чугас доҕорбут буоларгынан киэн туттабыт. Талан ылбыт идэҕинэн үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик, дьаныардаахтык, айымньылаахтык үлэлээн, сөҕүмэр чыпчааллары дабайбыккыттан олус үөрэбит. Эн өссө устудьуоннуур сылларгыттан Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутаат үрдүк аатын сүгэн, эдэр ыччат интэриэһин туруулаһан көмүскээбитиҥ, онон бүтүн үрдүк үөрэх кыһатын, историко-филологическай факультет суон дурдатын, халыҥ хаххатын кэриэтэ этиҥ. Маны сэргэ эҥкилэ суох куруук туйгун эрэ сыанаҕа үөрэммитиҥ күн бүгүнүгэр диэри үтүө холобур, кэрэ кэпсээн буолар.
Биһиги кыыспыт быһаарбатах дьыалата, кыайбата диэн, арааһа, суох да быһыылаах: кини ылсыбыт дьыалата куруук ситиһиини эрэ аҕалар. Бу үтүө холобурунан Валентина Григорьевна саха улуу суруйааччыта, чулуу уола А. И. Софронов-Алампа сырдык аатын үйэтитэр үгүс ахсааннаах кинигэни бэчээттэппитэ, филологическай наука кандидата буолбута ааттаныан сөп. Кини үлэлээбитэ-хамсаабыта манан бүппэт, муҥур уһуга суох. Ол курдук «Бичик» кыһатыгар таһаартарбыт кинигэтин ахсаана омуна суох элбэҕин сэргэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалыыр остуол кинигэтигэр кубулуйда.
«Ыал – ийэтинэн» дииллэр. Ол тэҥэ эн дьиэ кэргэҥҥэр асчыт мааныта, тапталлаах кэргэн, истиҥ ийэ буоларгын билэбит. Олоҕуҥ аргыһыныын Степан Яковлевичтыын үс бэртээхэй оҕону иитэн, киһи-хара гынныгыт, кинилэр эһиги тэлбит суолгутунан тыл үөрэхтээҕэ, техникаҕа сыстаҕас дьон буолан, үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан биһиги эмиэ тэҥҥэ үөрсэбит.
Күндү кыыспыт, туллар тутаахпыт, кэрэ киһибит! Олоҕуҥ орто омурҕанынан, бу өрөгөйдөөх күҥҥүнэн, алгыс баһын сыалаатахпыт буоллун! Саха тиит маһыныы чиргэл доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эдэр, кыраһыабай сылдьаргар баҕарабыт! Айар-тутар аартыгыҥ аана тэлэччи арылыннын, ыарахаттартан чаҕыйбакка, өссө өрө бар, инниҥ диэки дьүккүй! Чугас дьонуҥ, үөрэппит-такайбыт ыччатыҥ үөрүүгүн үксэтэ, өрөгөйгүн үрдэтэ турдуннар!
Тэрилтэ бэтэрээн үлэһитигэр
Эйигин 75 сааскын туолар кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн эйиэхэ баҕа санаа баһаамын барҕалыырбытын, алгыс баһын сыалыырбытын көҥүллээ!
Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин сынньалаҥҥа да олордоргун кэлэ-бара сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан, биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Киһи, төһө өр үлэлиириттэн тутулуга суох, убанар-убаммат, ылынар-ылыммат дьонноох буолар. Оттон биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитиҥ тухары эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан, дириҥ толкуйуҥ эдэр дьон уустук кэмнэригэр ыллыктаах санааны угара саарбаҕа суох. Бука барыбыт өйүгэр-санаатыгар умнуллубат кэрэ өйдөбүллэри хааллардыҥ.
Олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын мүччү көтөр модун санааҥ уҕараабакка өрүү, бу бүгүҥҥүҥ курдук, инники хардыылыы тур! Ыарыы
ыалласпатын, тумуу тумуннун, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ үөрүүгүн үксэтэ, саргыгын салайса турдуннар!
Ыал буолбут үбүлүөйгүтүнэн
Дьоллоох дьоро күҥҥүтүнэн! Үөрүүгүтүн, хомолтоҕутун тэҥҥэ үллэстэн, куруук эйэлээх, бэриниилээх дьиэ кэргэн буолуҥ! Кулуннаах биэ, саптаах иннэ курдук өрүү бииргэ үөрэ-көтө илигирэһэ сылдьыҥ! Үчүгэй өрүккүтүн сайыннарсыҥ, өйдүүн-санаалыын биир буолуҥ! Хараххытынан хайҕаһыҥ, сүрэххитинэн сөбүлэһиҥ!
Кыһыл көмүс сыбаайбанан
Күндүтүк саныыр ытык-мааны дьоммутун «Ийэ буолуу килбиэнэ» мэтээл хаһаайката Надежда Семеновна, Саха АССР, РСФСР, ССРС Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Кинематографиятын туйгуна, СӨ Бочуоттаах землеустроителэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Гаврильевич Беляевтары кыһыл көмүс уруугут күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу күн саҥаттан ыал буолбут кэриэтэ сананыҥ, эһиги иннигитигэр олох кустук араас өҥүнэн оонньуурун умнумаҥ. Алта оҕону үөрэхтээх, үлэһит оҥорон, сиэннэргитин, хос сиэннэргитин киһи бэрдэ гынарга дьулуһаҕыт, көхсүгүтүн көннөрбөккө үлэлиигит. Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар.
Сибэккинэн симэммит, өрүү өлгөм үүнээйилээх тэлгэһэҕит хараҕы манньытар, сүрэҕи сылаанньытар. Нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар араас тэрээһинигэр кыттыыгыт, көхтөөх олоххут, эдэрдии эрчимҥит, чөл туруккут биһигини үөрдэр. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, кырдьыы кыттыспатын, чэмэлкэй күн, үөрүү, дьол, оҕо чаҕаархай күлүүтэ тулалаатын! Сэттэ уоҥҥутугар диэри сиэттиһэ, аҕыс уоҥҥутугар диэри ахтыһа, тоҕус уоҥҥутугар диэри тоҕоноххутуттан тутуһа сылдьыҥ!