Е.С. Иринцеева-Огдо
Таптыыбын… Шёпот сердца…
«Айар ыллыкпыт» ыыра кэҥээтин!
Күндү ааҕааччы, Эн илиигэр ураты кинигэни туттуҥ. Соҕотох киһи айан таһаарбыт айымньыта буолбакка, араас саастаах, эгэлгэ дьарыктаах дьон улаатан эрэр оҕо ааҕарыгар сөптөөх диэн анаан суруйбута тустаах куонкуруска кыайан, талыллан, биһирэнэн бу манна тиһилиннэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2015 сылга, Литература сылын бэлиэтээн туран, итиэннэ 2016 сыл тохсунньу 6 күнүгэр норуоппут сүдү киһитэ, өркөн өйдөөҕө, улуу Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө «Айар ыллык» диэн оҕоҕо аналлаах айымньыны суруйууга сабыылаах улахан күрэҕи тэрийэн ыытта.
Оҕоҕо аналлаах хаһыат-сурунаал тахсар кыһатын бу өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска СӨ Бэчээккэ департамена өйөөтө, «Биир ньыгыл Россия» Бүтүн Россиятааҕы политическай партия Саха сиринээҕи салаата үбүнэн-харчынан бириэмийэҕэ көмөлөстө. Оттон «Бичик» национальнай кинигэ кыґата бу кинигэни таһаарарга төһүү күүс буолбутугар махталбыт муҥура биллибэт.
«Айар ыллык» сабыылаах куонкурус нууччалыы, сахалыы тылларынан, сэһэн, кэпсээн, остуоруйа көрүҥнэрин тус-туспа тутан, ыытылынна. Онно өрөспүүбүлүкэ 24 улууһуттан, нэһилиэгиттэн 94 ааптар кытынна. Итинтэн сахалыы тылынан күрэххэ 75, нууччалыытыгар 19 үлэ киирдэ.
Куонкурус быйылгы уратыта диэн уран тыл умсулҕаныгар балачча элбэх оҕо кыттыбыта үөрдэр. Остуоруйа, кэпсээн курдук дьоһун жанрдарга ылсан, 9-тан 16-гар диэри саастаах 10 оҕо кытынна. Өссө соһуччута баар, кинилэртэн алтата Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ.
Айар кут эмискэ уһугуннаҕына чахчы соһутар. Онон бу кинигэҕэ киирбит ааптардарбыт үгүстэрэ урут хаһан даҕаны сурукка-бичиккэ холоммотох эрээрилэр, чахчы үчүгэй таһымнаах айымньылары оҕо аймахха бэлэхтээбиттэригэр махтанабыт. Сырдыкка угуйар ыраас тыыннаах, олоххо тиксэр араас күчүмэҕэйтэн чаҕыйбакка, сөптөөх суолу ыччат сатаан тобулар буола иитиллэригэр бу айымньылар ис хоһоонноро уот харахха сөп түбэһэр. Олор аахпыты анааран, ылыммыты ырытан, ырааҕы кыраҕыттан кыраҕытык көрөргө үөрэтэллэр.
Күргүөмүнэн, кылааһынан, түөлбэнэн, аймаҕынан мустан бииргэ ааҕан баран, табыгастаах өттүн көрөн, туһаныахтара, саҥаттан саҥа санаалары саҕыахтара диэн эрэнэбит!
Анатолий Гоголев,
СӨ «Амма Аччыгыйа аатынан
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата» ГАТ дириэктэрэ
Оксана Гаврильева-Айсана (I миэстэ)
Олох оонньуута
Үүт тураан сайыҥҥы нусхал киэhэ. Киирэн эрэр күн саhарҕата, бүгүҥҥү күннээҕи үлэбин барытын дьэ бүтэрдим диэбиттии, уоскуйан, дуоhуйан, налыччы халлаан арҕаа өттүгэр тилийэ кыыhар.
Түптэ күөх буруотугар бигэнэн, ыаммыт ынахтар, көхсүлэрин иhигэр «пуус» гынан тыынан кэбиhэ-кэбиhэ, кэбинэн кирдиргэтэллэр.
Дэриэбинэҕэ саҥа-иҥэ аҕыйаабыт, кэлии-барыы тохтообут, тыас-уус намыраабыт. Арай ханна эрэ оройуон кииниттэн кэлэр оптуобус бүтэhик сырыыта буолан, төттөрү төннөрүгэр тиэтэйэн, тиҥкир-таҥкыр айаннатан иһэрэ иhиллэн ааhар.
Дьон күннээҕи түбүктэн босхолонон, киэhээҥҥи аhылыктарын тото-хана аhаан, утуйуох иннинэ суунар-тараанар, тыын ылар, ааспыт күнү ырытыhар, кэлэр күнү былаанныыр кэмнэрэ.
Уурбут-туппут курдук дьып-дьап тупсаҕай оҥоhуулаах Баhылайаптар тиэргэннэригэр эмиэ уу чуумпу. Дьиэ кирилиэhигэр күнү быhа күн уотугар сыламнаабыт куоска киэhээҥҥи өлүү үүтүн иhэн, иһэ тотон, илиилэрин-атахтарын саланан, ыраастана олорор. Тэйиччи илин атахтарыгар төбөтүн кыҥначчы уурунан, дьиэ харабыла, Баатыр сүрэҕэлдьээбиттии, ситэ кириллэ илик уҥуоҕун тиниктиэх ба±айы дуу, суох дуу диэбиттии, оҥой-соҥой көрө сытар.
Хаhаайыннар, Кэтириинэлээх Бүөтүр, утуйуох иннинэ, сөрүүкүү таарыйа, дьиэлэрин иннигэр баар ыскамыайкаҕа буолары-буолбаты кэпсэтэ олороллор. Киэhэ аайы итинник олороллорун астыналлар аҕай. Дэриэбинэ иhинээҕи сонуну түөрэ тэбээн, сарсыҥҥы күҥҥэ туох «тоҕута көтүллүөхтээҕин» быhааран тириилэрин тэниттиэхтэрэ, онтон, күн мыраан кэннигэр саhыыта, «уу, бириэмэ ырааппыт, утуйа охсуох» диэн буолуо, иккиэн эйэ дэмнээхтик ороннорун булан, утуйан бырылатыахтара.
Бүгүн да ол үгэс кэhиллибэтэ. Киэhээҥҥи астарын иҥэринэ түһээт, били олбохторугар тахсан олордулар. Кыыстара Вера верандаҕа аhаабыт иhити хомуйан тилигириир-талыгырыыр. Дьүөгэлэрин кытта хаамса бараары ыксал бөҕө. Эбэлэрэ сыппыта ыраатта, кини эрдэ сытар, эрдэ турар үгэстээх.
– Хатыай, аргыый тилигирээ эрэ! Биир да иhити ордорумаары гынна! – Кэтириис, мөҕүттүбүтэ буола-буола, былаатынан көлөhүнүн соттор. Киирэн эрэр күн саhарҕатын одуулуу олорон эригэр эргиллэр:
– Доҕоор, отуҥ үлэтэ улахана бүттэ дии. Сарсын Вера биhиккини Балаҕаннаах өтөҕөр быраҕан биэрбэккин ээ? Дьэдьэннээн көрүллүө этэ. Дьахталлар күн аайы суксуруhуу бөҕө. Дьэдьэни кыайдылар быhыылаах. Уйбаан Огдоото бэҕэhээ туох баар дьонун хомуйан, аҕыйах кэм иһигэр биир биэдэрэлээх киирбит диэтилэр…
– Оо, барахсаттар! Ол 3 киилэлээх оҕо биэдэрэтин 10-наах биэдэрэ курдук кэпсээтэхтэрэ ээ. Ол ыы-кырбас биэстээх-алталаах уу ньыдьыраан аармыйата хомуйбута диэхтээн, – Бүөтүр мас сыыhынан тииhин быыhын анньына-анньына күлэн күһүгүрэтэр.
– Ити кэннэ кэпсээн абыран! Эйиэнэ барыта киhиттэн таhынан… Уонна кыhын барыанньа сиэн дэлбэрийэргэр атын буолуоІ!
– Сөп, сөп! Быраҕыллыа, тугу гынаргыт баарай? Таарыйа Хомустааҕым күрүөтүн тутан кэбиhиэм этэ, сылгы үөрэ була илигинэ.
– Хата, инньэ диэ.
Өссө тугу быhаарсабыт диэбиттии саҥата суох өр олорбохтоотулар.
Ити кэмҥэ тиэргэҥҥэ киирэр олбуор аана кыыкынаан аhыллара иhилиннэ. Чуумпура сыппыт Баатыр ойон тураат, үрэн баргыйа-баргыйа, аан диэки ыстанна.
– Чот! Бу ыт киhини сиэри гынна?! Киэр буол!.. Бачча хойут киммитин аҕалла? – Кэтириинэ чарапчылана-чарапчылана аан диэки кыҥастаста.
Аан айаҕар уhун курбуу уҥуохтаах, аҥаар санныгар үрүсээк сүгэhэрдээх эдэр уол киириэхчэ буола-буола, ыттан куттанан, аантан тутуhан турар.
– Васильевтар манна олороллор дуо? – диэн хаhыытаан ыйытта.
– Манна, манна! Киир, киир! Ити ыт ытырбат, хаhаайымсыйбыта буолар! – Бүөтүр туран, ытын дьарыйа-дьарыйа, уолга утары барда, Кэтириис, билиэн-көрүөн баҕата баппакка, сыыhа-халты үктэнэн кэнниттэн түhүстэ.
– Дорооболоруҥ! – уол иhирдьэ атыллаата, Бүөтүргэ илиитин уунна. Эр дьон кытаанахтык илии тутустулар. Уол тургутардыы Кэтириистээх Бүөтүрү хардары-таары көрдө уонна:
– Мин Дьулус Баhылайап диэммин, – диэтэ.
– Хайаларын оҕото эбитиҥ буолла? Хараҕым сөбүлүү көрөр да билимээри турабын, – диэн Кэтириис саарбахтаабыттыы унаарытта.
Уол дириҥник үөhэ тыынна уонна, аны истиэхтэрэ суоҕа диэбиттии, өрүсүһэн биир тыынынан кутан кэбистэ:
– Мин Пётр Игнатьевич оҕото үһүбүн. Миигин ийэм аҕаҕын булаар диэбитэ, ол иhин кэллим!
– Туох даа?.. – Кэтириис истибитин итэҕэйбэккэ саҥа аллайда. Кэргэнин диэки саҥардыы көрбүттүү чыпчылыҥнаата, харда эрэйэрдии эргичиҥнээтэ.
Бүөтүр соhуйан кэтэҕин тарбанна, кэлиэх-барыах сирин билбэтэхтии, биир сиргэ тэпсэҥнээтэ, тоҕо эрэ нэлэккэйдэммит ырбаахытын кичэллээхтик үөһэттэн аллаарааҥҥа диэки тимэхтэнэн кэбистэ, тылыттан матта…
Төhө өр маннык даллаhан туруохтара эбитэ буолла, верандаттан Вера кыыс өрө умайыктаммыт саҥата табыгаhа суох чуумпуну аймаата:
– Маама, тоҕо тураҕыт?! Крыловтар козалара хаппыыстаны сиэн эрэр!
Саҥата суох, кылгас кэм иһигэр биир сиргэ дөйөн турбут дьон, чиҥ хамаанданы истибиттии, аны оҕуруот диэки ыстаннылар.
Эдэр-эдэр курдук, Дьулус уол күрүө үрдүнэн көтөн, коза аттыгар биирдэ баар буола түстэ. Тугу гыныан билбэккэ, козаны икки аҥыы муоhуттан харбаан аан диэки соһооччу буолла. Коза соhуйан, бээҕиниии түhээт, хара күүһүнэн уолу муоhунан силэйэн олордьу анньан кэбистэ. Тилэх баттаhа сүүрэн кэлбит Кэтириистээх Бүөтүр ый-хай бөҕөтүн түһэрэн, оҕуруоттан козаларын үүрэн таhаардылар.
Дьукку астарбыт илиитин имэринэ-имэринэ, Дьулус туран кэллэ, эргим-ургум көрдө.
Хаhан Бүөтүр бүтэйи бүөлүөр диэри Кэтириис уол аттыгар кэллэ:
– Уу, сатана сүөһүтэ сорбутун сордоон да эрэр. Хата улаханнык тыыппатах быhыылаах. Хайыа, эн илиигин быhа түстүҥ дуо? Ыл, көрдөр эрэ. Маннык гыннаххына ыалдьар да? Суох да? Тостуу суох быhыылаах. Чэ, хата, халымыр соҕус эбит. Барыах, сууйан баран дьуоттаан кэбиhиэхпит.
Ийэтэ билбэт уолун батыhыннаран киирбититтэн Вера соhуйан тэрбэччи көрдө.
– Вера, аптечканы булан аҕал уонна чэйдэ тарт.
– Һа, билигин эрэ аhаан бүттүбүт буолбат дуо? – дьүөгэлэригэр ойоору турар Вера аҥаар түүппүлэтин кэтэн булумахтанарын быыhыгар соґуйан саІа аллайда.
– Тиэтэй! – ийэтэ, утарылаhар туhата суоҕун биллэрэн, куолаhын сонотто.
Вера били күөх оту тосту үктээбэт, мэлдьи күлэн мыччыста сылдьар ийэтин саҥата кытааппытыттан туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыала тахсыбытын өйдөөтө, түүппүлэлэрин турута тэбиэлээт, аптечка көрдүү ыстанна. Ити бириэмэҕэ аҕалара киирэн, остуол биир уhугар саҥата суох олорунан кэбистэ. Кэтириис Вера аҕалбыт аптечкатын хаhан, водород суурадаhынынан уол илиитин бааhын сууйда, дьуоттаан кэбистэ:
– Чэ, сыбаайбаланыаххар диэри оhуо… – диэтэ уонна, илиитин суунаат, иhит бэлэмнии сылдьар кыыhыгар көмөлөспүтүнэн барда.
Дьулус турбут сиригэр хамсаабакка балайда турда, хайдах эрэ табыгаhа суох балаһыанньаҕа түбэспит курдук сананна. Олорунан кэбиhиэн – кини манна хаhаайын буолбатах, тахсан баран хаалыан – сыал-сорук гынан кэлбит дьыалатын хайаан даҕаны тиhэҕэр тиэртэҕинэ табыллар курдук.
Уол сирэйэ куhаҕан буолбутун көрөн, Вера ааhан иhэн уол үрүсээгин хап гынан ылла, аҕатын утары олоппоско «олор» диэн имнэннэ, үрүсээги илдьэн таҥас ыйыырга ыйаан кэбистэ. Дьулус илиилэрин, ханна гыныаҕын билбэккэ, нэлэІнэттэ уонна ыйбыт олоппосторугар олороругар тиийдэ.
Кэмниэ кэнэҕэс бары оннуларын булан олордулар, ол тухары саҥа-иҥэ суох. Ким да саҥарбатыттан бэркиhээн эбитэ дуу, дьаhайар санаатын батарбакка дуу Кэтириис бастакынан тыл ыhыгынна:
– Хайа, айан киhитэ, сылайбытыҥ буолуо?! Итиитэ киллэрин уонна оттон… туох сыаллаах-соруктаах кэлбиккин тоҕо тэбээн кэбис!
Уол иэдэстэриттэн саҕалаан сыыйа кулгаахтарыгар тиийэ кытар гынна, сыпсырыйбыт чэйин тыастаахтык ыйыстан кылк гыннарда, чааскытын төттөрү ууран, илиитин холбуу тутунна уонна тарбахтарын имитэ-имитэ, быhыта-орута кэпсээбитинэн барда:
– Мин Дьулус Васильев диэммин. Мединститукка иккис кууруска үөрэнэбин. Ол иннинэ медколледжы бүтэрбитим. Ийэбинэн Бүлүүбүн. Кини бу саас суох буолаахтаабыта, тиһэх көрсүһүүбүтүгэр хайаан да аҕаҕын булаар диэн тылбын ылбыта уонна маны биэрээр диэбитэ… – Дьулус ырбаахытын сиэбиттэн кумааҕыга сууламмыты ылан Бүөтүргэ уунна.
Бүөтүр тоҕо эрэ илиитин утары ууммата, буруйдаммыттыы умса көрдө, илиитин остуол анныгар симтэ.
Дьулус илиитэ салгыҥҥа ыйанан хаалла, төттөрү тардыах курдук буолан эрдэҕинэ, Вера эhэ тардан ылла уонна харса суох аhан хачыгыратан барда. Дьулус, былдьаhыахча буолан иhэн, сапсыйан кэбистэ, буолар буоллун диэбиттии олоппоhугар сэниэтэ суохтук төттөрү олордо.
Вера кумааҕыттан бастаан оҕону көтөҕөн олорор дьахтар хаартыскатын ороон таhаарда:
– Ыы, быллайа-быллайа, бу эн дуо? Эп-эмис эбиккин дии? Оттон бу ийэҥ дуо? Отой кырасаабысса эбит дии, суhуоҕа уhуну-ун! Уой, бу кимий? Аҕаа дии… Эдэр баҕайы, куударалаахпын диир. Маама, бу, көр! – Вера хаартыскалары ийэтигэр үҥүлүттэ, бэйэтэ суругу тэнитэн ааҕан барда:
«Күндү Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар көрдөhөбүн! Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим…»
Тугу да саҥарбакка истэн олорбут Кэтириис кыыhыттан суругу хаба тардан ылла, тутан олорбут хаартыскаларын холбуу тутаат, эригэр куду аста уонна кыыhын харытыттан харбаан ылаат, дэллэритэн илдьэн таhырдьа таһаарда, кэнниттэн түүппүлэлэрин кыыратта уонна:
– Эн бар, күүлэйдээн кэл! – диэн хаhыытаата.
– Ханна-а? – Вера барыан баҕарбатын биллэриэхчэ буолбутун ийэтэ хараҕынан кынчыатаан, саҥарыахтааҕар саҥарбатах оҥордо. Вера, кэннин хайыhа-хайыhа, олбуор диэки дайбаата, уулуссаҕа тахсан өр күүттэрбит дьүөгэлэрин кытта аймалаhан, саҥаларын дорҕооно ыраатан, сүтэн хаалла.
Кэтириинэ дьиэҕэ киирэн, дьонугар эбии чэйдэрин толорон биэрдэ:
– Эhиги ыксаабакка, наллаан олорон кэпсэтиҥ! Мин тэпилииссэбэр уу кутарбын умнубуппун. Уонна онтон да атын түбүк элбэх. Бүөтүр, ыалдьыккар чэйин кутан биэрэн иhээр, – диэт, сибэкки ойуулаах халаатын тэллэҕэ тэлээрэн, олбуор устун дайдара турда.
Эр дьон бэйэлэрэ эрэ олорон хааллылар. Дьулус чэйигэр саахар куппутун бэрт өр булкуйа олордо: «Таах сибиэ кэлэн дуу?.. Аҕам, ээ, Бүөтүр, сөбүлээбэтэ быhыылаах… Тоҕо да саҥаран быстыбата буолла? Кэргэнэ, хата, өйдөөх дьахтар быhыылаах, хаhыытаан-ыhыытаан, үүрэн-үтүрүйэн көрсүбэтэ. Киhилии бэрэбээскилээтэ, чэйдэттэ эҥин… Хата, кыыстара сытыы киhи быһыылаах, саҥаран-иҥэрэн, кэлэн-баран… Итинник балтылаах киhи барытыгар бииргэ сылдьыллыа этэ, көмөлөсүһэн, ардыгар мөккүһэн… Олох чуҥкуйуохтара суоҕа эбитэ буолуо…»
Бүөтүр биэрбит кумааҕыларын барытын бобуччу тутан олорбохтоото, онтон хараҕа хаартыскаҕа иҥиннэ, сүрэҕэ мөҕүл гынна, эмискэччи тиҥиргэччи тэбиэлээн барда: «Маайыс барахсан! Суhуоҕа субуллан, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн… Таптыыр да этэ… Кини лыҥкыначчы күлэрин истээри үс биэрэстэ тэйиччи сиргэ, күн аайы оттуур ходуһатыгар, тэппит атаҕын көннөрбөккө эрэ тэбэн кэлэрэ. Тапталлааҕын кытта дуоhуйа күүлэйдээн, күн тахсарын бииргэ көрсөн баран төннөөччү. Дьоллоох да кэмнэр этилэр… Бу орто дойдуга кинилэртэн ордук дьоллоох, таптыыр, таптаhар дьон суоҕа… Биир түүн этиҥнээх ардахха баттатан, кэбиhиилээх от анныгар хонон турардаахтара. Ньылбы сытыйбыт таҥастарын киэр илгэн, иккиэн кыбыстыбыттыы, бастаан көхсүлэринэн сыстан сыппыттара, онтон саҥата суох эргиллэн, уос уостара бэйэ-бэйэлэригэр сыстыбытын билбэккэ да хаалбыттара… Сарсыарда иккиэн дьоллоох баҕайы дьон куустуhан, өр уураhан арахсыбыттара.
Субуота күн Бүөккэ биригэдьиириттэн көҥүллэтэн, ытыар диэри ыга киэргэнэн, ийэтин батыhыннаран, Маайыс дьонугар Уордаахаптарга кэргэн кэпсэтэ тиийбитэ. Ийэтэ барахсан, тугу эрэ этиэн баҕарарын биллэрэрдии, сотору-сотору өрө тыынарын да аахайбатаҕа. Долгуйара оччо дии санаабыта.
Дьиэҕэ киирбиттэрэ – дьиэлээхтэр бары чэйдии олороллоро. Ким да кинилэр диэки хайыhан көрбөтөҕө. Арай Маайыс ытаабыт-соҥообут сирэйдээх нэhиилэ Бүөтүр диэки кылап гына көрөн ылбыта. Бүөтүр туох наадалааҕын этээри, иһиттэн саҥатын ыган таhааран эрдэҕинэ, дьэбин уоhуйбут сирэйдээх Маайыс аҕата күргүйдээн тоҕо барбыта:
– Хонууттан булуллубут, ыт сиэмэтэ! Мин соҕотох кыыспын холооннооҕум диэн тэҥнэhээри кэлэн турбут буола-буола! Киэр буол! Икки харахпар көстүмэ!
– Туохтаахпын диэн миигин кытта уруурҕаhаары чарапачыстыҥ, хотон холоҥсото! – диэн, аны бэйэтэ сэрэнэн илибириии турар, кини ийэтин барахсаны кэлэн түҥнэритэ анньыалаабыта. Бүөтүр хараҕа хараҥарарга дылы буолбута, тыына кылгыы түспүтэ… Хайдах ити түгэҥҥэ бэйэтиттэн үс төгүл улахан киhини түҥнэри саайбытын өйдөөбөт…
Хаhыы-ыhыы, аймалҕан быыhынан Бүөтүр ийэтиниин таhырдьа анньыллыбыттара. Маайыс кинилэр кэннилэриттэн батыhан сүүрэн эрдэҕинэ, чугас турар убайа суhуоҕуттан сулбу сөрөөн, дьиэҕэ соhон киллэрбитэ.
– Көрдөөбүккүтүн ыллыгыт дуо? Аны кэлэ сорунаарыҥ эрэ! Уолаттар тыыҥҥытын иhиллиэхтэрэ, – диэн сыыбырҕаабыта ийэлэрэ буолуохсут.
Киhиттэн киhи атаҕастанара диэн баар эбит олус кыhыылаах-абалаах суол! Бүөтүр хаста да өрүскэ киирэн дагдайбат гына умсан хаалыан баҕарталаабыта да, ийэтэ эрэйдээҕи санаан, тохтообута. Ийэтэ барахсан тугу да саҥараахтаабатаҕа, уолун тула хачыгырайарын уураппатаҕа. Отой да охтон хаалыах киhи, оҕом туhа диэн санаатын күүhүнэн уйутта сылдьыбыта.
Ити үлүгэри дэриэбинэ хобороонньолоро сыыска-буорга түhэрбэтэхтэрэ. Ситими ситимҥэ тиhэн, тылы тылга холбоон, остуол ыаhаҕа, ыстыыр ыас оҥостубуттара. Били, үөр ыт биир мөлтөххө саба түhэрин курдук, бары саба түспүттэрэ, көмүскэhэр биир да киhи көстүбэтэҕэ. Нэһилиэк ытыктанар бас-көс киһитин дьиэтигэр киирэн кырбаатылар, үөхтүлэр диэн 24 чааhы эрэ биэрбиттэрэ.
Хайыахтарай, дьиэлэрин дуомун түннүгүн туора-маары саайбыта буолаат, сарсыарда күн тахсыан иннинэ, кимтэн эрэ күрээн эрэрдии, олбуордарыттан тахсан барбыттара. Дэриэбинэ саҕатыгар тиийэн ийэтэ эргиллэн бырастыылаhаары гыммытын, Бүөтүр эргилиннэрбэтэҕэ:
– Түөн да саҕа кыра үтүө санаа иҥмэтэх сириттэн баран эрэбит, ийээ! Эргиллимэ! Куhаҕаны батыhыннарыма! – диэт, ийэтин санныттан сэмээр өйөөн, иннин диэки дэллэритэн илдьэ бара турбута.
Аара суолга биир тоҕойго тохтоон сынньаммыттара. Ийэтэ барахсан, үгэhинэн, сиригэр алаадьы уурбута, уолун хатаҕалыы сатаабыта. Онно Бүөтүр ийэтин икки илиитин ыга тутан, ньилбэгэр умса түһэрэн, кыра эрдэҕинэ оҕону кытта боруоктаhан кэлэн баран ытыырын курдук, уйа-хайа суох ытаабыта. Ийэ барахсан санна ибигирээн тэҥҥэ саҥата суох ытаспыта, уолун төбөтүн, саннын уоскуйуор диэри имэрийээхтээбитэ.
Онтон аргыый саҥа таhаарбыта:
– Тоойуом, Бүөтүккэ, көр эрэ, күммүт сандаара таҕыста. Көр, көр, тулаҕын. Эчи кэрэтиин!
Бүөтүр уу-хаар баспыт хараҕынан тулатын көрүммүтэ: чахчы да айылҕа уhуктан, тула өттүлэрэ сырдаан, барыта күлүмүрдээн, араас өҥүнэн ыhыахтана оонньуурга дылы этэ.
– Чыычаах, хараҥа түүн кэнниттэн Орто дойду араҥаччыта буолбут аламай маҥан күн хайаан да тахсар. Ол курдук куhаҕан эмиэ, төһө да ыар буоллар, түүн курдук ааhар. Эн санааҕар куhаҕаны тутума, иэстэhиэм, өлөрүөм, өһүөннүөм дии саныы сырыттаххына, киhи буолбакка, кии буолуоҥ, оттон үтүөҕэ, сырдыкка эрэ дьулуhар киhи мэлдьи ыраас санаалаах буолар. Таҥара баар, барытын көрөр, барытын тэҥниэ. Мин оҕом тулуурдаах саха саарына буолуо! – хаhан да итиччэ элбэҕи саҥарбатах ийэтэ эппититтэн-тыыммытыттан Бүөтүр чахчы да соhуйбута.
Ийэтин сүүhүттэн сыллаан ылбыта уонна кууhан олорон: «Ийэм барахсаны аны хаhан да хомотуом суоҕа, кини туhугар үлэлиэм, олоруом, тугу барытын ситиhиэм!» – диэн бэйэтигэр андаҕайбыта.
Син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан куораты булан, арыт олбуор иһин харбаан, арыт тутууга оробуочайдаан, кэлин суоппардаан, ону ааһан өссө кэтэхтэн үөрэнэн, тыа хаhаайыстыбатын объектарын тутууга тос курдук тойон буола үүммүтэ. Барыны бары сатыыра, барыны бары кыайара, ол эрээри кэргэннэнэр туhунан биирдэ да толкуйдаабатаҕа. Саар тэгил уҥуохтаах, куудара баттахтаах, ис киирбэх саха саарынын ымсыыра көрөөччү кэрэ аҥаар элбэх этэ да, киhилэрэ дьилэй эттээх, тоҥ сүрэхтээх буолан биэрбитэ. Куоракка олоруохтарын, ийэтэ тыа сирин ахтара бэрдиттэн, бу илин эҥээри булан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үлэтин билэр, сөбүлүүр, сирдэрбэт. «Биhиги Кынаачайабыспыт» аҕай дэтэн сылдьар.
Урукку олоҕо түүл буолан умнуллубута, хаhан да ахтыллыбата. Уонна дьэ бу бүгүн, этиІ эппитин курдук, Уордаахаптар сыдьааннара кини боруогун атыллаатаҕа үһү!
– Араспанньаҥ тоҕо Уордаахап буолбатаҕый?
Эмискэ ыйытыыттан Дьулус соhуйан ходьох гынна.
– Ээ… Эн мин эhэбин билэҕин дуо?
– Билэр этим… Хаhан эрэ, эн сааскар сылдьан дуу, өссө эдэрим эбитэ дуу… Дьэ, хата хайаан Уордаахап сиэнин мин курдук киhийдэххэ көҥүллээн ыытта?
– Эhэбин мин билбэппин ээ. Өлбүтэ ыраатта, мин кыра эрдэхпинэ, өйдөөбөппүн. Эбэни эмиэ өйдөөбөппүн. Ийэм миигин кинилэргэ хаhан да илдьибэтэҕэ.
– Хантан тугу да өйдөөбөт киhи баар буола түстүҥ, ээ?! – Бүөтүр, бэйэтиттэн ыйытарын эбэтэр уолтан ыйытарын билбэккэ, саҥатын ыган таhаарда уонна сурукка умса түстэ.
«Күндү Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар көрдөhөбүн! Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим… Петя, туох да диэ, баҕар үөх, баҕар кыраа… Мин сүрэхпэр таптал уотун сахпыт, ол уотунан угуттаан өр сылларга олох олорорго күүс-уох биэрбит – эн эрэ. Эйигин таптыырым күүhүнэн өссө да олох олоруом, оҕобун атаҕар туруоруом эбитэ буолуо да, Дьылҕа Хаан кытаанах: куhаҕан ыарыыга ылларан баран эрэбин. Ол иhин бу сурук суруйарга сананным. Өйдүүбүн, мин дьонум эhигини дьон аатыттан аhарбыттарын кэннэ эйигиттэн тугу да көрдөhөр кыаҕым да, быраабым да суоҕун… Ол эрээри итэҕэйэбин, эрэнэбин бу көрдөhүүбүн быhа гыныа суоҕа диэн. Бу сыллар тухары кимиэхэ да эппэккэ, соҕотох бэйэм биэбэйдээн улаатыннарбыт уолум – эн биhикки тапталбыт туоhута. Бу суругу тиксэрбит оҕо – ол эн уолуҥ! Дьахтар буолбут үрдүк ааппар биир оҕону таптыыр киhибиттэн төрөттөҕүм. Дьолум диэн ол буоллаҕа! Атаҕар турарыгар, киhи буоларыгар көмөлөс дуу, дурда-хахха буол! Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн. Турар бэйэтэ соҕотох хаалаахтаата. Анараа дьону кытта билиhиннэрбэтэҕим, кинилэр даҕаны аата-суола барбыт кыыстарын кытта ыксалаhыахтарын баҕарбатахтара. Аҕам өлөөтүн кытта уолаттар, иhэн-аhаан, муспут баайын-дуолун ый ыhыаҕа оҥорбуттара. Ийэм тулуhа сатаан баран, куоракка киирэн миэхэ олорсоору гынан иhэн, ыалдьарбын билэн, эмиэ икки атаҕынан куоппута. Оҕом барахсан ыарыылаан баччаҕа диэри кэллим. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да эн курдук: кыраҕа үөрүнньэҥ, аhаҕас сүрэхтээх, көнө.
Оҕом суоҕар сурукпун бу бооччойо олоробун. Сэниэм эстэн, сынньана-сынньана… Петя, дьиҥинэн, эн куоракка бааргын истэн, уолум төрөөбүтүн кэннэ, дьонум үөҕүүлэрин тулуйа сатаан баран, баҕар эйигин булуом диэн бэрт эрэйинэн куораты булбутум. Тоҕо эрэ мин туспар дьылҕам миэхэ мичик гымматаҕа. Алҕаска да кыайан көрсүбэтэҕим. Санитаркалаан, медсиэстэрэлээн, син килиэппитин булунан олорбуппут, хаhан эрэ аҕабыт киирэн кэлиэ диэн бигэ эрэллээх курдук… Ол эрэлбит биир күн курустаал таастыы хампы ыстаммыта… Кыайан ыпсыбат, килиэйдэммэт гына… Ол күн роддомтан выпискаланар дьахтар элбэҕэ. Быыc биэрбэккэ бииртэн биир аймах саҥардыы төрөөбүт оҕолорун долгуйа көрсөн, сибэккинэн симээн илдьэ бараллара. Сиэстэрэлэр уочаратынан биир-биир дьоллоруттан алааран хаалбыт аҕаларга кырачааннарын илдьэн илиилэригэр көтөхтөрөллөрө. Онуоха биирдэстэрэ, хампы тутан кэбиhиэм диэбиттии, куттанан хамсаабат да буолан хаалаллара. Мин биир кыыс оҕону суулаан баран, аҕатыгар биэрээри утары хааман иhэммин охто сыспытым. Онно утары сибэкки тутуурдаах, дьоллоох баҕайы сирэйдээх-харахтаах эн иhэриҥ! Сирэйбэр мааскалаах буолан, миигин билбэтэҕиҥ, сибэккигин туттараат, махтаммытынан оҕоҕун ылбытыҥ уонна кэргэҥҥин батыhыннаран тахсан барбытыҥ. Мин сүүрэн тиийэн, түннүккэ сыста түспүтүм уонна эhиги хас хамсаныыгытын ааҕа кэтээбитим. Массыынаттан ийэҥ барахсан туораххайданан түһэн, кийиитин сыллаан ылбыта, сиэнин илиитигэр ылбыта. Эн сэрэниин-сэрэнэн кэргэҥҥин массыынаҕа киллэрбитиҥ, оҕотун көтөхтөрбүтүҥ, ийэҕин көтөҕөн ылан аттыгар олордубутуҥ, тугу эрэ көрдөөҕү кэпсии-кэпсии уруулга олорон, олбуор тахсар аанын диэки тэптэрэ турбутуҥ.
Мин эн биэрбит сибэккигин тутан, өр да өр олорбутум. Санаабар, сибэккигэ эн илииҥ сылааhа биллэрэ. Ытаабатаҕым. Соннук сибэккибин бобуччу туппутунан дьиэлээбитим. Хайдах эрэ билигин аҕай мин олоҕум киинэҕэ көстөн ааспытын курдук этэ. Мин олоҕум, мин дьолум аттыбынан сып-сылаастык илбийэн ааспытыныы санаабытым ээ. Эн бааргыттан, эн дьоллооххуттан уонна эйигин чугас дьонуҥ тулалыылларыттан олуһун диэн үөрбүтүм. Уонна дьылҕабар махтаммытым: миигин кытта олоххун холбоон, кыhалҕаны билбэтэххиттэн.
Уонна хаhан да эн олоххун аймыа суох буолан тылбын биэрбитим, онтубун дьэ бу кэhэн эрдэҕим… Ол күн сарсыҥҥытыгар үлэбэр тиийэн, кэргэниҥ карточкатын булан, аадырыскытын, ааккытын-суолгутун сурунан ылбытым, бу буоларбын билбит курдук. Петя, быраhаай! Хом санаама! Оҕобутун харыстаа, эрэнэбин, соҕотохтуу хаалларыма, тулаайахсытыма!
Маайыс»
Бүөтүр ыган кэлбит хараҕын уутун кыатаммата, сүрэҕин имэриммэхтээтэ:
– Кэл эрэ, доҕор, бу диэки… Атаҕым уйбат курдук, – диэтэ.
Дьулус аҕатыгар чугаhаан, икки илиититтэн ылла, иннигэр тобуктаан, уу-хаар баспыт харахтарын кистии-саба, төбөтүн аҕатын ньилбэгэр уурда уонна иhиллэр-иhиллибэттик: «Аҕаа, дорообо», – диэтэ. Аҕата уолун төбөтүттэн сыллаан ылла, түөһүгэр ыга тутта…
Күн киирэн, сөрүүдүйдэ. Верка сибиитэрэтэ суох тахсааччы буолан, тоҥо быһыытыйан, тута дьиэтигэр төннөргө сананна. Дьонум утуйбуттара буолуо диэн, олбуор аанын тыаhа суох сабан, сэмээр үктэнэн, тэпилииссэ аттынан ааhан иhэн, хараҕын кырыытынан ийэтэ олорорун көрөн, соhуйда, хаhыытаан иhэн айаҕын саба тутунна.
Ийэтэ саппаҕырбыт сирэйин көрөн, били мааҕыын кэлбит уолу өйдөөн кэллэ. «Туох абааhы уола кэлэн, дьоммун үрүө-тараа тутта», – дии санаата.
Ийэтэ саал былаатын ылан кыыhын санныгар бырахта уонна:
– Вера, эн биhикки эмиэ биэрэк диэки хаамсан кэлиэх эрэ, – диэтэ.
– Оттон сарсын эрдэ дьэдьэннии барыах буолбуппут дии? – Вера өсөһө барбата, ийэтин батыста.
– Дьэдьэннии даа, чэ, ол хааллыын-хааллын! – ийэтэ кыыhын санныттан кууhан, иккиэн биэрэк диэки хаамса турдулар. Биэрэккэ тиийбиттэрэ – ким да суох. Арай сөрүүн тыал эрэ илгийэр.
– Хата, ким да суох эбит! Вера, манна олоро түhүөх… онно кэпсэтэллэр… Эн биhикки эмиэ кэпсэтиэх…
– Ийээ, туох буоллуҥ? Күн аайы кэпсэтэр курдукпут дии! Уонна ити туох уола кэллэ, вообще-то?
– Ити мээнэ уол буолбатах, тоойуом… Аҕаҥ уола быhыылаах. Умса уур, тиэрэ уур, отой аҕаҥ мэтириэтэ дии… Хаhан эрэ син биир маннык буолуохтааҕа…
– Хайдах, ол аҕам атын кэргэннээх этэ дуо? Туох буолуохтааҕай?
– Кэргэннээх эрэ, кэргэнэ суох эрэ, хайа эрэ Маайыс баара… Оннооҕор утуйа сытан, ханнык эрэ Маайыhы ыҥыран тахсаахтыыра.
– Оттон… Ханнык Маайыhы ыҥыран тахсаҕын диэн ыйытыаххын? Эбэтэр эбэттэн сураһыаххын?
– Оннук ыйытар бырааптаах үһүбүн дуо, чыычаах? Барыта оннук чэпчэки буолбат… Вера-а, эн эмиэ улааттыҥ, эн эмиэ биири билиэхтээххин… Бүөтүр эн аҕаҥ буолбатах…
– Туох даа? Онтон Васильева Вера Петровна диэн мин буолбатахпын дуо?
– Мин эмиэ хаhан эрэ эн курдук эдэр, акаарычаан этим. Ийэтэ, аҕата суох киhи баhым ханна саллайарынан сылдьарым. Оскуоланы бүтэрээт, тута куораты булбутум. Дьиҥэр, үөрэхпэр куhаҕана суоҕум, үөрэххэ чэпчэтиилээх да киирэр кыах баара. Оннук өй угар киhи суоҕа. Тыа оҕотун куорат көр-нар олоҕо иилэ тардан ылбыта. Барыта бырааhынньык курдуга. Үс сайыны быhа көрүлээhин… Саша диэн куорат уола доҕордоммутум. Наhаа күүскэ таптаабытым. Кинилэр дьиэлэринэн, даачаларынан көҥүл көтүү… Биирдэ уhукта биэрбиппит – хос иhигэр мап-мааны таҥастаах дьахтардаах эр киhи тураллара… Дьонноро уоппускаттан кэлбиттэр этэ. Таҥнан аан хоско тахсыбыппытыгар: «Саша, киир манна», – диэн ийэтэ уолун куукунаҕа ыҥырбыта. Мин батыhаары гыммыппар, аҕалара түргэн үлүгэрдик соммун ылан кэтэрпитэ уонна аан диэки ыйбыта. Тахсан эрдэхпинэ, сиэппэр харчы укпута уонна: «Аны манна кэлимэ», – диэбитэ… Соҕотох мааны уолларыгар тулаайах сордооҕу тэҥнээбэтэхтэрэ. Мин онно номнуо хат буолбут этим… Сашалыын көрсөн кэпсэтээри өр да өр кинини манаабытым. Өр күүппүтүм.
Сайын ааhан, күһүн обургу тымныы тыала мин чап-чараас кууркабын курдары үрэрэ. Биир сарсыарда оччолорго муодунай таҥаска киирсэр аляска кууркалаах Сашам соҕотоҕун тахсан кэлбитэ. Мин утары сүүрэн тиийэн, кууhа түспүтум. Өрүһүспүттүү таптыырбын, оҕо күүтэрбин тоҕо тэбээбитим. Уолум миигиттэн тэйэ туттубута, сиргэммиттии кууркатын тэбэммитэ уонна: «Ол эн хас уоллуун утуйбуккун мин хантан билэбин?» – диэт, тииhин быыhынан силлээн чыырк гыннаран баран, бара турбута.
Эмискэ мин үрдүбүн халлаан хараҥата саба барыйан, субу аҕай бүрүйэн ылыах курдук буолбута. Хас да күн аhаабатаҕым, тоҥмутум барыта эбиллэн, өйүм-санаам туймаарарга дылы буолбута. Онтон хабыс-хараҥа ииҥҥэ түhэн эрэр курдугум… Арай суолга тахсан, массыына утары хааман эрэрбин бүдүк-бадык өйдүүбүн…
Туормас кыычыгырыыр тыаhын уонна чаҕылхай сырдык уот кэлэн миэхэ сааллан эрэрин өйдүүбүн уонна онон бүтэр… Балыыhаҕа өйдөнөн кэлбиппэр аттыбар намыһах уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин лэкэллэн олороро. Мичээрдээбитэ, көрөн-истэн барбыта. «Кимҥиний?» – диир быһыылааҕым. «Эбэҕин хайдах билбэккин?» – диэбитэ. Тоҕо эбитэ буолла, мин ону итэҕэйбитим. Хата, биир чугас киhилээх эбиппин диэн үөрэ санаабытым.
Нэдиэлэ курдугунан уолун илдьэ кэлбитэ. Мин кини массыынатын анныгар киирбит эбиппин. Оhоҕостоох саахалга түбэспит буолан, патологияҕа төрүөхпэр диэри сыппытым. Миэхэ ол үчүгэй курдуга… Ханна барыахпыный уонна? Онтон ыла эмээхсиннээх дьээдьэм күнү көтүппэккэ кэлэ турар буолбуттара. Төрөөн баран, аны улахан моhуокка ыллардым, хайдах буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан, эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына, Бүөтүр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылааҕа. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир-биэс тыла суох биhиэхэ тахсаҕын диэбитэ, барытын тэрийэн, кыра малбын-салбын тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үөрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым…
Биир түүн туран Бүөтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сөбүлэспэтэҕим. Эн аҕаламмытыҥ, мин кэргэннэммитим… бүгүҥҥээҥҥэ диэри…
– Уой, маама, эн бачча өр хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна аҕам хайдах миэнэ буолуо суоҕай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох, биhиги паапабытын биэрбэппит. Барыах, ийээ, аахсыахха!
– Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүөнү эрэ оҥорбут дьоҥҥо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии…
– Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыны-ый? Кэл! Кэлэ оҕус! – чугас Бүөтүр хаhыыта дуораhыйда.
Кэтириис кыыhын кытта киниэхэ утары сүүрдүлэр. Бүөтүр, аҕылыырын кыатана-кыатана, кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардаат, дьиэлэрин диэки дэллэриттэ уонна кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска:
– Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.
– Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.
Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:
– Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.
– Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.
– Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.
– Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.
– Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.
– Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.
– Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.
– Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.
– Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.
– Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан хааллылар.
Наталия Рязанская-Сыккыс (II миэстэ)
Уруум таптала
Бүгүн Марина Руслановна сурук тутта. Дьүөгэтэ Аанчык суруйбут. Төһө да аныгы үйэҕэ сибээс араас көрүҥэ элбэх буоллар, былыргылыы, бэйэлэрэ этэллэринэн, «сэбиэскэйдии» илиинэн суруйсалларын сүрдээҕин сөбүлүүллэр. Оччотугар, тылынан арыт кыайан тиэрдиллибэт, дууһа кылын таарыйар бүччүм санаалара сурук буукубалара буолан, оҕуруо курдук тиһиллэн, сүрэххэ чугастык тиийэллэр, илии сылааһынан илгийэн ордук истиҥ курдуктар. Аанчык бу сырыыга сүрүннээн үлэтин, оҕолорун, кэргэнэ Коля сүрэҕинэн ыарытыйар буолбутун туһунан иҥэн-тоҥон суруйбут. Арай сурук биир быстах, бүтэһик кэрчигэ бу аҕамсыйа барбыт дьахтар кутун-сүрүн аймаата, уйан дууһатын уйгуурта.
«…Маришка, бырастыы гын. Ол эрээри суруйбатахха кэлин хомойо, хоргута сылдьыаҥ. Чэ, быһатын, Миичикпит өлбүт. Куһаҕаннык, бэйэтигэр тиийинэн. Бииргэ үлэлиир дьахтарым үнүр кэпсээбитэ. Хаайыыттан тахсан баран, киһитийбэтэх, түптээн үлэлээбэтэх, олоҕун оҥостумматах, быһыыта, арыгыһыт буолбут да курдук. Уопсайынан, табыллыбатах. Эн наһаа айманыма, бэйэҕин буруйданыма. Итиннэ барытыгар аймахтара буруйдаахтар. Бэйэҥ билэҕин барытын. Эбэтэр, чэ, дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа дуу…»
Марина соһуччута бэрдиттэн суругу ылан хос хаттаан аахта. Өссө тугу эмэ атыны булуом диэххэ айылаах, сурук кэмбиэрин ылан, ургум-эргим тутан көрдө. Чочумча саҥата суох таалан олордо. Киниттэн ыйытыы көрдөөбөккө, сүтүк үрүччэтэ буолан, хараҕын уута икки иэдэһин устун сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Өр сыҥсыйан, уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан, санна ыгдаҥныы олордо. Онтон аргыый кэҥээн, түннүгүн сабыытын сэгэтэн, таһырдьаны одууласта. Таһырдьа олус да курус кэм буолбут. Биир кэм тохтоло суох күһүҥҥү уһун ардах ибиирэр.
Ама да дьылҕатын иһин… туох айыытыгар-харатыгар… Барытыгар, арааһа, мин буруйдаахпын уонна Миичик таптала, уруум таптала, аймахтарым алҕастара… Арай кини олоҕун суолугар миигин көрсүбэтэх буоллун… Бука, Миичик атын олоҕу олоруо этэ… Оо, дьылҕа-дьылҕа, олус да тыйыскын…Урукку, ааспыт, аны кэлэн төннүбэт кэми санаан, дьахтар эмиэ уйа-хайа суох, оҕолуу ытаан барда.
1997 сыл. Сэргэлээх 12-с куорпуһун 416-с хоһун аһаҕас түннүгүн нөҥүө Михаил Семёнов кэрэ кыыс туһунан ырыата иһиллэр. Бу хос үс хаһаайыныттан биирдэстэрэ, иккиc куурус устудьуона Мичил Харахутов, атыннык Миичик, тугу да гынара суоҕуттан уонна эксээмэнэ чугаһаан, наада дии санаан, оронугар сэбиэскэй былаас, автономия Саха сиригэр олохтонуутун туһунан параграбы арыйан, кинигэ аахпыта буола сытта. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук чулуу дьон мэтириэттэрин сыныйан көрдө. Онтон дьэ, общественнай-политическай олохторун сырдатар сирэйи арыйан, ааҕа сатаата. Ол эрээри кулгааҕар туора санаа киирэ турар. Тугу ааҕарын улаханнык өйдөөбөт. Өйдөппөттөр да диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн хоһугар бииргэ олорор уолаттарын уочараттаах мөккүөрэ буолла. Лаппычах уҥуохтаах, кэтит сарыннаах Коля Никитин хара бараан сирэйин мылата-мылата, түннүгү сэгэтэн, табахтаан бусхатар. Табахтыырын быыһыгар Кэбээйи соботун туһунан күүстээх тылларынан дакаастаан тугу эрэ кэпсээн үллэҥнэтэр. Киниэхэ кыһыллыҥы маҥан, уһун синньигэс Амма уола Бүөккэ Ракитин кыттыһар. Кэнникинэн дьоно үлүһүйэн, аны кыыс тиэмэтигэр тиийдилэр. Коля саамай кырасыабай кыргыттар Өлүөхүмэҕэ, оттон Бүөккэ Аммаҕа бааллар диэн буолла. Миичик кинигэ ааҕарын тохтоторго күһэлиннэ.
– Эһиги бүтэҕит дуу, суох дуу? Ааҕан да диэн, барыта эһиги айдааҥҥыт. Дьаабы дьоҥҥут дии, дьэ. Ханна баҕарар кэрэ кыыс элбэх. Баҕа баҕатын, чоху чохутун син биир хайгыыр.
– Эс, даа, оттон Өлүөхүмэҕэ бааһынай кыыс син биир элбэх. Сымыйанан мөккүспэтин. Амма «бааһынайдарын» да билиллэр. 205-с хос кыргыттара диэ, хата, хап-хара барабыай курдук «бааһынайдары» этэр, – Коля кыайбыт киһилии туттан, табахтаан бүтэн, орон үөһээҥҥи дьаарыһыгар ытынна.
– Эс, уопсайынан диэн этэбин ээ мин. Ити 205-с хос кыргыттара быраабылаттан туораабыт дьон буоллахтара. Аммаҕа бааһынай кыыс син биир элбэх. Дойдум дьонун эйигиннээҕэр мин ордук билэр инибин. Нууччалар биһиэхэ 17-с үйэттэн олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор. Киһи барыта ону билэр. Арай эн, инникитин историк ааттаах, билбэккин. Сааппаккын даҕаны. Сайдыыҥ, билииҥ таһыма намыһаҕа итинтэн да көстөр. Уһун муннуҥ эрэ аннын көрө сырыттаҕыҥ.
Коля иннин биэрэр санаата суох:
– Өлүөхүмэҕэ аан бастаан нууччалар кэлбиттэрэ, ону баара.
– Эс, Аммаҕа. Өлүөхүмэҕэ арыый хойут ини…
Миичик соччо солуута суох мөккүөртэн салҕан барда. Уолаттара мөккүстэллэр эрэ хайалара да, кимиэхэ да иннин биэрбэттэрин бэркэ диэн билэр. Ол иһин тыҥааһыннаах боппуруос дириҥии илигинэ тохтоторго сананна.
– Даа, табаарыстар (тоҕо эрэ уолаттарыгар тугу эмэ ордук тоһоҕолоон этээри гыннаҕына бу курдук ыҥырар), мөккүһэн бүттүбүт. Билигин иккиэн түннүк диэки чугаһаатыбыт эрэ. Биһиги түннүкпүт аннынан хас күн аайы сүүһүнэн кыыс ааһар. Оннук?
– Буоллун даҕаны… – уолаттар туох эрэ көрүдьүөс буолаары гыммытын сэрэйэн, сирэйдэрэ-харахтара туран, дьээбэлээхтик мүчүҥнэстилэр.
– Таак, – Миичик боччумурбута сүрдээх. – Билигин түннүкпүтүн күүскэ нэлэччи арыйабыт. Бары аллара диэки одуулаһабыт. Сөп. Салгыы ааһар кыргыттарбытын болҕойон көрөбүт. Болҕойон эрэ буолуо дуо, сыныйан. Булчут курдук. Өскөтүн үһүөн атын-атын кыргыттары кырасаабысса диэтэхпитинэ табыллыбат… Чэ, быһатын эттэххэ, бары биир эрэ кэрэчээнэни талыахтаахпыт уонна кини хайа улуустан сылдьарын ыйыталаһыахпыт. Тиэмэ итинэн сабыллар. Өйдөөтүгүт?
– Оттон арай нуучча кыыһа буоллун? – Коля оронуттан түһэн иһэн кэтэҕин тарбанар.
– Оо, акаары, саха кырасаабыссатын быһаарабыт ээ. Хайдах өйдөөбөт дууһаҕыный? – Бүөккэ кыйаханар.
Уолаттар үһүөн, кырдык-хордьук улахан суолталаах боппуруоһу быһаарар курдук сананан, түннүккэ ыкса чугаһаан, ааһар дьону болҕомтолоохтук одууластылар.
Бу курдук күйгүөрэ олорон, уолаттар дьэ кэмниэ кэнэҕэс икки кыыс ааһан иһэрин көрдүлэр. Кыргыттар саҥата суох тоҥолохторуттан ылсан баран, тугу эрэ сэлэһэ-сэлэһэ күлсэр саҥалара иһиллэр.
– Кыргыттаар, сэбэрэҕитин бу диэки хайыһыннарыҥ эрэ. Манна биир олус суолталаах улуу мөккүөр-боппуруос быһаарылла турар.
Кыргыттар үөһээҥҥи түннүктэн кинилэргэ туһаайыллыбыт ыйытык бэриллибитигэр соһуйан ходьох гына түстүлэр. Кырата, модороон соҕус ласпайбыт быһыылааҕа, сирэйин мылатан түннүк үөһэтин одууласта.
– Ээ, пахай. Эн биһиги проблемабытын кыайан быһаарбат эбиккин. Бырастыы гын. Ыл, ити бодоруунньаҕын тоҥсуй эрэ. Аны кини көрдүн. Ытырыахпыт суоҕа, – Коля, күлэн мытырыйа-мытырыйа, кыыс аргыһын диэки ыйар.
– Кыһыл сонноох кыыс, биһиги диэки көр эрэ!
Уолаттар үһүөн күлэн, быардарын тарбыыллар. Иккис кыыс кинилэр диэки көрөр да санаата суох. Төбөтүн нарын тарбахтарынан имэринэн ылаат, сирэйин кистии туттан, дьүөгэтин тоҥолоҕуттан өссө ыксары тутуһаат, долгун курдук уста турда.
Миичиккэ, бэйэтэ да билбэтинэн, төбөтүгэр «ити кыыһы ханна эрэ көрбүтүм ээ» диэн санаа охсуллан ааста.
– Бүттэхпит дии, улахамсык дуу, үөдэн дуу, – Коля сонньуйбут куолаһынан уолаттарын диэки көрөр.
– Санаарҕаама, Коля, кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх, хата, табахтыахха, – Бүөккэ табаҕын үрдүгэр түһэр.
Миичик кыргыттары сайыспыттыы батыһыннара көрөн хаалла. Онтон табах сытын ылан, уолаттарын диэки эргиллэн:
– Дьаабы да дьоҥҥут. Табах буортутун миигиннээҕэр ордук билэҕит да, син биир табахтыыгыт…
– Миичик, бүт эрэ, эмиэ үөрэтэн эрэҕин дуо? Эн курдук биһиги спортсмен буолбатахпыт уонна …
Уолаттар үһүөн ах бардылар. Миичик санаатыгар олох тэтимэ эмискэ тохтуурга дылы гынна. Остуоруйа кэрэчээнэтэ, олоҥхобут куота диэн, арааһа, бу иһэр буоллаҕа. Кини хаһан да маннык кэрэ кыыһы бу Орто дойдуга төрөөн баран, көрө илик эбит. Кыыс киһи соһуйуох, ып-ыраас, муус маҥан ньуурдаах сирэйдээх, ыйаастыгас соҕус эрээри саһархайдыҥы харахтаах, уулаах дьэдьэн уостаах, уһун синньигэс курбуу быһыылаах.
– Эс, маннык кэрэ кыргыттар бу сиргэ төрүүллэр эбит дуу? Дьэ, мөккүөр быһаарыллар буолла, – Коля сибигинэйэ былаастаан саҥа аллайбытыттан бары «өйдөнөн» кэллилэр.
Эмискэ алларанан иһээччилэр уолаттар саҥаларыттан биитэр бэйэлэрэ тугу эрэ кэпсэтэ иһэллэриттэн эбитэ дуу, күлэн саһыгырастылар. Сааскы сылаас күн уота кинилэр оҕолуу ыраас сирэйдэрин, хаһан да сүтүө суох айылаах көмүс солотуунан дуйдаабыттыы, сандаарыччы сырдаппыта көрүөххэ ордук кэрэ этэ. Икки кыыс сэрэнэ былаастаан, тоҕо эрэ тохтоон үөһээҥҥи түннүк диэри хантайа одууластылар.
– Ээй, үс саарбах соҕус дьон түннүккэ мылаҥныы олорор эбит дуу, үөдэн, сэрэниҥ эрэ, халтархай буолуо, сууллан хаалаайаххытый? Аны искитин хайа түһүөххүт, сэрэниҥ! – кыра кыыс күлэ-күлэ хорсуннук чобуорхайар.
– Ок, кыргыттаар, биһиэхэ көстө сатыыгыт дуу, тугуй? Тоҕо төннөн иһэҕит, биһиги түннүкпүт анныгар туоххутун умуннугут? – Бүөккэ хаһыытыы былаастаан ыйыталаһааччы буолла.
– Кинигэлэрбитин төнүннэрээри УЛК бибилэтиэкэтигэр баран испиппит да, хатанан хаалбыт, эһиэхэ эрэ наадыйбаппыт. Хата эһиги туоххутун сүтэрэн олороҕут? – кыра кыыстара хап-сабар кинилэртэн хардары ыйыталаһар.
– Эн наһаа дакылааттаама эрэ, билбэт уолаттаргар. Бүт, кэпсэтимэ-хайаама, хааман ис, хас саҥарбыт киһи аайы эппиэттээн иһимэ, – уһун кыыһа дьүөгэтин сөбүлээбэтэхтии холус соҕустук тардыалаһар.
– Оттон тугу баарыҥҥыттан мыҥыы-мыҥыы күнү-күннүктээн олороллоруй? Мин эмиэ билиэхпин баҕарабын. Улахан эбит, – биирэ өһүргэннэ.
Уһун кэрэ кыыс уолаттары кытта кэпсэтэр санаата суоҕун биллэрэн, иэдэс биэрэрдии түҥнэри хайыһан турда.
– Кыра кыыс, бырастыы гын. Ол гынан баран ити уһунуҥ ханнык улуустан сылдьарый? – боппуруоһу түргэнник быһаараары Коля өрүсүһэ соҕус ыйытар.
– Хас бастакы билбэт киһибэр эппиэт биэрэр санаа да, баҕа да суох, – чахчы уол болҕомтотун билбит кырасаабысса бытааннык сыыйан, улахамсыйбыттыы саҥаран унаарытта.
– Ээ, оттон биһиги хайа улуус саамай кырасыабай кыыстааҕын быһаарабыт ээ, – Бүөккэ, түннүктэн түөс аҥаара быган туран, буруйдаммыттыы сэрэнэн-сэппэнэн хардарар.
– Оччотугар Чу-рап-чыт-тан. Өйдөөтүгүт? Биһиги иккиэн чурапчыларбыт, – кэрэ кыыс мөккүөрү түргэнник быһаарда. Дьүөгэтин эмиэ ыксары бодоруускалаат, ис киирбэхтик, олус нарыннык, имигэстик иҥиэттэн ылла уонна түҥнэри хайыһан кэбистэ. Кыргыттар онтон киэн туттубуттуу, Чурапчы кэрэ кыргыттара буолалларын дакаастаабыттыы, киэбимсийэ соҕус туттан, күлсэ-күлсэ түннүк аннынан салгыы ааһа турдулар. Арааһа, 14-с куорпуска олороллор быһыылаах, онно киирдилэр.
Уолаттар кинилэри сайыспыт харахтарынан батыһыннара көрөн хаалаллар.
– Ити кэрэ кыыс мин олоҕум анала уонна аргыһа, – Миичик иһигэр саҥарбыт санаата таска тахсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда.
– Тыый, Миичикпит эмиэ бастакы көрүүттэн таптал буолбут дуу? – Бүөккэ соһуйбута буолла.
Ити быстах көрсүһүү кэнниттэн икки эрэ хонук ааста. Миичик аһыыр да, утуйар да кыаҕын сүтэрэн олорор. Сотору-сотору саҥата суох түннүк аннын манаһар. Уолаттара, ону көрө сылдьар дьон, ол аайы дьээбэлээн сордууллар.
Бүөккэ кыыс буолан Миичик иннигэр хаамыталыыр, араастаан мунньараҥныыр. Хас саҥардаҕын аайы «чу-чу Чу-рап-чы» диэн тылы кыбытан иһэр.
– Оо, таптал, таптал! Быраҕан аас, саатар биир кэрэ кыыһы. Били тоҕус томтордоох Чурапчы кэрэчээнэтин. Баҕар дууһам уоскуйуо, санаам көтөҕүллэн, остуоруйа дойдутугар айанныам этэ, – Коля, кыараҕас харахтарын үөннээхтик көрө-көрө, Бүөккэттэн хаалсыбакка хаадьылыыр.
– Та-ак, табаарыстар. Миигин үөннээн да диэн туһаҕыт суох. Чопчу быһаарыныы, хамсаныы наада. Ити кыыс арааһа 14-с куорпуска олорор быһыылаах дии. Түннүкпүт аннынан аны хаһан ааһара биллибэт. Кэтэһэн олорбоппут. Көрсүөххэ, тугу эрэ былаанныахха наада. Ээ, онно бара сылдьабыт дуо? Вахтаттан эҥин ыйыталаһыахха буо. Оннук?
– Оннук… онно диэ… 14-с куорпуска… Чу-чу чулуу Чу-рап-чы кырасаабыссата манна олорор дуо диэн да? – Коля син биир эҕэлиир.
– Чэ, мин кырдьык этэбин ээ. Ити кыыс миэнэ буолуо диэн. Мин да кыыска сирдэрбэт киһибин буолбат дуо? Быһыы-таһаа мааны, сирэй-харах олоруута да, эһиэхэ холоотоххо, чаҕылхай уонна чуолкай. Дьүһүммэр, майгыбар туох куһаҕан баарый? Арыгы испэппин, табах тардыбаппын, өй да баар, үөрэхпэр, эһиэхэ холоотоххо, бастыҥмын, – Миичик кыһытаары сирэйин доҕотторун диэки мылатар.
Кырдьык, ханна эмэ кыргыттардыын түбэһэ билистэхтэринэ, кинилэр харахтарын бастаан Миичиккэ хатыыллар. Онон Бүөккэлээх Коля «кыыс кулгааҕынан истэн сөбүлүүр дииллэрэ сыыһа» диэн түмүккэ кэлбиттэрэ икки сыл буолан эрэр. Миичик киэҥ, арылхай, уһун кыламаннаах харахтаах, хойуу хаастаах, толору сөллөстүгэс уостаах, кырыылаах уһун муруннаах маҥан уол.
– Ити Чурапчы кыыһын дьиҥнээхтик уонна бүтэһикпин таптаатым.
Уолаттар үһүөн тоҕо эрэ саҥата суох чочумча олордулар. Бүөккэлээх Коля Миичиктэрин кытта үөрэммиттэрин, икки сыл устатыгар бииргэ бодоруспуттарын тухары бу хаһыс да «бүтэһик таптал» буоларын бэркэ диэн билэллэр. Ол да буоллар, хайыахтарай, доҕор туһугар ойдуо да, быстыа да буоллаллар, аны аҕыйах хонугунан атын «бүтэһик таптала» көстүөхтээҕин билэн туран, киһилэригэр көмөлөһөргө быһаарыннылар.
Маришка бүгүн тоҕо эрэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ уһугунна. Бүгүн баскыһыанньа. Аанчык уһуктар санаата суох быһыылаах, муннун тыаһа муораҕа.
Кыыс ону-маны саныы, эргитэ толкуйдуу сытта. Ийэтэ эрэйдээх эмиэ бэргээбит. Тоҕо киниттэн куруук ыалдьарын кистиирэ эбитэ буолла? Долгуйбатын диэн санааттан эбитэ дуу? Ийэм эрэйдээххэ тугунан эмэ көмөлөспүт киһи… Убайа Павлик бүгүн биллэ сылдьара дуу? Соҕотох инбэлиит ийэҕэ икки устудьуон оҕону иитэр-таҥыннарар уустук буоллаҕа. Саатар, Павликпыт да баар ээ. Куруук кини проблемата. Үнүрүүн эмиэ милииссийэҕэ хонон тахсыбыт этэ. Саатар онтун киэн тутта кэпсэнэрин, эчи, истиэххэ-саныахха куһаҕанын, киһи да кыбыстар. Ити Аанчык убайа Чаҕыл үчүгэй да уол. Эчи, аата да үчүгэйэ бэрт. Итинник убайдаах киһи… Аанчыкка олох майгыннаабат. Бииргэ төрөөбүт дьон диэтэххэ, олох атыттар. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да. Чаҕыл үрдүк уҥуохтаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, хойуу хаастаах, уһун кыламаннаах, сахаҕа киэҥ харахтаах кыаһаан уол. Хайдах эрэ оттомноох, олус ис киирбэх, саҥата-иҥэтэ да онно дьүөрэлии соҕус.
Оттон Аанчык – кыра-хара мэник кыыс. Чаҕыл манна, Дьокуускайга, үөрэнэрэ эбитэ буоллар, баҕар, билсиэ этилэр… Ээ чэ, итиччэ киэҥ сирдэринэн сылдьар, Санкт-Петербурга үөрэнэр уол кини эрэ диэки көрбөт ини. Маришкатааҕар ордук кырасаабыссаны булунан сылдьар уол оҕото буолуо. Чаҕыл үнүрүүн кинини бааргын диэн наадакалаан, болҕойон да көрбөтөҕө. Баҕар… уларыйбытым дуу?
Кыыс эмискэ оронуттан туран кэллэ. Сыгынньах атаҕынан сүүрэ былаастаан тиийэн, кини хоруйугар мэлдьи тута эппиэти биэрэр кыахтаах төгүрүк сиэркилэтигэр көрүннэ. Тоҕо кинини кырасаабысса дииллэрэ эбитэ буолла? Былырыын баччаҕа тоҕо эрэ кэрэ кыыска бэйэтин соччо-бачча холообот этэ ээ. Дэриэбинэтин да уолаттара убайыттан куттанан чугаһаабаттара. Сураҕа, Павлик: «Тэлгэһэ иһинээҕилэр, балтыбар чугаһаамаҥ, киэҥ сиртэн табаарыс уолун бэйэм булуом», – диир эбитэ үһү. Дьэ, ким билэр, көрүллүө. Оннооҕор бу уопсайга дискотека буоллаҕына, убайа хайаан да Маришка аттыттан арахпата.
Кыыс убайын эмискэччи санаан мичээрдээн мүчүк гынна.
Арай биирдэ ыала Кэтириис эмээхсин:
– Наадьа, бу кыыһыҥ улаатан истэҕин аайы Уйбаныаптар диэки буолан иһэргэ дылы дии. Туттардыын-хаптардыын. Аны аҕыйах сылынан кырасаабысса буолсук.
– Эс, аньыыта даҕаны, миэхэ маарынныыр буолбатах дуо? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытта.
– Суох, хотуой, чахчы Руслан ийэтигэр үүт-үкчү маарынныыр. Туох да диэбит иһин, номоххо киирбит Күөх Кэтириинэ удьуордара буоллахтара эбээт.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Маришка кыратыгар өлбүт аҕатын дьонун туһунан ыйыталаһан көрбүтэ да, ийэтэ кини билэриттэн ордугу тугу да кэпсээбэтэҕэ. Арай соторутааҕыта Манчаары Күөх Кэтирииһин туһунан учуутала кэпсээбитин истэн олус соһуйбута. Номоххо киирбит кэрэ дьахтар, кырдьык, кини аймаҕа буоллаҕа дуу? Тугун дьиктитэй? Ийэтэ ол туһунан тоҕо киниэхэ тугу да кэпсээбэтий? Биирдэ, түгэн көстүбүччэ, ыйыталаһан көрбүтэ да, билбэттэн атыны ийэтэ тугу да эппэтэҕэ.
Аҕалара Руслан Маришка биирдээҕэр, Павлик иккилээҕэр өлбүт. Хаартыскаттан көрдөххө, кырдьык, кыыс кэрэ номоҕон дьүһүнүгэр маарынныыр эдэр киһи курус харахтарынан имэрийбэхтии көрөр.
Маришка ийэлээх аҕата холбоһон баран, баара-суоҕа биэс эрэ сыл олорбуттар. Быар ыарыһах буолан, эрдэ суорума суолланаахтаабыт. Саатар ыалдьарын сэрэйэр эрээри, балыыһа диэҥҥэ биирдэ да көрдөрүммэтэх. Хаама сылдьан охтубут, ол кэннэ үс эрэ хоноохтообут. Аҕалара өлбүтүгэр Маришка эбэлээх эһэтэ кэлэ сылдьан, ийэлэрин дэлби буруйдаабыт, үөҕэн-таныйан барбыт сурахтаахтара. Онтон сиэттэрэн Мэҥэ Хаҥаласка баар аймахтарын кытта билигин билсиспэттэр. Ийэлэригэр этэн көрөллөр да, бэйэлэрэ тэйиппиттэрэ, онно баран сыҥаланаары гынаҕыт дуо диир. Анараа да дьон сиэттэрбит эһиги бу бааргыт ээ диэн биирдэ да билсибэтэхтэрэ, эгэ кэлэ сылдьыахтара дуо? Онон тыыннаах тулаайаҕа буолан олорон кэлбиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хата, дэриэбинэлэрин дьоно, ыаллара бэркэ өйөөн бу бур-бур буруо таһаарынан ыал аатын ылан олордохторо.
Дьиҥэр, Наадьаны бастакы билсиһииттэн, өссө ыал буола иликтэринэ, Уйбаныаптар атарахсыта көрсүбүттэрэ. Кинилэр уоллара, үрдүк үөрэхтээх историк учуутал, ханнык эрэ төрдө-ууһа суох дайаарка кыыһы кэргэн ылбытыттан олус диэн аймаммыттара, бэйэлэрин уолларыгар тэҥнии көрбөтөхтөрө. Кэлэйбиттэрэ бэрдиттэн көрсүһүү, сыбаайба да диэни тэрийбэтэхтэрэ. Саатар Наадьа тулаайах буолан, улахан аймаҕа, уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар аймах кийииттэрэ, күтүөттэрэ бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолорун кытта уруурҕаһаллара. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо хара тураах кэриэтэ буолан, Наадьа барахсан кийииттии кэлээхтээбитэ. Детдомҥа улааппыт кыыс баай, уурунуу харчы диэнэ хантан кэлиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да халыҥ аймах Уйбаныаптарга, Күөх Кэтириинэ сыдьааннарыгар, кылбаа маҥан сиэннэригэр, соруйан айылҕа анаан төрөппүтүн курдук, тэҥэ суох курдуга.
Ол эрээри Руслан ыйаастыгас соҕус хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьа кыыһы көрүөҕүттэн, хара маҥнайгыттан таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн, килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота, тэйэ сылдьыбыта. Кэлин уһугар баар баара бүкпэт буоллаҕа, икки таптаһар сүрэх тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу, ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Руслан киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна, туох кистэлэ кэлиэй, дьүһүнүнэн ыраас бэйэлээх, сиртэн-буортан тэйбит, Орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи тута көрөөт, дьону ытыктыыр, сыаналыыр кистэлэҥ ураты көстүүлээх диэн билэр дьоно бэлиэтээччилэр. Аҕыйах сыл иһигэр Мырыла биир бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ эрэ баара. Кэлин Руслан өссө массыына ылар баҕа санаалааҕа. Олохтоохтор кинини ытыктаан Уйбаанабыс диэн ыҥыраллара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…
Буолар буолтун кэннэ хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барсыбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа эрэйдээх ферма хара үлэтигэр умса-төннө түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатыран, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, үрүҥ илгэ үс сыллаах кубогын хаһаайката буолан, биирдэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үлүскэнин билбитэ үчүгэй да этэ.
Ама да ааспытын иһин, чугас киһитэ суох тыйыс кэмнэр ааспыттара. Дьон үтүө сыһыана суох, арааһа, Наадьа бу ыарахаттары барытын тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо.
Оо, ийэм эрэйдээх… Маришка үөһэ тыынан ылла. Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…
Эмискэ кини ыраатан эрэр курус санааларын Аанчык уһуктубут атаах куолаһа үрэйдэ:
– Маришка-а, кофе иһэби-ит? Миэхэ, баһаалыста, оҥоруоҥ дуо? Төрөөбүккэр үөрбүтүм даҕаны.
– Һы-һы, үөннээх, албын да кыыскын. Тур, чэ. Чэйбитин өрүнүөххэ, – Маришка чаанньыгын оргутаары остуол диэки хаамта.
Кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэн, хайыы үйэ эбиэт буолбутун билбэккэ хааллылар. Иккиэн көмөлөөн хортуоппуй хахтаатылар. Маришка эт кырбаан, хортуоппуйугар эбии соркуой буһаран тиритэ-хорута сырытта. Саас буолан хосторо итиитэ сүрдээх, бэл омуннаатахха, киһи тыына хаайтарар. Эмискэ ааны тоҥсуйдулар, дьуһуурунай кыыс кэлэн: «Иванова Марина, вахтаҕа түһүөҥ үһү», – диэтэ. Убайым кэллэҕэ дии санаан Маришка тиэтэйэ-саарайа аллара түстэ.
Вахтаҕа тиийбитэ: убайа ханан да көстүбэт. Арай улаханнык мичээрдээбит ханна эрэ көрбүт уола кинини супту одуулаан турар эбит. Кэннигэр икки доҕор атастаах. Уол мичээрдээбитин кубулуппакка вахтаҕа өйөнөн туран эрэ:
– Иванова Марина диэн эн дуо?
– Мин, – Маришка соһуйбуттуу хардарда.
– Манна олороҕун даа? – уол сытыытык ыйытар.
Маришка кэпсэтии бу курдук сытыы уонна быһыттаҕас буоларын куруук да сөбүлээбэт, биллэрдик соһуйда уонна өһүргэннэ:
– Тугуй, доппуруос дуо бу? – кыыс чыначчы тутунна.
Уолу халбарыччы анньан, аттыгар турар биир хара бараан табаарыһын кэтит тииһэ кэчигирээтэ:
– Бырастыы гын, Марина, Миичик ити кыбыстар дии. Ол иһин итинник саҥарар. Кини эйигин кытта ыкса билсиэн баҕарар.
Маришка бастаан утаа кыһыйан быһыта-орута саҥарталыан баҕарда, онтон этэ улам тымныйан, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла.
– Эһиги эмиэ миигин бырастыы гыныҥ. Мин маннык дьону кытта билсээччим суох, – диэт, түҥнэри хайыста. Бу билсиһии маннык саҕаланыа суохтаах этэ диэн кини кулгааҕар ким эрэ сипсийэргэ дылы гынна. Тоҕо эрэ ити уолтан куттаныах, куотуох санаата киирдэ, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһон, кирилиэһин аат эрэ харата биирдии үктэлин ааҕа дабайан, тыын быһаҕаһынан өрө тыына-тыына, хоһун диэки төттөрү дьулуста, сүрэҕэ тугу эрэ таайа сатаата да, таабырын уустук буолан биэрдэ.
Миичик вахтаҕа туран кыыс кинини кытта билсибэтэҕиттэн олус соһуйда, хом санаата, саҥата суох чочумча таалан турда. Билсиһии бу курдук хобдохтук түмүктэниэ эрэ диэн күүппэтэҕэ. Ама, кинини сирэр кыыс баар эбит дуу? Өссө хайдах эрэ куттаммыт, сиргэммит көрүҥнээх.
– Биир нуулга, Марина Иванова туһатыгар, – Коля, элэктиирдии турулус-эрилис көрө, Миичиги хаадьылаата.
– Санааҕытыгар ини. Син биир билсиэм. Көрөөрүҥ даҕаны, ити Марина миигин ытыы-ытыы эккирэтиэ. Ити бэйэтэ туормас эбит, – Миичик кыһыйбытын аһарынаары уолаттарын иккиэннэрин өттүккэ охсуталаата.
– Чэ, манна вахтаҕа хам сыстан туруохпут дуо, уопсайбытыгар барыахха, – Бүөккэ ыксал муҥутаан, туох да туһа тахсыбатын өйдөөн, тахсар аан диэки дьулуста.
Вахтаҕа олорор икки кыыс тоҕо эрэ кинилэр диэки үөннээхтик көрө-көрө мичээрдээһэллэр. Миичик уолаттарын кэнниттэн субу тахсыах курдук буолан иһэн, вахтаҕа төттөрү эргиллэн:
– Уой, кыргыттар, миэхэ баһаалыста көмөлөһүҥ эрэ. Биир эрэ ыйытыктаахпын, – дии-дии вахта иһин хойуу кыламаннарынан соруйан сапсына-сапсына одууласта.
– Тугуй? – суон, этиргэн кыыс хап-сабар утары ыйытта.
– Ити Марина Иванова доҕор уоллаах дуо? – Миичик куолаһын тупсарына-тупсарына үтүөмсүйэ соҕус сэрэнэн сураста.
– Ким билэр… Ханна да сылдьыбат кыыс. Арай улахан бырааһынньыктарга уопсайбыт дискотекатыгар биирдэ эмэ сылдьааччы.
– Бэрт эбит. Аны хаһан «улахан бырааһынньыккыт» буолар?
– Бүгүн, – этиргэн кыыс эрэллээхтик хардарда.
Уопсайтан тахсан иһэн ити олорор кыргыттар кинини «красавчик» диэн ботугураспыттарын кылгас түгэҥҥэ истэн аһарда. Санаата көнньүөрэн, эрэл кыымнаах, хайҕал кынаттаах уолаттарын кэнниттэн уопсайын хоһун булла.
Киэһэ Миичик хаһан да киэргэммэтэҕин киэргэнэн, үтүөмсүйэ соҕус туттан, 14-с куорпуска уолаттарын кытта кэллэ. Дискотека саҥа саҕаламмыт быһыылаах. Кырааскаламмыт, туттубут-хаптыбыт кыргыттар фойе иһигэр төттөрү-таары киирэллэр-тахсаллар. Кинилэр ортолоругар Марина көстүбэт. 14-с куорпуһу кыыс дойдута диэн мээнэҕэ ааттаабатах буоллахтара, барыта кыыс үөрэ.
Уолаттар вахтаттан билиэт ыла охсон, үҥкүүгэ киирдилэр. Арай Миичик: «Тохтуу түһэн баран, киириэм», – диэн хаалла. Харахтара тохтоло суох кэлэр-барар оҕолор диэки. Харахтара «баҕар алҕаска Маринаны көрүөм» диирдии көрүөлэнэллэр. Арай кини аттынан Маринатын дьүөгэтэ, намыһах уҥуохтааҕа, ааһан иһэр эбит. Үҥкүүгэ түһэр санаата да суох быһыылаах. Халааттаах, хонноҕун анныгар «доширак» лапса кыбыныылаах. Уол кыыһы харытыттан харбаан ылла:
– Ээ, кыысчаан, эн Марина дьүөгэтэҕин дии?
– Уой, киһини куттааҥҥын, – Аанчык улаханнык соһуйбут сирэйдээх.
– Марина түһэр дуо?
– Суох, биһиги проработка суруйа олоробут. Үҥкүүлүүр санаабыт суох.
Чочумча саҥата суох туран баран Миичик:
– Оччоҕуна миигин хоскор киллэр, – диэн кытаанахтык эттэ.
Аанчык бу уол ньоҕой майгылааҕын тута сэрэйдэ. Кини күүстээхтик ыга туппут илиилэриттэн уонна соруйар былаастаах куолаһыттан кыһыйа быһыытыйда эрээри, саарыы түһэн баран, дьүөгэтэ кыыһырбыт сирэйин саныы биэрэн, хоһугар киллэрбэтэ.
– Ээ, Маришка сөбүлүө суоҕа, – диэн хардарда.
Миичик маҥан сирэйэ эмискэ кубарыс гынна. «Хайа муҥун куота-тэйэ сылдьар кыыһый? Иннин ылан баран тэйиллиэ», – дии санаата.
– Суох, киллэр. Син биир бүгүн буолбатаҕына сарсын, сарсын буолбатаҕына өйүүн билсиэм. Тоҕо миигиттэн куттанаҕыт? Ытырыам да, ыстыам да суоҕа. Уон биэс мүнүүтэтэ миэхэ анааҥ, бириэмэм бүттэҕинэ тута хоскутуттан дьүгэлийиэм.
Аанчык куттаммыт харахтарынан Миичиги көрөн ылла:
– Чэ, бардыбыт. Маришкаҕа бэйэҥ быһаараар. Мин атын хоско бардым. Сотору, уон биэс мүнүүтэнэн, кэлиэм. Дьэ, сэрэн, ону-маны гына сылдьаайаххыный?
– Эс, ама дуу? Аата, куттаныма, тугу да гыныам суоҕа. Эр киһи биир тыллаах. Арба, аатыҥ ким диэний? – Миичик санаата көнньүөрбүтэ харахха тута быраҕылынна.
– Аанчык, – кыыс төбөтүн умса туттан кэбистэ. – 301-с хос ол турар.
Миичик эрэйэ суох киирбититтэн санаата көнньүөрэн үөрүү, эрэл кынаттаах Аанчык ыйбыт хоһугар тиийэн, сэрэнэн ааны тоҥсуйда.
– Кимий? Киирэн иһиий. Аанчык, кэм да үөннэнэ сылдьаҕын дуо? – хос иһиттэн намыын куолас иһилиннэ.
Уол ааны сэрэнэн арыйан хоско киирэн кэллэ. Маришка кыра остуолга кинигэ бөҕөтүн кэчигирэтэн, суруйа олорор эбит. Миичиги көрөн олус соһуйда:
– Хайа, бу кимий? Тоҕо кэллиҥ? – кыыс, бу ыйытыыларын тоҕо биэрбитин бэйэтэ да өйдөөбөтөр, туоһулаһар киһи буолла.
– Эйигин көрөөрү, билсэ кэллим, – уол хорсуннук остуол таһыгар кэллэ.
Маришка, куолаһын соното сатыы-сатыы, куттаммытын биллэримээри:
– Ким эйигин киллэрдэ? Чугаһаама уонна… таҕыс! – диэн кыыһырбытын уонна сөбүлээбэтэҕин биллэрэн түҥнэри хайыста.
– Үтүө санаалаах Аанчык. Эс, ама да, киһини кытта ыраахтан хаһыытаан билсэбин дуо? – диэн Миичик тахсар санаата суоҕун биллэрэн, Маришканы эргитэ тарта уонна тобулу уун-утары көрдө.
– Мин эн курдук сыстаҥныы сылдьар ньүдьү балай уолаттары сөбүлээбэппин, – Маришка мантан салгыы уол тугу да гынар былаана суоҕун сэрэйэн, арыый холкутуйда.
– Сөбүлүөҥ буоллаҕа дии.
– Суох, сөбүлүөм суоҕа.
– Баҕар сөбүлүөҥ, – уол эппитин үрүт үөһэ кэлиилии кэбэ турда.
Миичик мичээрдээтэ, хос иһин эргиччи көрдө.
– Мин аатым Мичил Харахутов, табаарыстарым уонна чугас дьонум бары Миичик дииллэр. Табылыннаҕына, аны үс сылынан историк учуутал буолуом. Мэҥэ Хаҥалас ыччатабын. 12-с куорпус 416-с хоһугар олоробун… Ийэлээх аҕам – учууталлар, биир убайдаахпын. Спортсмеммын…
– Араспаанньаҥ тугун дьиктитэй? Харах уута диэнтэн тахсыбыт дии. Уонна?
– Уонна дуо? Араспаанньам аҕам киэнэ. Билбэппин ээ, туох суолталааҕын. Оттон эн? Манна Аанчыктыын иккиэн эрэ олороҕут да?
– Иккиэн, өссө тугу интэриэһиргиигин?
– Чурапчыларбыт диэбиккит дии, ханна үөрэнэҕит?
– Журналистика салаатыгар.
– Сөп, хаһыс куурускунуй?
– Бастакы… Өссө интэриэһиргиир буоллаххына, бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Ийэм дайаарка, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Чурапчы Мырылатыттан сылдьабын. Аанчык – Чакыр. Өссө?
– Марина, эн наһаа кыбыстыма уонна кыыһырыма ээ, эйиэхэ олох барсыбат. Хайдах эрэ эн Мона Лизаны санатаҕын дии. Ону билэҕин дуу?
– Ордук кулгааҕыҥ майгынныыр диэ.
Бу сырыыга Миичик ис иһиттэн тэбэнэттээхтик күллэ. Маришка бэйэтэ эппит тылларыттан эмиэ арыый сымныы быһыытыйан мичээрдээн ылла. Кыыс көнньүөрбүтүттэн эрэх-турах сананан, уол салгыы кимэн барда.
– Марина, мин эйигин бастакы көрбүт күммүттэн олус сөбүлээтим… Таптаатым да диэххэ сөп. Орто дойдуга төрөөн баран эн курдук кыыһы биирдэ да көрсө иликпин. Аһыыр аһым ас буолбат, утуйар уум уу буолбат, үөрэх эмиэ таах хаалла… Барыта, барыта эйигиттэн… эйигиттэн эрэ.
– Эн киһини күлүү гыныма эрэ. Мин эйигин букатын да билбэппин. Хайдах бастакы билсибит күҥҥүттэн саҕалаан ситэ билбэт киһигэр тапталга билиниэххэ сөбүй?
– Оттон ол иһин билсэ кэллэҕим дии, – диэт, кыыс хаҥас илиитин нарын тарбахтарын ылан, иэдэһигэр ыксары сыһыарда.
Бу дьикти турукка, соһуччу түгэҥҥэ, өйдөммөт быһыыга-майгыга куустаран турар эдэр сүрэхтэр эйэргиир эйгэлэрин эмискэ хоско көтөн түспүт Аанчык чаҕаарбыт куолаһа үрэйдэ:
– Уой, бу тугуй? Уон биэс мүнүүтэ ааста. Эчи, бу уол килэпээйин. Хайыыгыный ити? Бар, таҕыс!
– Үтүө санаалаах аанньал Аанчык, туох да буолбата. Сибэкки хагдарыйбата, халлаан хараҥарбата. Мин сыалбын-сорукпун ситистим, тылбын тутуһабын. Билигин мин эһиги көмүс уйаҕытыттан, күндү хоскутуттан тахсыам. Миэхэ көмөлөспүккэр барҕа махтал, – диэн баран, Миичик сүр имигэстик кыыс иннигэр бокулуон оҕуста.
Аанчык бу дьикти уолтан соһуйан, мэктиэтигэр, сирэйин ханньаччы туттан мырдыҥнатта. Онуоха эбии кинини ийэтиттэн тэйитиллибит эһэ оҕотугар майгыннатта. Ону бэлиэтии көрөн, Маришкалаах Миичик күлэн тоҕо бардылар.
Мантан ыла Маришкалаах Миичик ураты, уустук сыһыаннара саҕаламмыта.
1998 сыл. Эмиэ күүтүүлээх сандал саас Сэргэлээххэ эргиллибитэ. Күн уһаан, халлаан лаппа сылыйан, таһырдьа күүлэйдиэххэ, таптал долгунугар уйдарыахха бэрт да бэрт.
Маннык үтүө күннэргэ Маришкалаах Миичик икки ардыларыгар, хара куоска кыбыллыбытыныы, Аанчык убайа Чаҕыл уол чаҕылыйан киирбитэ. Кини былырыын үөрэҕин бүтэрэн, куоракка үлэлии сатаан баран, тыаҕа тардыһан дойдутугар Чурапчылаары сылдьара.
Маришка бастаан Чаҕылы бүтэйдии сөбүлүүр этэ, кэнникинэн кинини көрбөтөҕүнэ суохтуур, биир кэм өйүттэн таһаарбат буола сылдьыбыта. Онтукатын, бэл, баар-суох дьүөгэтиттэн Аанчыктан кистиирэ.
Бүгүн Миичиктээх Маришка аатырбыт «Титаник» киинэҕэ барыахтаахтар. Дьон даҕаны бу киинэ тула кэпсэтии бөҕө. Сураҕа, киинэ бүттэр эрэ, көрөөччүлэр бары астынан ытыстарын таһыналлар эбитэ үһү. Оннук күүстээх иэйиилээх киинэ диэн бэҕэһээ Миичик кэпсээбитэ.
Киэһэ, болдьоспут сэттэ чаастарын саҕана, Миичик Маришкалаах уопсайдарыгар кэллэ. Вахтёр уолу үчүгэйдик билэр буолан, бэрт түргэнник аһарда. Кини бэрт холкутук, муннун анныгар киҥинэйэ-киҥинэйэ, Байбал Сэмэнэп тапталга анаммыт биллэр ырыатын ыллыы-ыллыы, Маришка хоһугар кэллэ. Арай ааны тоҥсуйан киириэх курдук гынан эрдэҕинэ, Маришка намыын куолаһа:
– Бу Кыайыы күнүгэр. Аанчыгы көр эрэ, хайдах туттубутун, – дии-дии күлэн кычыгыратта.
– Оттон бу кимий? – суон, сөҥ куолас сыыйан ыйытта.
Бу түгэҥҥэ Миичик хоско киириэх курдук дугдуҥнаан иһэн туттунна. Маришка сөҥ куоласка туох диэн хардарарын истээри, мэктиэтигэр тыынарын кыатана турда.
– Ээ, бу Мичил Харахутов. Көннөрү табаарыс, – Маришка ураты намыыннык эппиэттээтэ.
«Көннөрү табаарыс…» Эмискэ, күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитинии, бу тыллартан Миичик тыына хаайтарда, уопсай дьиэ кыараҕас көрүдүөрэ өссө синньииргэ дылы гынна. Миичик, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан кэбиспиттии, тугу да гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии турда. Ол да буоллар «сыыһа иһиттим ини» диэн бүччүм эрэллээх ааны сэрэнэн тоҥсуйда. Аан нөҥүөттэн эппиэт кэлэрин күүппэккэ, ыараабыт атахтарын аат эрэ харата соһон, хоско иһирдьэ киирэн кэллэ.
Арай көрбүтэ, Маришката биир уоллуун Аанчык оронугар олорон, хаартыска көрөллөр эбит. Миичик, күнүүлээн хараҕа ирим-дьирим да бардар, бу уол ким буоларын тута сэрэйдэ. Кини мөссүөнүн Аанчык фотоальбомугар үгүстүк көрөрө. Арай көрдөҕүнэ, кыыстаах уол хайдах эрэ олус ыкса сыстыһан олороллор эбит.
Миичик мэктиэтигэр уһун бэйэтэ кыччаан, сытыы бэйэтэ сыппаабыт курдук буолла. Манныгы эрэ көрүөм диэбэтэх буолан, саҥата суох кыбылла-кыбылла, кыыс аттыгар олоро биэрдэ. Маришка эмиэ ону сэрэйдэ бадахтаах, эмиэ буруйдаммыт киһилии туттан, кинини тулалаабыт уолаттар икки ардыларыттан туран кэллэ уонна долгуйбут куолаһынан:
– Миичик, билсэн кэбис, бу Аанчык убайа Чаҕыл. Чаҕыл Толбонов.
– Чаҕыл диэ… Ону мин хайыыбыный? – Мичил тыйыс соҕустук хардарааччы буолла.
– Эбэм биэрбит аата. Киһи аата олоҕор улахан суолталаах диирэ, – уол, туох да буолбатаҕын курдук, холкутук эппиэттиир.
– Аанчык ханна баарый? – Миичик иккис ыйытыыта судургу уонна дьикти буолла.
– Эдьиийбит аахха барбыта, сотору кэлиэ, – Чаҕыл эмиэ туох да буолбатаҕын курдук хоруйдаата.
– Оччоҕуна эн манна тугу гына сылдьаҕын? – Миичик күнүүлээбит санаатыгар бу тыллар кини уоһуттан өр да өр өһүллэн түстүлэр.
Чаҕыл эмиэ холку. Арай Маришка ыксаабыт көрүҥнээх.
– Балтым аахха кэлбитим, Маринаҕа кэлбитим. Көннөрү кэпсэтэ, билсэ.
Ордук тиһэх тылларыттан тэбиэһирэн, Миичик абарда аҕай, биллэрдик өһүргэннэ. Өссө диэ, кини манна өссө… кини Маришкатыгар соруйан, Аанчык суоҕар, билсэ кэллэҕэ. Ханнык быраабынан, ким этиитинэн, туох көҥүлүнэн…
– Эс, табыллыбат буоллаҕа! – диэтэ да Миичик охсуох курдук уолга өттөйөн кэллэ. Бу көрсүһүү тугунан түмүктэниэ эбитэ буолла? Араллааны соһуччу Чаҕыл Толбонов быһаарда. Эппиэт биэрэр санаата суоҕун көрдөрөн эбэтэр кэлэйбитэ бэрдиттэн, бу киһилиин аахсан да диэн диэбитэ эбитэ буолуо, биир хоруй тыла суох төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ, хос аанын сэгэтэн, тахсан баран хаалла.
– Куттас! Кус сүрэх! Кэлимэ манна! Маришка миэнэ, миэнэ эрэ. Өйдөөтүҥ! – Мичил уол кэнниттэн, арҕаҕын үрэйтэрбит эһэлии, хаһыытыы хаалла.
– Миичик, уоскуй. Хайдах буоллуҥ? Бүт эрэ! Аата сүрүн, – кини кэннигэр уолуйбут, ыксаабыт саҥаны истэн, Миичик дьэ өйдөннө. Эргиллэн, толору ойбон буола ууламмыт харахтаах Маришкатын көрөн аһына санаата. Ол эрээри кыыс Чаҕылга киниэхэ көннөрү табаарыс диэн эппитин санаан, түөрт атахтаах олоппос дуома турарын тыастаахтык туора хаһыйда. Кыһыйбыта, абарбыта билигин да ааспатах.
– Маришка, эт эрэ, эн, миэхэ… мин, мин… эйиэхэ көннөрү… табаарыспын дуо?
Кыыс саҥарбат. Арай нарын бэйэтэ, күүстээх тыалга үрдэрбит чэчир маһыныы, иэҕэҥнээн ылла. Миичик Маришка синньигэс тарбахтарын бобо тутан, бэйэтин диэки ыксары тарта.
– Тоҕо саҥарбаккын? Эбэтэр ити уолу таптаатыҥ дуу? Сыстаҥнаан бэрт сүрдээххин дии. Эйигин итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым.
– Эс, хайдах буолаҕын, Миичик, – кыыс сэниэтэ суохтук харарда, илиитин уолтан ыла сатаата.
– Оччоҕуна тугу гына олордугут?
– Көрбөтөҕүҥ дуо? Хаартыска көрө олорбуппут дии. Туох да кэтэх санаата суох.
– Оччоҕуна тоҕо миигин көннөрү табаарыһым диэтиҥ? Ама мин эйигин таптаабаппын эбэтэр биир да таптал тылын этэ иликпин дуу?
Маришка этэрим дуу, эппэтим дуу диэн иһигэр куутуйаламмыт санаатын өр соҕус сааһылаата. Онтон ээ, чэ, синэ биир дии санаат:
– Миичик, бырастыы гын. Ол эрээри биһиги сыһыаммыт хайдах эрэ… – Маришка хараҕын кистии туора хайыста.
– Эс, ол аата?.. Мин тугу да өйдөөбөтүм…
– Эн… дьиҥэр, куһаҕан уол буолбатаххын, ол эрээри мин эйиэхэ биирдэ эмэ таптал тылларын эппиттээҕим дуо? Уопсайынан, Миичик, мин эйигин таптаабаппын. Көнөтүнэн этэбин. Бэйэҥ да билэ, таайа сылдьар инигин? – кыыс эр санаатын киллэрэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тыын боппуруоһу түргэнник быһаараары, киниттэн утары ыйытта.
Миичик саҥарбат. Арай тулата барыта күлүгүрэн, бүдүгүрэн ыларга дылы гынна.
– Оччотугар… барыта албын, сымыйа дуо… Эн биһиги сыһыаммыт? Мин ыраас тапталым…
– Сымыйа да буолуон сөп… Эн улахаҥҥа эрэнэр буоллаххына… Мин эйигин хаһан да албыннаабатаҕым… Хара маҥнайгыттан… Аны эн миэхэ кэлимэ. Туох да ыраата, дириҥии илигинэ. Мин атын уолу таптыыбын… – Маришка бүтэһик тылларын иһиллэр-иһиллибэт нэһиилэ ыган таһаарда.
Миичик эмискэ кыыс илиитин туппутун төлө ыһыгынна, эмиэ тыына хаайтарда, тахсар ааны былдьаста. Маришка эппит бүтэһик тыллара сытыы быһах кэриэтэ эдэр сүрэҕи хайыта сууралаатылар. «Атын уолу таптыыр, атын уолу таптыыр… кэһэй-кэһэй», – дии-дии, таптыыр кыыһын саҥата өй дуораана буолан, кулгааҕар сөҥөргө, ньиргиэрдээх этиҥ буолан ньириһийэн чанчыгар иһиллэргэ дылы. Тула өттө барыта туман курдук бүдүк-бадык.
Хайдах уопсайын булан, хоһугар чопчу киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Арай Бүөккэ соһуйбут куолаһа кинини «уһугуннарда».
– Тыый, Миичик, туох буоллуҥ?!
Миичик туох да быһаарыы биэрбэккэ доҕоругар:
– Табахта аҕал… уонна биир бытыылка буокката, – эрэ диэн бөтүөхтээтэ.
Бүөккэ доҕорун хаһан да маннык дьүһүннээҕин өтөрүнэн көрбөтөх буолан, туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы буолбутун тута өйдөөтө уонна истигэн оҕолуу биир-биэс тыла суох, сиэбигэр табахтаах сылдьарыттан ороон киһитигэр уунна. Киһитэ түннүгүн бордууһунатын да арыйбакка, тута иҥсэлээхтик табаҕын уматтан, иҥсэлээхтик оборбутунан барда. Бу түгэҥҥэ Бүөккэ туох эрэ туһалааҕы оҥорон эрэринии, түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот, 5-с маҕаһыын диэки кыл тыынынан ыстанна. Миичик хоһугар соҕотоҕун олорон, табаҕын буруотугар чачайа-чачайа, үйэлээх сааһыгар табах буруотун бастакытын эҕирийбитин, маҥнайгы күүстээх таптал абылаҥыттан хомойбутун, хоргуппутун саныы-саныы, уйа-хайа суох ытыы олордо.
Өйүгэр араас өйдөммөт санаалар киирэллэр: Маришка хайдах да кинини сирэр буолуон табыллыбат. Ама, хайа кыыс кинини сириэхтээҕий? Урут дэриэбинэтигэр, билигин манна уопсайга, үөрэнэр да сиригэр, кэрэ аҥаардар ээр-сэмээр кыҥастаһалларын, кистии-саба сүгүрүйэллэрин эндэппэккэ сэрэйэрэ. Онтун үрдүктүк тутара. Сорохторун сэнии, мыына да көрөрө баар суол. Бэл, сытыы соҕустара тута билсиһэ охсон, киинэҕэ ыҥыралларын, тапталга билиниилээх сурук бөҕөтүн суруйалларын ахсааҥҥа да киллэрбэтэ. Онтунан холобурданан, уолаттарыгар киһиргии түһэр үгэстээҕин доҕотторо эмиэ бэркэ билэллэр.
Арай ити Маришка эрэ кинини болҕомтоҕо ылбат. Баҕар, соруйан гынара буолуо, күнүүлэтээри. Ол эрээри Маришка оннук буолуон сатаммат. Өссө баран, кэпсэтэн көрүөн баҕарталаата. Баҕар дьээбэлээбитэ буолаарай. Бээ эрэ, аны ити Аанчык убайын таптыыра эбитэ дуу? Ээ чэ, эмиэ күнүүлээтим дуу, сах. Маришка кимниин да сылдьыбат, мин ону бэркэ билэбин, сэрэйэбин.
Ити курдук Миичик син уоскуйан, санаата ыраах ханна эрэ тиийэн, аны нухарыйыахча буолан эрдэҕинэ, хоһун иһигэр Бүөккэтэ тыын быһаҕаһынан тыынан, атыннык көрөн-истэн көтөн түстэ.
– Чэ, Бүөккэ, кут арыгыгын. Өйбүн сүтэриэхпин наада. Маришка миигин үүрдэ, атын уоллаахпын диэтэ.
– Эс, ама? – Бүөккэ, туох буолбутун сэрэйдэр, төрүөтэ кыыска сытарын биллэр да, өйдөөбөтөх киһилии, элээр-мэлээр көрө-көрө остуолуттан икки ыстакааны ойутан аҕалан, орон диэки дьулурутта.
– Дьэ оннук… – диэтэ Миичик. – Аны мин олоҕум суолтата суох. Таптаан да диэн… Били эбэм этэригэр дылы «сибиинньэ оҕотун ииттэн да диэн»… Барыта таах сибиэ эбит.
Арай Миичик өйдөммүтэ ханна эрэ сытар… Төбөтө ыаҕастаах уу курдук. Онуоха эбии дэлби тоҥмут. Суорҕан баара буолаарай диэн онон-манан харбыаланан көрбүтэ, мас адарайга сытар эбит. Эмиэ да хайа эрэ диэки чугаһынан дьон тугу эрэ кэпсэтэн лабаҥхалаһаллара иһиллэргэ дылы. Саҥа таһааран саҥараары гыммыта – куолайа кууран иэдэйбит, этэ-сиинэ бүтүннүү таастыйбыт. Чаас ырааттаҕа, пааратыгар барар кэмэ да кэллэҕэ… Бүгүн өссө семинар буолар этэ дуу диэн туруох санаата баара да, илиитэ, атаҕа дэлби көһүйбүт, өссө ханан эрэ ыалдьар курдук ээ. «Хайдах-хайдах баҕайыный, бээ эрэ, бу ханна баарбыный?» – диэн тулатын көрүнээри эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, тимир эрэһиэҥкэлээх, таас өйөбүллээх «дойдуга» кэлэн сытар эбит.
Эмискэ Миичик төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи күн киинэ лиэнтэтин курдук онон-манан быста-быста, одоҥ-додоҥ элэҥнээн ааста. Бастаан Бүөккэлиин кыргыттар куһаҕаннарын, үөннээхтэрин, ол быыһыгар Маришка акаарытын ырытан эрэр этилэрэ. Дэлби чэпчээн хаалбыт курдуга. Онтон аны топпотох аатыран, биирдэ өйдөммүтэ маҕаһыыҥҥа турар эбит. Эмиэ да уопсайга киирэ сатаан тугу эрэ дакаастыы турар этэ, бадаҕа. Вахтёрдаах комендант дьэс алтанын курдук кыыһыран, айахтара кытарымтыйа умайыктанан эрэрэ көстөргө дылы… Салгыы кимниин эрэ охсуһан эрэр этэ дуу, тугу эрэ тоҕута сынньар этэ дуу, хайдах этэй? Оо, отой өйдөөбөт буоллаҕа. Эмиэ да кимниин эрэ уолуктаһан эрэр быһыылааҕа… Дьэ дьаабы быһыы буолбут бадахтаах… Аны арыгы иһиэ суохпун, кэбис.
– Мичил Харахутов, таҕыс, – диэн тыйыс, суон куолас иһилиннэ.
Миичик аат эрэ харата нэһиилэ тымныы эркинтэн тирэнэн турда. Бүтүннүү бадараан буолбут быата суох бачыыҥкатын булан, кэтэ сатыы турдаҕына:
– Харахутов, айгыста туруоҥ дуо?! Хамсанан ис, бэҕэһээ киэптиириҥ, киэбирэриҥ бэрт этэ дии, – диэн формалаах милииссийэ ыххайбытынан барда.
Миичик соһуйда, ол быыһыгар олус кыбыһынна. Хаһан даҕаны манныкка түбэспэтэҕин дьэ итэҕэйдэ. Хантан күүс-сэниэ ылбыта эбитэ буолла, хап-сабар тахсар аан диэки хардыылаата. Ол быыһыгар «бу барыта түүл, сотору уһуктуом» диэн бүччүм санаалаах формалаах киһини батыһан истэ.
Сотору-сотору күлүүс тыаһа хачыгырыыр, ыарахан ыйааһыннаах тимир аан аһыллан кыыкыныыра иһиллэр. Миичик букатын манныгы киинэҕэ эрэ көрбүт буолан, хаайыы амырыын сытын отой сөбүлээбэтэ. Бу иһэн: «Билигин таһаараллара буолуо, Бүөккэҕэ кэпсээтэхпинэ, арааһа, итэҕэйиэ суоҕа», – дии саныы-саныы мас ааннаах хоско кэллилэр. Кинини арыаллааччы милииссийэ ааны тоҥсуйда.
Миичик син сырдык, ол эрээри барыта быылынан, кумааҕынан «көмүллүбүт» кыараҕас хосхо киирэн, күөх формалаах, саас ортолоох киһи иннигэр кыһыл бүрүөһүннээх остуол аттыгар атахтарыгар туорайдаах олоппоско олордо.
Милииссийэ Миичиги чочумча одуулаан олордо, онтон биир тыынынан:
– Дьэ, табаарыс Харахутов, хас саастаах ыччаккыный, ханна үөрэнэҕиний? – диэн ыйытта.
– Сааһым сүүрбэ, историк идэтигэр, СГУ-га үөрэнэбин, – киэн туттардыы Миичик хоруйдаата.
– Сөп, дьэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, инникитин педагог буолар баҕалаах эрээригин тоҕо арыгыны иһэҕин уонна хаһааҥҥыттан амсайар буолбуккунуй?
– Арыгыны да? Бэҕэһээ бастакыбын боруобалаатым.
– Эс, ама дуу? Устудьуоннар иһэллэрэ-аһыыллара уруккуттан баар суол. Ийэҕин, аҕаҕын итинник албыннаа! – Пётр Петрович куолаһа дьиппинийэн барда.
– Кырдьык, бэҕэһээ бастакыбын боруобалаабытым, итэҕэйбэт буоллаххытына бииргэ олорор уолум Бүөккэ Ракитинтан ыйытыҥ, – Миичик, кырдьыгын балыйтаран эрэрин сэрэйбиттии, өрөсүһэ-өрөсүһэ саҥарда.
– Чэ, бастакыгын да буоллун… Ол эрээри Мичил Айаалович, эн манна арыгы эрэ иһэн тутуллубатыҥ, күлүгээннээн олороҕун. Ол эмиэ туһунан ыстатыйа. Тоҕо бэйэҥ киэҥҥиттэн атын уопсайга тиийдиҥ?
– Мин даа? – Мичил улаханнык соһуйда.
– Эн. Өссө общественнай миэстэҕэ айдаарбытыҥ, киэһээҥҥи чуумпуну уйгуурдубутуҥ таһынан, эбии хос түннүгүн үнтү сынньыбыккын.
– Эс, мин даа?! – Миичик букатын да уолуйа соһуйда. Ама, тугу да өйдөөбөт. Бу иэдээни, сааты-сууту.
Пётр Петрович кыһыл паапка иһиттэн хас да кумааҕыны ороон таһаарда:
– Бу 14-с куорпус комендана Захарова, вахтёр Петрова, 301-с хос олохтоохторо Иванова уонна Толбонова сайабылыанньалара сыталлар. Манна этиллэринэн, туох да эбиитэ суох, бэҕэһээ 10 чаас саҕана кэлэн, вахтаҕа айдаарбыккын, салгыы онно сөп буолбакка, аны 301-с хос түннүгүн тоҕута сынньыбыккын. Хос олохтоохторун ыт үрбэт, ынах маҥыраабат гына үөхпүккүн, кинилэргэ сааммыккын. Быһата, куһаҕан дьыаланы оҥорбуккун. Дьэ, туох диигин? Эмиэ сымыйа диигин дуу? Аны туран, уоскута сатаабыт табаарыс уолуҥ сыҥааҕын тоһуппуккун. Ити үһүс ыстатыйаҥ.
– Кими? Бүөккэни дуо? Эс… Мин тугу да өйдөөбөппүн, кырдьык этэбин… – Миичик төбөтүн санньытан, кубарыччы барбыт кырааскалаах муостаны одуулуу олордо.
– Дьэ, оччотугар тоҕо истиҥ уонна буруйу оҥордуҥ? Син туох эрэ сылтах, нууччалыы эттэххэ, «мотив» баар ини, – Пётр Петрович ураты сымсатык суон, модороон тарбахтарыгар күөх өҥнөөх, өтүүктээх платогун ылан, ачыкытын тааһын кичэллээхтик сото олордо.
– Ээ, туох… тапталтан…, кыыстан, чэ, диэххэ, – диэт, Миичик сирэйин эмиэ умса көрөн кэбистэ.
– Һа, кыыс, быстах таптал аайы итинник арыгылыыр эр киһи дьыалата дуо? Мөлтөх киһи быһыыта. Бачча эдэр эрээри. Сүүс тапталы көрсүөҥ. Оччотугар сүүстэ маннык быһыыланаҕын дуо? – Пётр Петрович кэлэйбитии сирэйин мырдыҥнатта.
– Чэ, уопсайынан, дьыала маннык: кыччаабыта усулуобунай син биир ылаҕын, силиэстийэ кэмигэр манна сытаҕын. Барыта быһаарылыннаҕына, иннэ-кэннэ билиннэҕинэ, сайабылыанньалаахтары кытта кэпсэтии бардаҕына, суут буоллаҕына эрэ босхолоноҕун. Барыта өйдөнөр? – Пётр Петрович олус түргэнник саҥаран добдугураппытын Миичик улаханнык өйдөөбөтөр да, төбөтүн иһигэр бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэн, үлүбээй кэҕиҥнии олордо.
Эмиэ тимир күлүүс халыгыраата, хаайыы тимир эрэһиэҥкэлээх ааннара күлэн аллараспыттыы кычыгыраатылар, түгэхтэн кэлэр дьаардаах сыт ыраас салгыны саба бүрүйдэ. Аппыт айаҕын сабар диэни билбэт адьарай дойдутун уйатыгар Миичик бастакы хардыыларын оҥорон эрэрин куойа маҥкытыгар ситэ оҕустарбакка, түүлүн-илэтин араарбакка, дьуһуурунайы кус оҕотун курдук батыһан истэ.
Маришкалаах Аанчык бүгүн, баскыһыанньаны өрөбүл күн диэбэккэ, эрдэ уһугуннулар. Миичик кэлэн айдааран-куйдааран, түннүктэрин тоҕута сынньыаҕыттан 3 эрэ хонук ааста. Маришка эмиэ да бэйэтин буруйданар курдук. Барыта хайдах эрэ. Аанчык Миичиги акаары, арыгыһыт, атаах эбит диэн наар дьүөгэтин өйдөтө сатыыр. Дьиҥэр, хара маҥнайгыттан Миичиги тэйитиэхтээх эбит, эрэл кыымын сахпакка. Ийэтэ куруук «Дьону хаһан да сэнээбэт, атаҕастаабат буол. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх. Киһи эйиэхэ киһилии сыһыаннаһар буоллаҕына тэйиппэт буол» диэн такайыыта дьайбыта эбитэ дуу?
Сарсыардааҥҥы чуумпуну үрэйэн, чэпчэки атах тыаһа уопсай синньигэс көрүдүөрүнэн тоһугураан кэллэ уонна ала-чуо кинилэр ааннарыгар тохтоон, тоҥсуйан тобугуратта. Онтон кыргыттар «даа-даа» диэн хаһыыларын кэннилэриттэн ааннарын аргыый сэгэтэн, Маришка ханна эрэ көрбүт эдэр дьахтара киирэн кэллэ. Ол эрээри, омос көрдөххө, эмиэ да эдэркээн кыыска маарынныыр курдук нарын быһыылаах, кэрэ сэбэрэлээх саас ортолоох дьахтар буоларын саҥатыттан тута сэрэйдилэр.
– Үтүө күнүнэн. Бырастыы гыныҥ, сэрэтиитэ суох соһуччу кэлбиппэр.
Дьахтар харда хоруй көрдөөбөккө, аан аттыгар турар олоппоско олордо.
– Мин Мичил ийэтэбин, Мария Ивановна диэммин. Эһиги кини тугу гыммытын билэҕит. Чэ, онон ырааҕынан эргитэ барбаппын. Оҕом үйэтигэр арыгы диэни амсайбатаҕа. Маннык быһыы-майгы буолбутуттан биһиги, чугас дьоно уонна аймахтара, олус айманныбыт. Онно эһиги эмиэ буруйдааххыт. Уолбун оннукка тиэрдибиккит. Ыраас тапталын сыыска-буорга тэпсибиккит. Ону туох… туохха кэллим. Эһиги оҕобор үтүөнү эрэ баҕарар буоллаххытына, сайабылыанньаҕытын төттөрү ылыҥ. Мин харчы да биэриэм этэ. Күҥҥэ көрбүт соҕотох чыычаахпын бу айылаах… – диэн баран, дьахтар уйа-хайа суох ытаан барда.
Дьахтар ыстакааннаах ууну омуннаахтык омурдан, арыый уоскуйа быһыытыйда. Иһитин остуолга төттөрү уураат, махтанар диэни да билбэккэ, дьүһүнэ уларыйа оҕуста, дьэбир, дьиппиэн көрүҥнэннэ. Кыргыттары өһүөннээх хараҕынан иккиэннэрин биир-биир өтөрү-батары көрөттөөтө. Онтон хараҕын Маришкаттан араарбакка эрэ:
– Эн дуо, Марина?
– Мин… – диэтэ Маришка аат эрэ харата.
– Мин буолан… Балыгы сиэбэтэх куоска курдук ньылбыйан олороҕун. Дьон олоҕунан оонньуурум сыыһа диэбэккин дуу? – дьахтар тыйыстык ыйытта. Бу кэмҥэ дьахтар хараҕа уоттанан, уостуун-хаастыын уһуктанан, мунна кырыыланан, сүтүк бааһа сирэйигэр ойууланан олус дьулаан көрүҥнэннэ.
– Бээ эрэ, эн тоҕо тута Маришканы буруйдуугун? Миичиги кини арыгылаппыт үһү дуо? Маришка кинини таптаабат, ону хайдах гыныай?! Биитэр хара күүскүтүнэн таптатаары гынаҕыт дуу?! – диэн айаҕа умайыктаммытын Аанчык бэйэтэ да кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
Дьахтар бу чобуо кыра кыыс тылларыттан ордук абарда быһыылаах:
– Көр да маны, сиртэн быкпакка сылдьан эрэ, өссө улахан, саастаах дьону утары саҥарбыт буола-буола. Бу дьүөгэҥ ол-бу араас буолан куймаҥалаабатаҕа буоллар, ама, мин оҕом итинниккэ түбэһэр үһүө?!. Туох ол баайдаах, чулуу дьонноох буолан, мин оҕобун бэйэтигэр тэҥнээбэтий?! Тугун сирэрий?!
Маришка соҕотох инбэлиит ийэлээх ыал оҕото буоларын хантан эрэ билэ-истэ охсубут быһыылаах диэн дьахтар тылыттан-өһүттэн тута сэрэйдэ. Эмиэ ийэтигэр курдук, сэнэбил, атаҕастабыл сыһыанын аан бастаан оҕотук ыраас дууһатыгар ыарыылаахтык ылынна.
– Ол мин соҕотох инбэлиит ийэ оҕото буолбутум мин буруйум үһү дуо?! Хайдах киһини итинник кэрээнэ суохтук сирэй-харах анньыахха сөбүй?! – бу кэмҥэ киниэхэ Уйбаныаптар өргөстөөх хааннара уһуктубутун Маришка бэйэтэ да сэрэйбэтэ.
– Өссө толоон оҕото инигин… – дьахтар сэтэрээн киирэн барда.
– Эһиги, уопсайынан, оҕоҕутун көмүскүү кэллигит дуу, биитэр, миигин үөҕэ кэллигит дуу? Мин ийэм, кырдьык, төрдө-ууһа биллибэт, тулаайах дьахтар, оттон аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Иванов Руслан Иванович диэн киһи кэрэмэһэ, үтүөтэ, киэҥ, халыҥ аймахтаах төрүт дьон төрүөҕэ этэ дииллэр. Өссө… – диэн эрдэҕинэ дьахтар сирэйэ көҕөрчү кубарыйан, өссө уһуурга дылы гынна:
– Уой… ама… ама… хайаан оннук буолуой?! – диэт, айаҕын ытыһынан бүөлэннэ. Туох эрэ ынырыгы билбит курдук, харыс да сири халбарыйбакка, хараҕа ордук кэҥээн, тэбиэһирэ уоттанан, Маришканы чочумча тобулу одуулаан дөйөн олордо. Дьахтар итинник быһыытыттан кыргыттар да соһуйдулар. Будулҕаннаах муора тута уостарыныы, дьахтар симэлийдэр-симэлийэн, бастааҥҥы кэрэ дьүһүнүн кэттэ. Онтон сэрэнэ соҕус:
– Эн оччотугар чахчы Руслан уонна Надя кыыстараҕын дуо? Павлик диэн убайдааххын? Чурапчы Мырылатыттан төрүттээххин? – диэн хос-хос ыйыталаһа олордо.
Маришка тугу да өйдөөбөтө. Ол эрээри бу дьахтар кинилэр олохторугар ханан эрэ сыһыаннааҕын, ону таһынан аҕалаах ийэтин, бэл, убайын хантан билэрин мунаахсыйа сатыы олордо.
– Сир төгүрүк диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Баҕар соһуйуоҥ, Марина, ол эрээри эн… эн аҕаҥ Руслан – мин бииргэ төрөөбүт убайым.
Маришка тугу истибитин отой да итэҕэйбэтэ. Олус соһуйда, бөтө бэрдэрдэ. Мэктиэтигэр кулгааҕа куугунаан, онуоха эбии мэйиитэ эргийэн, хоһун иһэ кус-хаас тойугунан туолан, күөдэллэнэн барда, хараҕа туймаарда. Ханна эрэ Аанчык чаҕаарар куолаһа айманар да айманар.
Онтон өй ылбыттыы, тулатын көрүммүтэ, оронугар чөкөллөн олорор эбит. Аанчык тугу эрэ айманарын, дакаастыырын тохтоппот. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Мария Ивановна икки хааһын түрдэһиннэрэн, көнө мунна кырыыланан, түннүгү мыҥыы турар эбит. Арааһа улахан толкуйга киирбит бадахтаах.
Тура түһээт, дьахтар эмискэ кыыс оронун кырыытыгар кэлэн, сэргэстэһэ олордо. Тугу да ыйыппакка, түннүккэ туран сааһылаабыт санаатын барытын тоҕо тэбээн кэбистэ:
– Дьэ, буолар да эбит. Хаһан эрэ ким эмэ Руслан кыыһын Миичигим таптаабытыттан оҕом маннык муҥҥа-сорго тэбиллиэ диэбитэ эбитэ буоллар, хаһан да итэҕэйиэ суох этим. Ол иһин эһиги хоскутугар тута киирээт, эйигин ханна эрэ көрбүт курдук санаабытым. Олох диэн дьэ дьикти… Аҕаҥ Руслан, оттон миэхэ убайым, миигиттэн биэс сыл аҕа этэ. Кини кырдык, ити эн эппитиІ курдук, олус үчүгэй киһи этэ. Оскуолаҕа киирэрбэр кини номнуо орто кылааска үөрэнэрэ. Ыал улахан оҕото буолан, куруук биһигини көрө-истэ сылдьара. Мин онуоха эбии олус атаах этим. Соруйан оҕолору кытта этиһэн, охсуһан баран, убайбар кэлэн үҥсээччибин. Оччотугар кини дьыаланы бэрт түргэнник быһаара охсооччу. Ол да иһин кинини дурда-хахха, эрэллээх эркин оҥосторум. Оскуолаҕа, университекка да сылдьан, арааһа, биир бастыҥ үөрэнээччи, устудьуон быһыылааҕа. Дьонум да киниэхэ олус эрэнэллэрэ. Бары кининэн киэн туттарбыт. Арай үөрэҕин бүтэрэн баран, аспирантураҕа ыҥырбыттарын аккаастаан кэбиһэн, барыбытын улаханнык соһуппута. Кимтэн да ыйыппакка, сүбэни-аманы көрдөөбөккө Чурапчылаан хаалбыта. Ол сүрүн төрүөтүнэн эн ийэҥ буоларын кэлин билбиппит.
Мырылаҕа бэһис кууруска практикалана тахсан баран, Наадьаны таптаабыт этэ. Ол иһин туох баарын умнан, тугу да быраҕан туран, дьонун тылын ылыммакка Чурапчылаабыта. Ол айыыта онон. Көр, оннук күүстээх тапталга ылларбыт этэ. Ону мин кэлин биирдэ өйдөөбүтүм. Оччолорго мин дьонум олус аймаммыттара. Ордук ийэлээх аҕам иэдэйбиттэрэ. Онтон ыла ийэҕин илэ хаама сылдьар абааһы кыыһыттан атыннык ааттаабат этилэр, толору киһинэн да аахпат быһыылаахтара. Мин эмиэ оннук дии саныырым.
Онтон кэлин оттомуран, олох олорон, Наадьаны аһына саныырым элбээбитэ. Сурах хоту этэҥҥэ олороргутун истэн, испэр үөрэр этим. Ол иһин улахан аньыыбытыгар-харабытыгар Миичик эйигин таптаатаҕа буолуо. Ама да оҕо сааһыттан эйигин балтым дии сылдьыбыта буоллар манныкка тиийэр үһүбүөт? Кыаммат-түгэммэт чугас дьоҥҥун тэйитэр, биллэн турар, иэстэбиллээх буоллаҕа…
Мария Ивановна ити курус уонна киһи өйүгэр тута дэбигис сааһыланан киирбэт кэпсээниттэн сылтаан Маришка элбэҕи эргитэ саныы сытта. Уйан, чараас дууһатыгар эмиэ да аймахтарыттан кэлэйэн, эмиэ да ийэлээх Миичиги аһынар санаата көбөн, бу кэпсии олорор эдьиийэ Мария Ивановнаны өйдүү сатыыр сырдык санаа сүүрээнэ өйүгэр охсулларга дылы. Арай өйдөөн көрдөҕүнэ, Миичик ийэтэ кини аҕатыгар олус да маарынныыр эбит. Оо, бу түгэҥҥэ арай аҕам аттыбар баар буоллун? Туох диэ эбитэ буолла?..
Маришкалаах Мария Ивановна хаан-уруу аймахтар, эдьиийдии-балыс буоланнар эбитэ буолуо, бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөстүлэр. Аттыларыгар арай туора киһи Аанчык, тугу да өйдөөбөтөҕө, арай айаҕа дьэ сабыллан, чуумпуран, эмиэ бэйэтин иһигэр элбэҕи эргитэ саныы, олох эридьиэстээх, ардыгар киһи өйүгэр үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн кулахачыйа эргийбитин таайа сатыы олордо.
Аҕыйах хонугунан Миичик таҕыста. Коменданы уонна вахтёру кытта кэпсэтэн, сайабылыанньаларын бэрт түргэнник ыллардылар. Маришкалаах Аанчык туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан Мария Ивановналыын билсибит күннэригэр тута быһаарсыбыттара. Онон Миичик тахсыбыт күнүгэр ийэлээх аҕата уолларын куорат киинигэр турар 3 хостоох дьиэлэригэр аҕалан, тото-хана аһатан баран, Маришка туһунан бэрт эрэйинэн кэпсээтилэр, хайдах табылларынан өйдөтө сатаатылар. Ол эрээри ийэлээх аҕатын киһини итэҕэппэт сэһэннэрэ Миичик өйүн түөрэ ытыйан кэбистэ. Онуоха ийэтэ ыксаан уолугар убайын хаартыскатын көрдөрдө да, киһилэрэ отой ылыммат курдук туттар. Кини иннигэр хаартыскаҕа олорор киһини билэр эбит эрээри, Маришка аҕата буоларын отой итэҕэйбэт. Дьоно соруйан кыыстан араараары ону-маны саҥараллар диэн өйө-санаата утарылаһар.
Онтон сылтаан киэһэ аны дьоно бэрт эрэйинэн Маришканы булан дьиэлэригэр аҕалан, уол иннигэр Маришка кыратыгар ийэлээх аҕатын кытта түспүт хаартысканы көрдөрдүлэр. Онно сырдык мичээрдээх, ыраас хааннаах кырачаан кыыһы түһэхтэригэр олордубуттарын көрөн, дьэ өйдүүр ийэтин убайа Маришка төрөппүт аҕата буоларын…
Миичик биирдэ өйдөммүтэ таһырдьа турар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куорат киэһээҥҥи сөрүүн салгынын түөһүгэр толору эҕирийэн, арыыйда чэпчииргэ дылы гынна. Ол эрээри бу аҕыйах хонук иһигэр түргэнник уларыйа охсубут олоҕун кылгас кэрчигин өйүнэн-санаатынан, эт мэйиитинэн ылыныан баҕарбата. Хайдах Маришка кини балта, уруу-хаан аймаҕа буолуой? Эс, син биир киһи итэҕэйбэт…
Миичик чугас турар киоска диэки эрчимнээхтик хардыылата. Сиэбиттэн аҕыйах мөһөөхтөөҕүнэн хаа табаҕы уонна биир улахан иһиттээх пиибэни атыыласта.
Онтон ыла күн-дьыл Миичиктээх Маришкаттан ыйыппакка бэйэтин киэлитинэн оргууй устан истэ. Арай биир үтүө күн Миичик уопсайтан арыгылаан, охсуһан үүрүллүбүтүн, сааскы сессиятын саппатаҕын таһынан, биир да күн үөрэнэ кэлбэтэҕин туһунан Маришкаҕа дьүөгэтэ Аанчык, этэрбэс араадьыйатын туһанан, сурах хоту кэпсии оҕуста. Маришка эмиэ санааҕа ылларда. Убайыгар хайдах эмэ көмөлөһүөн санаталаата.
Биир киэһэ сыал-сорук оҥостон «саҥа» аймахтарыгар тиийдэ. Бэрт эрэйинэн дьиэлэрин булла. Үнүрүүн массыынанан сылдьыбыта да, саатар, суолун-ииһин быһа-таһы умнан кэбиспит. Биэс этээстээх таас дьиэҕэ кэлбитэ утары тимир домофон тоҥуйдук көрүстэ. Онуоха эбии квартиратын нүөмэрин чопчу билбэт. Хайдах киирэрин мунаара сатыы турдаҕына, хата, ыт оҕотун уһун быанан сиэтэ сылдьар кыра саастаах нуучча кыыһа тахсан биэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Маришка иһирдьэ сылыпыс гынна. Сэрэнэн үктэнэн үһүс этээскэ таҕыста уонна хаҥас өттүгэр баар аан звоногун баттаата. Квартиратын 33-с нүөмэрдээҕин дьэ өйдөөн көрдө. Хаста да баттаабытын кэннэ тимир күлүүс хачыгырайа түһээт, дьэ аһылынна. Кыырыктыйбыт баттахтаах, сонос эрээри билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрэ илик саастаах эмээхсин иһирдьэттэн сыапка олуйуллубут аан нөҥүө кылайан көрөн баран, дьиктиргээбиттии Маришканы өр одууласта.
– Үтүө киэһэнэн… Мин бу Маришкабын ээ, Марина Ивановабын. Мария Ивановна баар дуо? – диэн дьиэлээх эмээхсинтэн толло соҕус ыйыталаста.
Онуоха анарааҥҥыта били маа бэйэлээх сымнаҕас сирэйэ таастыйан хаалла. Маришканы, уруккуттан билэр кыр өстөөҕүн соһуйа көрбүт курдук харахтара уоттанан, өтөрү-батары көрөн, баһыттан атаҕар тиийэ кыҥастаста.
– Кимиэхэ үтүө, кимиэхэ мөкү… Сытыган үөдэн, сирэҕэс, оҕобутун ситэри сиэбэккэ гынан баран, аны бүгүн кинини бүтүннүү ыйыста кэллиҥ дуо?! – диэн кэһиэҕирэ барбыт куолаһынан бөөҕүнээн, иннэ-кэннэ биллибэт кырыыс-сата тылларын кутан киирэн барда.
Маришка бөтө бэрдэрдэ. Куолайын туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ. Ону кытта икки иэдэһинэн хараҕын уута сүүрбүтүн билбэккэ да хаалла. Өйүгэр араас санаалар киирдилэр. Кини иннигэр хайалара турарын кыыс тута сэрэйдэ.
– Кимим баар диэҥҥин эн манна кэлэн, өссө дьон ыйыталаһа тураҕын?! Эмиэ ийэҕэр дылы илэ сиэхсит эбиккин. Биир оҕобор топпоккоҕут аны иккиспэр сананныгыт дуо?! Тыыннааҕым тухары икки харахпар көстүмэҥ! Урут даҕаны харалдьыкка хараарбыты, саахха төрөөбүтү ылымматаҕым, билигин да ылыммаппын! Киэр барыҥ! Баҕайылар, сиэхситтэр! Дьүгэлийиҥ! – дии-дии эмээхсин байааттаҥнаан тахсан, икки илиитинэн охсуох курдук салгыны хайыта сууралаата.
Маришка соһуччута бэрдиттэн саҥарар да, эппиэттэһэр да кыаҕын сүтэрэн, икки хараҕар тобус-толору уу баһыылаах тахсар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан, сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра, атаҕастабыл уонна сэнэбил тыйыс тыынын төрөппүт эбэтиттэн толору билэн, оптуобус тохтобулун диэки сүүрэ турда.
Онтон ыла Маришка майгыта тосту уларыйда. Аймахтарыгар кыһыйан-абаран, ийэлээх аҕатын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, туох баар кыаҕынан, сатабылынан үөрэх-билии улуу муоратыгар төбөтүн оройунан түспүтэ. Ол быыһыгар ийэтин сырдык, ыраас ыратын, аймахтарын сэнэбиллэрин, ыар атаҕастабылларын суурайан, ити санаата кэлин кэнчээри ыччат кэнэҕэскилээх сарсыҥҥытын устун дьулурҕатык, олох тэтимин хоту устан, ханна эрэ ырыых-ыраах симэлийэн хааларга дылы…
Оо, олох, олох…. Эн дьол икки, сор икки аргыстаах, ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах, эридьиэстээх, эндирдээх, арыт ыллык буолан тыргыллар, арыт киэҥ аартык буолан арыллар, сороҕор эргэ өтөх суолун омоонугар кубулуйар дьикти-дьиибэ тутуллааххын. Кими эрэ төбөтүттэн имэрийэн, албан ааты уруйдуур, кэскили түстүүр, сүдү талааны, күүһү-күдэҕи иҥэрэр, уйгулаах баайы-дуолу куду анньар, иэйиилээх тапталынан кынаттыыр ийэлии амарах, уйаҕас дууһалааххын.
Ол эрээри төрдү-ууһу, уруу-хаан аймаҕы билиммэккэ, күннээн-күөнэхтээн сылдьар, мин аҕай дэммит, икки атахтааххын, хаһан эрэ иннинэн сирэйдээх син биир эргиллэн кэлэн иэстэһэр, бэйэтиттэн да буолбатар, бэдэриттэн сойуолаһар, кэнчээритин кэнниттэн кэтинчэ да буоларыгар наадыйбат, кими да бырастыы гыммат ураты сиэрдээх айылгылааххын…
Татьяна Находкина-Татыйаана (III миэстэ)
Таптал кыыма сөҕүрүйбэт
Учительскай аанын күүскэ тэлэччи аһан, уон биирис кылаас салайааччыта Валентина Алексеевна тыастаахтык үктэнэн киирэн кэллэ. Кыыһырбытыттан сирэйэ үллэн хаалбыт, тутан турар сурунаалын остуолга күүскэ бырахпытыгар, сурунаал хайа эрэ лииһэ ортотунан хайа барар тыаһа иһилиннэ.
– Кыыһырбыккытын тоҕо сурунаалынан таһаараҕыт? – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Елена Егоровна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.
– Алдьаммыт буоллаҕына абырахтаныллыа, улахан эбит, – Валентина Алексеевна кыыһырбыта ааспат, тохтоло суох илиитин мускунарын быыһыгар төттөрү-таары учительскайы биир гына тилийэ хаамар.
– Валентина Алексеевна, олор эрэ, туох үлүгэрдээх кыыһырдыҥ? Туох буолла? – Елена Егоровна эйэ дэмнээхтик ыйытар.
– Аркадий Анатольевич, ама да ирдэбиллээх учуутал аатырбытын иһин, олус наһаалыыр. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Николаев Ньургуҥҥа «иккини» туруорбут. Ньиэрбэм барыта бүттэ. Уол оскуолатын бүтэрдэҕинэ үөрэххэ эбэтэр аармыйаҕа барыа этэ буоллаҕа. Кини да сөбүн иһэр дьонноох буолан эрэйи көрдө. Оҕо кыһалҕатын өйдөөбөттөр, – кылаас салайааччыта, сибилигин Аркадий Анатольевиһы көрсө түстэҕинэ, аахсарга бэлэм курдук туттар-хаптар, идэтинэн бинсээгин тохтоло суох аллара тардыммахтыыр.
– Ньургун Николаев, дьиҥинэн, тылга үчүгэй. Кэпсиир дьоҕурдаах. Мин саныахпар, историческайга эбэтэр юридическайга киириэн сөп, – Матрёна Григорьевна, история учуутала, кэпсэтиигэ кыттар.
– Сөпкө этэҕин. Булкуллар, ол иһин Биир кэлим эксээмэҥҥэ историятын, обществоведениетын эмиэ талбыта ээ, – кылааһын салайааччыта сөбүлэһэн, тохтоло суох кэҕиҥниир.
– Валентина Алексеевна, чэ, уоскуй, киһи наһаа өлөр-быстар проблемата буолбатах эбит. Учуутал үөрэнээччи олус наһаалаабытыттан кыһыйан туруорда ини. Уопсайынан, уон бииристэр учууталлары олус эккирэтиннэрэллэр. Эксээмэннэрэ муннуларын анныгар ыган кэлбитин да кэннэ кыһамматтар. Араастаан таҥна-таҥна уулуссаны эрэ кэриимнииллэр, – Альбина Николаевна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, бэйэтин санаатын биллэрэр.
– Чэ, ол Николаев Ньургун араастаан уларыттар-симэнэр таҥаһа да суох. Булан эттэххин, – Валентина Алексеевна өһүргэнэн, ааны күүскэ тыастаахтык сабан тахсан барар.
– Ама да кылаас салайааччытын иһин, олус көмүскэс. Бэйэтин төрөппүт оҕолоругар итинник өлөн-быстан кыһаныа суоҕа.
– Оннук, ол иһин ити кылаас учууталлары аанньа ахтыбат. Хаардыы хаамаллар.
– Ити быыһыгар кылаас салайааччытыгар, тустаахха, күн ахсын иһэр-аһыыр төрөппүтү кытта алтыһара эмиэ ыарахан. Дьиҥинэн, ыарахан кылааһы ахсыстан ыла сыһан-соһон сүрдээҕин үлэлэстэ. Хайа да учуутал ити кылааһы ылыан баҕарбатаҕа эбээт. Оҕолор төрөппүттэринээҕэр да үгүс бириэмэни атаарар быһыылаах, – учууталлар буолбут айдааны ырытыһан, аймалаһа түһэллэр.
Ити кэмҥэ Аркадий Анатольевич сурунаал кыбыныылаах, илиитэ бүтүннүү миэл буолан киирэн кэллэ.
– Хайа, Аркадий Анатольевич, тыыннааххын дуу? Сибилигин Валентина Алексеевна сиэх-аһыах курдук туттан-хаптан тахсыбыта, – Матрёна Григорьевна күлэ тоһуйар.
– Суох… Оҕолорун көмүскэһэн дьаабыланар ини. Билигин көрүдүөргэ утарыта ааһыспыппыт. Ол иһин ылардаах баҕайытык көрөн ааспыта. Николаев Ньургуҥҥа хайдах да «үһү» туруорар кыаҕым суох. Үөрэппэт. Үөрэтэрэ-ааҕара буоллар «түөркэ» да үөрэниэн сөп. Эбиитин сүрэҕэ суох, – Аркадий Анатольевич тирээпкэ булан илиитин соттор.
– Чэ, уһун перемена бүттэ. Бары да оҕолор тустарыгар буһа-хата сылдьаммыт бэйэ-бэйэбитин кэрбэһэн аҕай биэрэбит. Ньургун үчүгэйдик үөрэниэн дьиэтигэр усулуобуйата суоҕун бэркэ диэн билэбит, олус тутуспакка, үөрэҕин бүтэртэрэн кэбиһиэххэ баар этэ. Онтон кутуруктуу оонньоотохпутуна, бука, эһиил эксээмэн туттара кэлэрин, дьэ, билбэтим. Аармыйаҕа барыа, онтон харахпыт ортотугар, ханна да үөрэммэккэ-үлэлээбэккэ, дэриэбинэҕэ ускул-тэскил сылдьара чуолкай. Онон тугу туһанабыт? – Анна Денисовна, кырдьаҕас учуутал, сөбүлээбэтин биллэрэр.
– Оччоҕуна тоҕо үөрэтэбит? Үөрэппэккэ таһаартаан иһиэҕиҥ ээ, – Аркадий Анатольевич эппитин төлөрүтэр санаата суох.
– Баччааҥҥа диэри билии биэрдэрбит диэн үөрэтэ сырыттахпыт дии. Ол эрээри, оскуоланы бүтэрэллэрэ балтараа ый хаалбытын кэннэ, тутуһар-хабыһар табыллыбат. Оҕо инники дьылҕатын эмиэ өйдүөххэ наада, – Анна Денисовна, кэпсэтии бүппүтүн түмүктээн, улахан тэскэйбит суумкатын ылан, тахсан барар. Кини алын кылаас учууталынан 35 сыл үлэлээн, төһө да билигин 60 сааһын туоллар, оскуола администрацията тохтотуон баҕарбат. Үөрэнээччилэргэ чиҥ билиини биэрэринэн, улууһу ааһан, өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар үтүөлээх учуутала.